Ырыа кэрэҕэ угуйар суолталаах…

Ырыа туохтан үөскүүрүй… Ырыа үөскүүр үөрүүттэн, үөскүүр истиҥ иэйииттэн, төлөннөөх тапталтан, айылҕалыын алтыһыыттан, олох курус кэмнэриттэн… Ол да иһин буоллаҕа, ырыа киһи сүрэҕин ортотунан киирэн, дууһаны долгутар, абылыыр, киһи сүргэтин көтөҕөр дьикти күүстээх. Онон ырыа айар айылҕалаах дьон обществоҕа иитэр-үөрэтэр, кэрэҕэ уһуйар суолталара биир ураты миэстэни ылар.  Нам улууһугар «Туллук хаара» мелодистар общественнай түмсүүлэрэ 1978 с. республикаҕа биир бастакынан тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Бу сыл Намҥа мелодистар бастакы республикатааҕы семинардара буолбута.

Республикатааҕы композитордар уонна мелодистар семинардара. Нам с.,1978 с., сэтинньи 15 күнэ

Бүлүү бөлөх, илин эҥэр улуустарыттан барыта 100-тэн тахса мелодист мустан, 3 күн устата семинар буолбута. Композитордар В. Кац, З.К. Степанов,  В. Ксенофонтов, хормейстер Ф.А. Баишева теоретическай-практическай занятиелары ыыппыттара. Биһиги улуустан мелодистар И.А. Бубякин, А.Ф. Шестаков, И.Л. Христофоров, С.Н. Кудрина, М.Н. Елисеева, И.П. Решетников, И.А. Парников, Е.И. Колмогоров, Т.В. Сивцев, Е.Г. Сысолятин, Г.Г. Слепцов, Г.Д. Новгородов, А.Г. Дунаев кыттыыны ылбыттара. Биһиги, поэзиятыгар сүгүрүйэр киһибит, биир дойдулаахпыт,  поэт Н.М. Рыкунов түмсүүгэ «Туллук хаара» диэн аат биэрэн, сүрэхтээн турар. Ити кэмтэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри поэттар «Отуу уота», мелодистар «Туллук хаара» түмсүүлэрэ бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн айымньылаахтык үлэлии сылдьабыт.

Семинар түмүгүнэн Нам улууһун мелодистарын салайааччытынан самодеяльнай композиторы, ити кэмҥэ оройуоҥҥа, республикаҕа биллэр ырыалардаах Иван Афанасьевич Бубякины анаабыттара.  Эрдэттэн бииргэ алтыһан үлэлии сылдьар мелодистарын түмэн үлэтин саҕалаан барбыта.

Нам оройуонун мелодистара. 1984 с

Түмсүү бастакы чилиэттэринэн буолбуттара: Виктор Егорович Баишев (Үөдэй), Иван Афанасьевич Бубякин (Нам с.), Степанида Захаровна Бурнашева (Хамаҕатта), Александр Никитич Габышев (2 Хомустах), Григорий Семенович Гермогенов (Нам с.), Александр Григорьевич Дунаев (Хамаҕатта), Иннокений Павлович Дураев (Бөтүҥ), Валерий Ефремович Егоров (Нам с.), Роман Романович Егоров (Нам с.), Мария Николевна Елисеева (Нам с.), Калистрат Дмитриевич Еремеев (Хатыҥ Арыы), Юрий Данилович Иванов (Хатыҥ Арыы), Егор Иванович Колмогоров (Нам с.), Светлана Афанасьевна Константинова (Нам с.), Светлана Николаевна Кудрина (Хамаҕатта), Татьяна Петровна Кириллина (Бөтүҥ), Иван Петрович Решетников (Хатыҥ Арыы), Людмила Дмитриевна Рехлясова (Нам с.), Гаврил Гаврильевич Слепцов (2 Хомустах), Егор Гаврильевич Сысолятин (Граф Биэрэгэ), Илья Львович Христофоров (Нам с.), Афанасий Федорович Шестаков (Нам с.), Любовь Петровна Ядреева (Үөдэй), Захар Васильевич Винокуров (Нам с.), Афанасий Павлович Новгородов (Нам с.).

Иван Афанасьевич сатабыллаахтык салайан, ол кэмҥэ мелодистар олус көхтөөтүк нэһилиэктэр, оройуон, республика таһымыгар биллэн-көстөн, айымньыларын нотаҕа түһэттэрэн киэҥ эйгэҕэ тэтимнээхтик тахсан, көстөн барбыттара. Ырыа айааччылар айымньыларын кинигэҕэ таһааттарыыга үлэ барбыта. Ол түмүгэр 1993 с. «Саха мелодистара» диэн I-кы антология кинигэҕэ Нам улууһуттан композитордар В.А. Зырянов, И.А. Бубякин, Г.Д. Новгородов, мелодистар Е.Г. Сысолятин, А.Ф. Шестаков, С.Н. Кудрина, B.C. Татаринов, Г.Г. Слепцов, А.Г. Дунаев киирбиттэрэ.

2001 с. тахсыбыт «Саха сирин мелодистара” 2-с кинигэҕэ И.Л. Христофоров, М.Н. Елисеева, Е.А.  Кутукова, Т.Т. Эверстов, В.Е. Егоров, А.М. Шадрин, А.Т. Замятин, Т.П. Кириллина, А.П. Меркулов, Г.А. Дунаев киирбиттэрэ. 2015-2016 сылларга СР Ырыа айааччыларын сойууһа икки чаастаах “Саха ырыаларын антологията” кинигэни таһаарбыта. Манна эмиэ Нам улууһуттан төрүттээх биллиилээх композитордар, мелодистар киирбиттэрэ.

2001-2018 сылларга “Туллук хаара” түмсүүнү хормейстер Елена Александровна Кутукова салайбыта. Кини Иван Бубякин үлэтин салҕаан, бастатан туран, улуус ырыа айааччыларын айымньыларын нотаҕа түһэттэрэн үйэтитиигэ күүскэ үлэлээбитэ. Ол курдук композитор Василий Зыряновтыын Таастаах нэһилиэгин мелодист кыргыттарыгар, Бөтүҥ мелодистарыгар Татьяна Кириллинаҕа,  Кристина Макароваҕа, Надежда Макароваҕа уонна да үгүс мелодистарга ырыаларын хомуурунньугун таһааралларыгар күүс-көмө буолбуттара. Мелодистар айар киэһэлэрин көрдөрөр элбэх концертар туруоруллубуттара.

«Туллук хаара» түмсүү араас кэмнэрдээҕи салайааччылара: Бубякин И.А., Кутукова Е.А., Замятин А.Т.

2004 сыллаахха оҕо ырыаларын айааччы быһыытынан республикаҕа киэҥник биллибит мелодист Валерий Егоровтыын «Нам мелодистара» диэн кинигэ таһаарбыттара ырыаны таптааччыларга күндү бэлэх буолбута. «Туллук хаара» түмсүү үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтээһиннэр олус көхтөөхтүк, тэрээһиннээхтик бараллара. Түмсүү 30 сыллаах үбүлүөйүгэр төгүрүк остуол тэриллэн истиҥ кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолбута. Манна кыттыыны ылбыттара республикатааҕы ырыа айааччыларын түмсүүтүн салайааччылара Алексей Егоров, Степан Васильев, Владимир Корякин. Киэһээ өттүгэр мелодистар сэргэх концертара буолбута. Айар концертар тиһигин быспакка буолаллара. Холобур быһыытынан ахтан аастахха, 1989 сыллаахха таптыыр ырыаһыппыт, мелодиспыт Светлана Кудрина улахан айар концерын тэрийбиттэрэ. Ити кэмнэргэ биир умнуллубат бэлиэ түгэнинэн баянист, мелодист Илья Христофоров кэриэһигэр республиканскай ырыа күрэҕэ буолбута. Бу күрэххэ Илья Львович туһунан үгүс истиҥ санаалар этиллибиттэрэ, ахтыылар оҥоһуллубуттара.

Елена Александровна «Туллук хаара» түмсүү салайааччытын быһыытынан улуус мелодистарын айар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэриигэ, ырыаларын тарҕатыыга, үйэтитиигэ сыал-сорук туруорунан үлэлээбитэ. Радиоҕа, киин телевиденияҕа, олохтоох уонна республика хаһыаттарыгар үгүс материаллары таһаарбыта. Өссө биир дьоһун үлэтинэн буолар 2018 сыллаахха “Туойуоҕуҥ Эҥсиэли хочотун” диэн улуус мелодистарын төрөөбүт дойду туһунан ырыаларын түмэн кинигэ таһаарыыта буолар. Бу кинигэ улуус оскуолаларынан, нэһилиэктэр библиотекаларынан тарҕанан үгүстүк туһаныллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ улууспут улахан нэһилиэктэригэр ырыа куттаах, айар дьоҕурдаах дьон түмсүүлэрэ бааллар. Ол курдук Үөдэй нэһилиэгэр “Сыккыс” (салайааччы Валентин Константинов), 1 Хомустаахха “Ыллаа-ыллаа” (салайааччы Сардана Тумусова), Хамаҕатта нэһилиэгэр “Иэйии” (салайааччы Татьяна Гаврильева), Модут нэһилиэгэр “Санаа оһуора” (салайааччы Екатерина Лукинова-Сэргээнэ) түмсүүлэр олохтоох сынньалаҥ киин коллективын кытта биир санаанан алтыһан үлэлииллэр.

Сыл ахсын биирдии улахан республика таһымнаах тэрээһиннэри ыытабыт. 2019 с. кулун тутар 2 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” культура киинигэр “Ыллыыр-туойар Эҥсиэли хочото” улуус мелодистарын уонна ырыаһыттарын тэрийэн ыыппыппыт. Ону сэргэ ити сыл ахсынньы 19 күнүгэр “Ырыа алыптаах киэһэтэ” диэн “Туллук хаара” түмсүү мелодистарын айар киэһэтэ буолбута. Маны сэргэ мелодистар нэһилиэктэринэн гастроллаан сэргэх көрсүһүүлэр буолбуттара. 2021 сылга биллиилээх государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө киниэхэ аналлаах ырыалары айыыга аһаҕас республиканскай ырыа күрэҕэ буолбута. Бу сыл  сыл муус устар 10 күнүгэр Хамаҕатта “Түһүлгэ” НАДь-гэр поэт Василий Ушницкай-Сэки хоһоонноругар ырыа айыыга «Туоллун миэнэ сырдык ырам» диэн республиканскай ырыа айааччылар күөн күрэстэрин ыыппыппыт. Улууспут олорон ааспыт биллиилээх мелодистарын үтүө ааттарын үйэтитии – үлэбит биир сүрүн хайысхата. Ол курдук быйыл, 2023 сыл муус устар 7 күнүгэр, биллиилээх мелодист, самодеятельнай композитор Г. Г. Слепцов -Дьиэрэҥкэй төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах, кини үтүө аатын үйэтитэр, ырыаларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатар соруктаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрөөбүт алааскын эн таптаа” диэн ааттаах күрэх ыыттыбыт.  Ытыктыыр, киэн туттар композиторбыт Василий Алексеевич Зырянов төрөөбүтэ 85, ытыктыыр, сүгүрүйэр поэппыт Юрий Васильевич Потапов-Саргын 80 сылларыгар анаан эмиэ кэккэ тэрээһиннэр буолан ааспыттара.

Үлэ биир сүрүн хайысхатынан мелодистар айымньыларын нотаҕа түһэттэрэн үйэтитии уонна республика дьонугар-сэргэтигэр тиэрдии, тарҕатыы буолар. Ол чэрчитинэн билигин мелодистар ырыаларын нотаҕа түһэттэрэн материаллары түмүү үлэтэ бара турар. Ырыаны нэһилиэнньэҕэ тиэрдиигэ 104,3 каналга үлэлиир улуустааҕы “Эҥсиэли» араадьыйа (сал. Гаврил Мальцев) төһүү буолар. Маны сэргэ, республикатааҕы ырыа айааччылар сойуустарын туруорсуутунан «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньатын иһинэн араадьыйаҕа 107,1 каналынан биир чаастаах анал эфирнэй бириэмэ бэриллибитэ. Онон «Ырыа кырдала” диэн анал таһаарыы нөҥүө улууспут мелодистарын айар үлэлэрин республикаҕа киэҥник сырдатарга кыах үөскээбитэ. Сахаларга суруллубут суоруллубат диэн олус бэргэн этии баар. “Туллук хаара” түмсүү тэриллиэҕиттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри улуустааҕы “Эҥсиэли” хаһыаты кытта ыкса үлэлиир. Анал рубрика иһинэн улууспут ырыа айааччыларын туһунан сэргэх, сонун материаллар кэмиттэн кэмигэр тахса тураллар. Билигин түмсүүбүтүгэр биэс уонтан тахса ырыа айар талааннаах дьоннордоохпут. Мелодистар кэккэлэригэр саҥаттан саҥа дьоҕурдаах, ырыа куттаах ыччаттар үүнэн-сайдан тахсан иһэллэрэ барыбытын үөрдэр. Онон өбүгэлэрбититтэн утумнаан илдьэ кэлбит ураты тыыннаах сахабыт ылбаҕай ырыата инникилээх, кэскиллээх, салгыы сайдар дьылҕалаах.

Ырыа киһи санаатын көтөҕөр, киһи ис туругун күүһүрдэр, үлэҕэ, олоххо ылыммыт сыала-соруга туоларыгар, үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһарыгар кынаттыыр ураты күүстээх. Онон күндү ааҕааччыларбар олоххутугар өрүү ырыа аргыстаах буоларгытыгар баҕарыам этэ!

Нам улууһун «Туллук хаара» түмсүү сүбэ мунньаҕа, 19.04. 2023 с

Андрей Замятин, СР культуратын туйгуна, Нам улууһун, Ленскэй, Хатыҥ Арыы нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, СР ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, Нам улууһун “Туллук хаара” ырыа айааччыларын общественнай түмсүүтүн салайааччыта.