Юрий Слепцов: “Нам улууһа көмөнү умнуо суоҕа”

Халаан уутугар эмсэҕэлээбит Нам улууһун нэһилиэктэригэр күүс-көмө буолбут Саха сирин ЫБМ салаата бүгүн Эҥсиэли хочотуттан айаннаата. Чуолаан, улуус хоту нэһилиэктэрэ Маймаҕа, Хатырык, Модут, Граф Биэрэгэ улахан хоромньуламмыта. Үс нэһилиэк дьоно-сэргэтэ халаан уута олорор түөлбэҕэ маннык толору киллэрбэтэҕин чопчулуур.

“Уустук күннэрбитигэр бииргэ буолбуккутугар, ыарахаттары бииргэ ааспыккытыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Халаан уутун кэмигэр дьону эвакуациялааһыҥҥа, нэһилиэктэри чөллөрүгэр түһэриигэ кыһамньыгытын уурбуккутугар Нам улууһун аатыттан барҕа махтал. Нам улууһа эһиги көмөҕүтүн умнуо суоҕа”, – диир улуус баһылыга Юрий Слепцов.

Нам улууһун салалтата күүстэрин, санааларын ууран үлэлээбит, нэһилиэктэри өрө таппыт ЫБМ үлэһиттэригэр махталларын тиэртилэр. Үгүс этиттэриитэ суох улгумнук сөбүлэһэн кыһалҕалаахтарга көмөлөрүн ууралларын баһылыктар бэлиэтииллэр, ис санааларыттан махтаннылар. Ууга бэлэмэ суох олорбут нэһилиэктэр баһылыктара сулууспалаахтарга махтал суруктарын туттардылар.

Ыарахан эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьар дьоннорго дьиэ кэргэттэрэ куруук күүстээх өйөбүл буоллуннар диэн Модут нэһилиэгэ Ефим Гоголев баҕа санаатын эттэ.

“ЫБМ үлэһиттэрэ быһаччы эбээһинэспитин толорор күннэрбитигэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс техника ыытан, улуус, нэһилиэк салалталара биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан тута толорбуттарыгар махтанабыт”, – диэн ЫБМ хоруйдуур.

Харысхан Попов

Читайте дальше