Үчүгэй үүнүүнү ылла

Хамаҕатта олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Николай Дмитриевич Захаров сыл аайы хортуоппуй үрдүк үүнүүтүн ылар.

Быйыл 70-ча куулу хомуйан хас да ыалынан үллэстибиттэрин таһынан, ордорун атыылаан, дьиэ кэргэҥҥэ эбии дохуот киллэриннэ. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр даҕатан хайдах үрдүк үүнүүнү ыларын сүбэ бэрээдэгинэн кэпсиир:

— Сири үчүгэйдик оҥоруохха, уоҕурдуохха наада. Быйыл бааһынабар сылгы сааҕын  киллэрбитим, фрезалаабытым. Ыам ыйын бүтүүтэ олордубутум. Иккитэ-үстэ көмөбүн, онно анаан бэйэм культиватор оҥостубутум. Сыыс оттуурбар эт эрбиир станок эрбиитинэн тэрил оҥостубутум, олус туһалыыр. Сайын устата 3-4 төгүл помпанан күүскэ уу ыстарабын.

«Розара» уонна «Черный принц» суортары сөбүлээн ыһабын, балаҕан ыйын ортотугар хостуубун. Хортуоппуй үүннэриитигэр улахан кистэлэҥ суох. Саамай сүрүнэ: үлэ көрүҥүн барытын кэмигэр оҥоруохха наада.

Мария Винокурова

Читайте дальше