Нам улууһугар «Эрэл» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооператива туруктаахтык үлэлиир. Быйыл сыл устата 2190 т үүт соҕотуопкалыыр былааннаах. Былырыын бу кэмҥэ 1250 т үүтү соҕотуопкалаабыт буоллаҕына, билигин 7 ый түмүгүнэн 1400 т үүтү туппут.
Быйылгы кыстык үчүгэйдик ааста, үүт элбэх. Сүөһү көрөөччүлэр от сыата тиийбэт буоллаҕына, эбии аһылыгы – комбикорму, күөх маассаны туһаныылара улаатта. Бу күөххэ үүт туттарыыта эбиллэр. Билигин нэһилиэктэргэ кэтэх сүөһүлээхтэр ИП, бэйэ дьарыктаах буолуулара элбээтэ, бу сылга 10-ча киһи эбилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүт сыанатын үрдэттэ. Биһиги былааммытын үрдэтэргэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 410 т үүтү эбии тутарга сайаапкалаан олоробут. Бигэргэннэҕинэ сыллааҕы былааммыт 2600 т тэҥнэһиэ, — диир дириэктэр Ньургун Гуляев.
Кини сүөһүлээх, ааҕар-суоттуур дьон 1 ынах төбөтүгэр 38 тыһ. солк. төлөбүрү ылар оннугар, ынаҕы аахтара да буоллун, бэйэ дьарыктаах буолууга киирсэн эбэтэр ИП буолан балачча дохуоту киллэриэхтэригэр санаатын этэр. Холобур, 1 ынахтан сыл устата, ортотунан, 1,5 т үүтү ыан туттардаҕына, эмиэ ортотунан, 120 тыһ. солк. дохуот ылыан сөбүн быһаарар. Дьон бу хайысха барыстааҕын өйдөөн сыыйа ылсан эрэллэрин этэр. Ынах үүтэ – тылыгар
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сыллата «Эрэл» ТХПК 6 көрүҥ үүттэн оҥоһуллар бородууксуйаны – ынах арыытын, үүтү, суораты, творогы, сүөгэйи, чөчөгөйү оҥорорго сорудах биэрбитин толорорго туппут үүттэриттэн сылы эргиччи оҥороллор.
Былырыын тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүтү 1 л. 70 солк. туттарбыт буоллахтарына, быйыл 80 солк. тэҥнэстэ. Ол иһин үүт туттарыыта лаппа үрдээтэ. Улууспутугар 16 үүт тутар пуун үлэлиир, олортон Үөдэйгэ, Бөтүҥҥэ, Кыһыл Дэриэбинэҕэ төгүрүк сыл үүтү туталлар. Нэһилиэктэргэ Надежда Иавновна Попова, Александр Петрович Слепцов, Алла Борисовна Бережнева тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара үгүс үүтү туттараллар, бары элбэх ыанар ынахтаахтар. Быйыл, дьон этиитин, санаатын учуоттаан, сонун үүт аһылык оҥоһулунна– обрат оргутуллан иһиккэ кутуллан таҕыста, нууччалыыта — «Молоко питьевое обезжиренное». 1 л. 30 солк. тэҥнэһэр. Бу бородууксуйа Партизан нэһилиэгэр баар арыы оҥорор сыаҕар оҥоһуллар, 1л., 1,5л., 3л. упаковкаларга кутуллар. Бу бородууксуйа «Эрэл» ТХПК Файзуллин уулуссаҕа баар «Эрэл-ЭКО» уонна Октябрьскай уул. турар «Эрэл-1» анал маҕаһыыннарга от ыйыттан атыыга таҕыста. Маны хаһаайкалар номнуо сөбүлээн бурдук аһы астыырга, көөнньөрүллүбүт үүт аһылыгы бэлэмнииргэ, үүт утахтары оҥорууга, эбэтэр үүнээйилэргэ уоҕурдуу курдук туттарга хамаҕатык атыылаһан эрэллэр, — диир кылаабынай технолог Александр Винокуров.
Аны быйылгыттан бэйэ бородууксуйатыттан төгүрүк быһыылаах ыстакааҥҥа 200 гр. мороженай оҥорон таһаарыахтара. Нам улууһун дьаһалтата «Эрэлгэ» эбии дохуоттаналларыгар көмөлөһөн, үп көрөн, Алтай Барнаул куоратыттан анал тэрил атыылаһан Модут арыы оҥорор сыаҕар таҥмыттар. Үлэһиттэр бары үөрэнэн, үүт ас саҥа көрүҥүн оҥорон таһаарарга бэлэмнэр. Минньигэс мороженайы оҥорууга бастакы холонуулара табыллыбыт. Билигин Дьокуускайдааҕы стандартка уонна метрологияҕа киини кытта дуогабардаһан, тэрил ирдэбилгэ сөп түбэһэр анал декларациялара кэлэрин кэтэһэллэр. Туттулар да, мороженайы оҥорон, атыыга таһаарыахтара.
Хатыҥ Арыы үүтү тутар пууна үүт тутааччыга табыллыбакка, от ыйын ортотуттан үлэтин саҕалаабыт. Манна эдэр Петр Кычкин үүтү тутар, бэйэтэ олохтоох ветучаастак ветеринарнай фельдшерэ.
Эбии үлэ көрдөммүтүм, онно коллегаларым сүбэлээннэр, үлэлиэхпин сөп диэммин киирбитим, бу ый ортотуттан үлэлиибин. Дьиҥэр, элбэхтэр эрээри, 15 ыал үүт туттарар. Үүт сыата ким эрэ киэнэ 2,3-2,5 %, кимиэнэ эрэ 5,0 %-ҥа чугаһыыр, ортотунан, 3,2-3,6 % буолар. Үүт тутар емкоһым туолар, анал температураны тутан сойутабын. Үүт тиэйэр массыына сарсыарда 07:30 ч. кэлэн оботторон барар, Модукка илдьэр. Сарсыарда 08:00ч.-09:00ч., киэһэ 08:30-10:00 ч. диэри үлэлиибин. Дьон бириэмэтин тутуһар, — диир Петр Афанасьевич.
Икки оҕолоох эдэр ыал Кэбээйиттэн быйыл Хатыҥ Арыыга көһөн кэлбит. Дьиэ атыылаһан, олохсуйарга быһаарыммыттар. Үлэттэн чаҕыйбат эдэр киһи олоҕун бигэтик оҥостор.
Касьян Олесов-Олук