Үөрэнээччи сонун быыстапката

Хамаҕатта олохтоох библиотекатыгар В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицей 8 кылааһын үөрэнээччитэ Лена Аммосова быыстапката Оҕо көмүскэлин күнүнэн турда.

Лена сөбүлүүр дьарыга — конструктордары таҥыы, 5-8 мм кээмэйдээх пластмасс деталлартан японскай мультиктар геройдарын, онтон да арааһы дьаныһан оҥорор.
Бу аныгы сүүһүнэн-тыһыынчанан кып-кыра деталлаах конструктордар оҕону дьарыктыыр эрэ буолбакка, толкуйдуурга, 3D схеманы ааҕарга, объемнай гына оҥорорго үөрэтэр.

Оҕоҕо тулуйан ситэрэн таһаарарга дьулууру, тулууру үөскэтэр аныгы оонньуур ааҕааччыларга сонун буолла.

Мария Винокурова