Нам сэлиэнньэтин Чернышевскай уулуссатын суола (Алтан, ДНС, Светофор маҕаһыыннар суоллара) хаһан оҥоһулларый? Бу уулуссаҕа пешеходнай аҕыйах, тротуар олох да суох. Аны суол кытыытыгар турар массыына элбэх. Массыына элбэх ааһар. Сатыы киһиэхэ кутталлаах баҕайы суол, аптека , маҕаһыын сылдьарга. Өссө оҕолор олорор интернаттара баар.
Петр Сокольников, Ленскэй нэһилиэк баһылыга:
Ити сөптөөх этии. 2024 сылга Чернышевскай уулуссатын суола («Алтан», «ДНС», «Светофор» маҕаһыыннар суоллара) өрөмүөннэнэригэр Ленскэй нэһилиэк дьаһалтата суол министиэристибэтин фондатыгар куонкурска кыттарга сайаапка түһэрээри үлэ ыыта сылдьар. Бу куонкуруска кыайдахпытына ити суол өрөмүөннэниэн сөп буолар.
Суол өрөмүөнүн суумата улахан, ол иһин нэһилиэк дьаһалтата быстах, тута оҥоһуллуон эрэ сөптөөх алдьаныылары көрөн, бу сылга “ямочнай” өрөмүөннэри оҥорбута.
2022 с. “Проект организации дорожного движение” былаан оҥоһуллубута. Манна уларытыылары киллэртээн, бигэргэммит докумуоннарынан үлэ ытыллан “пешеходнай” оҥоһуллубута уонна суол бэлиэлэрэ турбуттара.
Тротуар чааһа олох ыарахан, бу кыайтарбат боппуруоһу өр сылларга туруорса сатыыбыт, бырайыак уонна үлэ сметатын оҥорорго сайаапка биэрии үлэтэ бара турар.
«Эҥсиэли» хаһыат