Бүгүн П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр, улууспутугар эрэ буолбакка, бүтүн республикаҕа киэҥник аатырар биир бастыҥ үлэлээх «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинэ урукку кэмин көрдөрөр «Хамаҕатта – HOLLYWOOD» быыстапканы туруорда.
Үтүө тэрээһин чэрчитинэн өр сыллаах үлэлэрин туоһулуур, араас сыллар кэрэ кэрэһиттэрэ буолбут, ууруна сылдьыбыт күндү малларын, кэм туоһуларын — кэппит мааны, сахалыы таҥастарын, олохтоох артыыстар көстүүмнэрин о.д.а. бар дьонугар көрдөрүүгэ таһаарбыттарын мустубуттар сэргии, кэрэхсии көрдүлэр.
Түмэл уонна сынньалаҥ киинин «Үлэ — дьол доҕуһуола» холбоһуктаах тэрээһиннэрин «Үрүлүйэр үлэ» түһүмэҕэр ырыанан, хоһоонунан үлэлэрин хоһуйдулар, ырыалары ыллаан дьиэрэттилэр. Ол кэнниттэн «Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай» оонньууга кытыннылар. Бу тэрээһин СӨ Үлэ сылыгар ананна.
Касьян Олесов