Үрүҥ тунах ыһыахха

Үрүҥ тунах ыһыахха
Өрөгөйдөөх үөрүүгэ ,
Үрдүк күнтэн алгыска
Үмүөрүһэ сэгэһэ

Эһиэкэйдээн эйээриэх ,
Оһуокайдаан доҕуйуох.

Унаар тырым айылҕа
Уйгу быйаҥ чээл күөҕү,
Уохтаах кымыс далбардаах
Уруйунан көрсүһэ,

Эһиэкэйдээн тэйиэххэ,
Оһуокайдаан ойуохха.

Күөн көрсүүгэ ,күрэххэ
Күүстээх кыайар үөрүүтэ,
Көмүс куолас кылыһах
Күөрэгэйдии дьиэрэтэ,

Эһиэкэйдээн эйээриэх,
Оһуокайдаан доҕуйуох.

Төбүрүөннээн үҥкүүгэ
Түһүлгэҕэ сиэттиһэ,
Эдэр дьоннор им кэйэ
Эйэргэһэ мичээрэ

Эһиэкэйдээн тэйиэххэ ,
Оһуокайдаан ойуохха.

Самаан сайын ыһыахха
Саха дьонун түмсүүтэ,
Санаа хоту салаллар
Саргыларын уруйдуу

Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай.

Татьяна КУЛИЧКИНА — ДЕДЮКИНА.