Дойдуга дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун,
поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110,
поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115,
норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа
Василий Николаевич Попов-Бочоох төрөөбүтэ 115,
үлэ, тыыл бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, тойуксут, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо
Константин Никонович Тихонов төрөөбүтэ 90 сылларыгар аналлаах улуустааҕы
ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАХ
хаамыыта
Буолар күнэ: Бэс ыйын 16 күнэ 2024 сыл
Буолар сирэ: Нам сэл., «Эҥсиэли» сынньалаҥ паарката
Буолар чааһа | Тэрээһин | Буолар сирэ |
02.30-03.00 | «Аламай күҥҥэ айхал!» күнү көрсүү сиэрэ-туома | Күнү көрсүү түһүлгэтэ
№ 9 |
09.00 | Ыһыах суолтатын, өйдөбүлүн туһунан иһитиннэриилэр, эҕэрдэлэр | Сынньалаҥ паарка бары түһүлгэлэригэр |
10.00-11.00 | «Ыалдьытымсах Нам сирэ, Эӊсиэли хочото!» ыалдьыттары көрсүү | Киин аарка №1 |
Күн устата |
«Нам сирэ – кэрэ мин дойдум!» Нам улууһун түмэллэрин холбоһуктаах быыстапката | Оҕо олоҥхолуур балаҕана
№ 5 |
«Нам улууһун уран уустарын оһуор мандар олоҕо» улуус уран тарбахтаахтарын, норуот маастардарын быыстапката, атыы-эргиэн |
Быыстапка павильона № 12 |
|
Р.Е.Попов – Стахановец Роман аатынан Нам улууһун саҥаны айааччыларын түмсүүтүн түһүлгэтэ.
|
||
11.00-13.00 | «Эҥсиэли кэхтибэт кэрэтэ» Эҥсиэли хочотун үрүҥ тунах ыһыаҕын аһыллыыта:
— арчылааһын сиэрэ-туома; — театрализованнай дьүһүйүү; — дьиэ кэргэттэр сомоҕо хаамыылаара; — алгыс сиэрэ-туома; — кымыс үрдүн охторуу; — бочуоттаах ыалдьыттар эҕэрдэлэрэ; — сомоҕолоһуу оһуохайа. |
Киин түһүлгэ
№ 2 |
13.00-14.00 | Түһүлгэлээһин | Түһүлгэлэринэн |
14.00 | «Сир ийэ тапталлаах оҕолоро — биһиги!» оҕо-аймахха аналлаах тэрээһин | Оҕо былаһаакката
№ 6 |
14.00-18.00 | Өбүгэ үгэстэригэр күрэхтэр:
— хапсаҕай; — мас тардыһыыта; — оҕунан ытыы; — бэчимэ тардыһыыта |
Киин түһүлгэ
№ 2 |
14.00 | «Олоҥхо дойдутун оһуора» олоҥхо дьоруойдарын ырыатын-тойугун толоруу күрэһэ | Туос ураһа
№ 3 |
14.00 | «Оһуохайбыт олохтоннун, саргыбыт салалыннын!» оһуохайга күрэс | Оһуохай түһүлгэтэ
№ 10 |
14.00 | «Дьиэрэй, тойугум!» тойукка күрэс
|
Эстрада түһүлгэтэ
№ 13 |
16.00 | «Алаас ырыата» норуот ырыатын толорууга күрэс | |
14.00 | «Сайыны уруйдуу!» Нам улууһун «Туллук хаара» ырыа айааччыларын түмсүүтүн эҕэрдэлээх кэнсиэрэ | Нэһилиэктэр түһүлгэлэрэ
№ 8 |
16.00 | «Дьиэ кэргэнинэн талыы-талба саха таҥаһа» улуустааҕы күрэс | |
14.00 | Поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110,
поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылларыгар аналлаах литература түһүлгэтэ |
Алгыстаах кымыс түһүлгэтэ №11 |
21.00-22.30 | «Олох устун» тыыннаах бөлөх эҕэрдэлээх түһүлгэтэ
|
Киин түһүлгэ
№2 |