Бүгүн, муус устар 30 күнүгэр И. С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы № -дээх орто оскуолата 2023 — 2024 сс. үөрэх дьылын иитэр-үөрэтэр салаатын отчуоттуур кэнсиэрэ буолла.
Кэнсиэри көрбүт дьон астынан, өрө көтөҕүллэн тарҕастылар. Төрөппүттэр оҕолорун сыанаттан одуулуу көрөн, харахтара сымнаан, сүрэхтэрэ ууллан махталлара үгүс.
Манна оҕолор эрэ буолбакка, учууталлар тэбис-тэҥҥэ үөрэнээччилэриттэн хаалсыбакка ыллаан дьиэрэттилэр, үҥкүүлээн өрө көттүлэр. Быһаччы эттэххэ, учууталлар оҕолору кытта үтүө сыһыаннаах үлэлииллэрэ харахха быраҕыллар. Бу ырыалара ылбаҕайа, бу хоһоонноро хомуллуулааҕа, кулгааххар кутуллан куллугуруурга дылы. Тыый, онтон үҥкүүлэрэ! Хайа бэйэлээх учуутал үҥкүүнү баһылаан оҕолорго тириэртэҕэ буолла, бу элбэхтэрэ, бу хамсаналлара тэҥэ… Манна көстөр — учуутал айымньылаах, кыһамньылаах үлэтэ.
Оскуола уонна төрөппүт биир дьиэ кэргэн, онуоха директор Николай Парников, көхтөөх төрөппүттэри чиэстээн махтал суруктарын туттартаата.
Түмүккэ, үөрэнээччилэргэ умсугутуулаах, көхтөөх, дьикти оскуола олоҕун баҕарабын! Ситиһиилээх үөрэх дьылын! Оттон учууталларга доруобуйаны, дьолу, махталлаах үөрэнээччилэри, саҥа ситиһиилэри уонна күүстээх санааны!
Лена Корякина