Үлэнэн дьолломмут Марковтар дьиэ кэргэн

Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны бөһүөлэгин олохтоохторо Мария Николаевна, Егор Елисеевич Марковтарга, комсомол уонна суоппар күнүн көрсө, кэпсэтэ, сэһэргэһэ тиийдим. Мин иннибэр остуолга уруһуй альбомун саһарбыт илиистэригэр ааспыт үйэ 70-с, 80-с сыллардаах боростуой хаартыскалардаах альбому бэлэмнээн, Мария Николаевна үөрэөтө көрүстэ уонна оргууй мин ыйытыыларбар эппиэттээн барда.

Комсомол — мин олохпор…

Мин 1971 с. Хатыҥ Арыытааҕы орто оскуоланы бүтэрэн «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» девиһинэн, Карл Маркс колхозка үлэлии тахсыбыппыт, сорохпут үөрэххэ барбыттара. 1979 с. отчуоттуур-быыбардыыр комсомольскай мунньахха Хатыҥ Арыы совхоз босхоломмут комсомольскай секретарынан талыллан 1980-1982 сс. үлэлээбитим. Үлэлиир сылларбар миэхэ сүбэһитинэн партком секретара Рехлясов Егор Павлович буолбута, киниттэн элбэххэ үөрэммитим, билигин да махтана саныыбын. Ол кэмҥэ комсомольскай тэрилтэбит 162 чилиэнтэн 204 чилиэҥҥэ тиийэ үүммүтэ, 100-тэн тахса 30 сааһыгар диэри ыччаттаах этибит. Биэс ыччат-комсомольскай фермата баара: Бөтүҥҥэ Степан Суздалов аатынан ыанньык фермата, наставник Евстафьева Ирина Антоновна, Кыһыл Дэриэбинэҕэ Комсомол XVII сийиэһин аатынан ыанньык фермата, наставник Корякина Анна Егоровна уонна үс бороон көрүүтүгэр Кыһыл Дэриэбинэҕэ «Бастыҥай» наставник Винокурова Анна Васильевна, Бөтүҥҥэ «Төлөн» наставник Потапова Нина Петровна, Искраҕа «Сарыал» наставник Слепцова Софья Степановна, Ноговицына Варвара Гаврильевна үлэлээбиттэрэ. Ону тэҥэ битэмииннээх бурдугу бэлэмниир Кириллин Николай Михайлович биригэдьиирдээх АВМ ыччат комсомольскай биригээдэтэ баара.

Үлэлиир кэммэр комсомольскай тэрилтэ үлэтин комсомольскай комитет салайара, сырдатара. Хас биирдии отделениелартан чилиэннэринэн буолбуттара: Кыһыл Дэриэбинэ — Никитин Радион Никитич, Искра — Иванова Зоя Васильевна, Бөтүҥ — Марков Роман Алексеевич, АппаныСлепцова Виктория Романовна, Ноговицын Дмитрий Иванович «Комсомольскай прожектар» хаһыат редактора этэ, мин Хатыҥ Арыы совхоз комсомольскай тэрилтэ босхоломмут секретара буолан бары бииргэ үлэлиирбит.

«Эн — комсомол, мин –дьолум»

Комсомоллар олус көхтөөх этибит, социалистическай куоталаһыыларга кыайылаах буоларбыт, араас фестивалларга, спортивнай күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттарбыт, өрүү инники сылдьарбыт. Агитационнай биригээдэ тэрийэммит сайын отчуттарга, биригээдэлэргэ, фермаларга, сайылыктарга кэрийэн политүөрэх ыытарбыт, кэнсиэрдиирбит, киинэ көрдөрөрбүт.

Мин саамай дьоллоох эдэр сааһым комсомол олоҕун кытта ситимнээх, комсомол элбэх ыччаты түмэрэ, ыччаты үлэҕэ көҕүлүүрэ, үтүө хаачыстыбалары иҥэрэрэ. «Комсомол» билигин баара буоллар, эдэр ыччаттарга «суолдьут» иитэрүөрэтэр биир бастыҥ оскуолата буолуо этэ.

  Общественница, күн күбэй ийэ, тапталлаах кэргэн

Мария Николаевна үлэ, сцена ветерана, биир бастыҥ общественница, иллэҥ кэмигэр хаартыскаҕа түһэрэрин, хоһоон суруйарын олус сөбүлүүр. «Мин төрөөбүт дойдум» хаартысканан, хоһооннорунан хас да сериялаах альбом  ааптара буолар. Кини көҕүлээһининэн Хатыҥ Арыы оскуолатыгар барар муоста аллеятыгар «Оскуола аллеятын» оҥорон, араас мастары, сэппэрээктэри олорпута, санаабыт санаатын тутатына тиэрдэр, кырдьык да, дьонун, нэһилиэгин сайдарыгар сүрэҕинэн ыалдьар биир бастыҥ киһибит. Тус бэйэбэр общественноһы кытта  үлэбэр сүбэһитамаһыт, наставник буолар.

Мария Николаевна дьахтар сэбиэтигэр, агитзона начальнигынан, 2002 с. кини бырайыагынан тутуллубут общественность балаҕаныгар сэбиэдиссэйинэн ананан, олус таһаарылаахтык үлэлээн кэлбит. Үлэлиир кэмигэр элбэх граннарга кыттан, араас бырайыактары суруйан олоххо киллэрбитэ, нэһилиэк общественнай түмсүүлэрин түмэн үгүс үлэ ыытыллыбыта. Мария Николаевна сыралаах общественнай үлэтин түмүгүн туоһута — элбэх грамоталар, дипломнар, нэһилиэк “За вклад в развитие МО “Хатын Арынский наслег” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.    

Күн сирин көрдөрбүт икки кыыс, икки уол, биир сиэн тапталлаах ийэтэ, эбээтэ буолар. Улахан кыыс Александра архитектор идэлээх, КУМИ начальнигын солбуйааччыта, кырачаан уол оҕолоох, Николай — слесарь-сварщик, НКТЭ үлэһитэ, Егор аҕатын туйаҕын хатаран тракторист, кэргэнинээн Александралыын ИП Марков В.Р. үлэлииллэр, кыра кыыс Надежда иитээччи идэлээх, «Сандаара» оҕо сайдар киинигэр сэбиэдиссэйинэн ананан быйылгыттан үлэлиир. Кэргэнинээн Марков Егор Елисеевичтыын олохторун холбоон  бииргэ олорбуттара номнуо 42 сыл буолбут. Билигин даҕаны төһө да сынньалаҥҥа олордоллор кэтэх хаһаайыстыбаларын көрөн, сайынын оттоон, сайылыкка сибиэһэй салгыҥҥа сайылаан, ньир бааччы олороллор.

Кэргэнэ Егор Елисеевич пятилетка социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх чемпион суоппара, тракториһа буолар. 2003 с. сынньалаҥҥа тахсан, 2010 с. үлэттэн тохтоон билигин дьиэтигэр олорор, уопсайа 50 сыл үлэ ыстаастаах, онтон 34 сыл суоппарынан, 13 сыл тракториһынан үлэлээбит дьоһун киһи буолар.

Сэрии ыар кэмнэригэр тулаайах хаалан аймахтарыгар Татьяна Моисеевна, Сидор Герасимович Стрекаловскайдарга иитиллибит, 13 сааһыттан үлэҕэ эриллэн Петр Сивцевка тракторист бырысыапсыгынан үлэлээн саҕалаабыт. Ол кэннэ техникаҕа сыһыаннаах уолу трактористар курстарыгар 1963 с. ыыталлар. Салгыы Беларусь, ДТ-75 тракторга үлэлиир, бааһыналарга бурдук, эбиэс ыһар, оҕуруокка уу ыстарар, от тиэйэр, ол курдук уонча сыл трактористаан үлэтин былаанын толорон улууска, совхозка чемпион аатын сүкпүт. Куоракка 1975 с. суоппар курсугар үөрэнэн кэлэн, бастаан молоковоз, бензовоз массыыналарга үлэлээбит. Кэлин ИМЗ-554 массыына5а суоппардаан нэһилиэк суоппардарын кытта Кангаластан чох таһан, Золотинкаттан комбикорм, Улахан Невер, совхоз, райпо о.д.а. тэрилтэлэргэ таһаҕас тиэйбит, комбайыҥҥа үлэлээбит, бу курдук совхоз ыһыллыар диэри үлэлээбит.

Егор Елисеевич үлэтин туоһулуур үтүмэн элбэх араас грамоталар, дипломнар, мэтээллэр, соцкуоталаһыы лиэнтэлэрэ бааллар. Ол, курдук үлэтин үрдүктүк сыаналаан Правительство В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээн «Килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэринэн, Комсомол киин комитетын знагынан, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Суоппар күнүнэн Егор Елисеевич бары суоппардарга тулууру, болҕомтолоох буолууну, көнө суолу, күөх уоту олохторугар дьолу, доруобуйаны, ханнык да ыарахан үлэттэн чаҕыйбакка иннин диэки дабайалларын, үтүө санаатын анаата.

Надежда СИВЦЕВА