Урут муус устар 22-гэр – Улуу эһэбит Ленин төрөөбүт күнүгэр күргүөмүнэн субуотунньукка тахсыы буолара.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Чэбдик» хаалыктаах хаамыы түмсүүтэ умнуллубат бэлиэ түгэни үйэтитэн, бу күн Аппааны сэлиэнньэтигэр Светлана Парникова олбуоругар турар бортовой массыынаҕа урукку кэми, эдэр саастарын санаан хаартыскаҕа түстүлэр. Светлана иһитиннэрбитинэн, быраата Владислав Иванович икки эргэ массыынаттан таҥан биир грузовой массыына хомуйбут. Урукку Сэбиэскэй сойуус кэмин санатар бэртээхэй экспонат буолбут.
Салгыы Галина Афанасьева сылгы аһатар далын ыраастаан суббуотунньуктаабыттар. Бу курдук “Чэбдиктэр” ыраас салгынынан тыынан, субуотунньуктаан, санаалара бөҕөргөөн тарҕастылар.
Надежда Сивцева