Биир дойдулаахпыт самодеятельнай композитор, талааннаах мелодист Захар Порфирьевич Винокуров кулун тутар 12 күнүгэр төрөөбүтэ 102 сыла буолла. Кини олорон ааспыт кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕун уонна айар үлэтин үөрэтэн, билэн, кини аатынан киэн туттуохтаахпыт. Кини айан хаалларбыт ырыаларын, музыкаларын билиэхтээхпит.
“Ким доҕордоох – ол дьоллоох” диэн өс хоһоонунан салайтараммын Захар Винокуров чугас доҕотторун туһунан билэргэ сананным. Доҕордоhуу диэн табаарыстаhыы үрдүкү чыпчаала буолар.
1953 сыллаахха саха нороднай поэта Семен Петрович Данилов ыҥырыытынан Дьокуускайга үрдүк профессиональнай таһымнаах композитор, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Грант Арамович Григорян кэлбит. Кинилэр биир эйгэлээх буоланнар олус чугастык, бэриниилээхтик доҕордоспуттар. Олус элбэҕи үлэлииллэр, айаллар, пианинаҕа оонньууллар эбит. Талааннаах, консерваторияны кыһыл мэтээлинэн бүтэрбит киһи Захары олус элбэххэ үөрэппит. Захар Порфирьевич композитор буоларын ситиһээри элбэҕи үлэлээбиттэр, анал үөрэх ыларыгар сыралыспыттар, онон Грант Григорян көмөтүнэн студент буолбут эрээри, доруобуйата мөлтөөн наар балыыһаҕа эмтэммит. 1955 сыллаахха Григорян редакциятынан Захар Винокуров «Дьол, үөpүү ырыалара» диэн ааттанан ноталаах бастакы ырыа хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбыт. Типографияҕа нотаны сатаан түһэрбэт буоланнар, доҕордуулар бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорбуттар. Хомуурунньук тахсыбытын кэнниттэн Захар Винокуров ырыалара киэҥник ылланар буолбуттар.
***
Супруненко Василий Александровичтыын доҕордоспутун олоҕун дьолунан ааҕар эбит. Киев уонна Ленинград консерваторийыгар доценынан үлэлии сылдьыбыт киһи ссылкаҕа кэлбит. 1950 сыллаахха Захар Винокуровы музыкальнай оскуолаҕа завуһунан анаабыттар. Үлэлиир кэмигэр Захар чиэһинэйин, кырдьыксытын, үлэтигэр бэриниилээҕин иһин Василий Александрович олуһун сөбүлээбит. Инникитин доҕордоһон дьиэ кэргэннэригэр кэтэһиилээх ыалдьыт буолар буолбут. Василий Александровиһы норуот өстөөҕө диэн туората сатаабыттарын Захар Винокуров кини талааныгар, билиитигэр олоҕуран көмүскэспит эбит. Саха сиригэр маннык биллиилээх музыкант киһи кэлбитэ дьолбут диир. Захарга үлэлииригэр ыйан-кэрдэн күүс-көмө буолбут, фортепианоҕа оонньуур техниката, дьарык ыытара сайдыбыт. Василий Александрович доруобуйата мөлтөөн, ыараханнык ыалдьан Томскай куоракка операцияҕа барбыт. Балыыһаҕа сытан куруутун сурук суруйан ыытар эбит, онно эппиэттээн Захар Винокуров эмиэ ыытар. Ити курдук, кинилэр бииргэ үлэлээн, хардарыта бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник санаһан көмөлөспүттэр.
***
Захар Порфирьевич дьылҕатыгар уонна кини музыкант быһыытынан сайдыытыгар Семен Сюльскай сүрдээх улахан оруолу ылбыт. Сюльскай Захар Винокуровы Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэр кэмнэриттэн завучтуур буолан үчүгэйдик билэр эбит. Ол кэнниттэн Захары Москватааҕы консерваторияҕа үөрэнэ барарыгар туһайар сурук биэрбит. 1947 сылтан ыла Захар Винокуров Дьокуускайдааҕы музыкальнай-драматическай театрга музыкальнай чааска сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Итиннэ үлэлии сылдьан саха поэттарын хоһоонноругар музыка айан холоммут. Үлэлии сырыттаҕына ыарыһахтары искусство эйгэтигэр үлэлэппэппит диэн ууратан кэбиспиттэр. Бу кэмҥэ Семен Семенович Сюльскай күүс-көмө буолбут. Кини үтүөтүнэн педучилище музыкальнай отделениятыгар преподователинэн үлэлии киирэн саҥа олох саҕаламмыт. Биирдэ Захары Сюльскай бэйэтигэр ыҥыран, детсад оҕолоругар аналлаах сахалыы хоһооннорго музыка айарыгар этии киллэрбит уонна эрэнэрин биллэрбит. Мантан сиэттэрэн талаана арыллан, санаата көтөҕүллэн 18 ырыаны айан таһаарбыт. Семен Сюльскай Захары кэрэҕэ уһуйан ыччакка анаан эмиэ ырыалары айбыт. Аҕа саастаах доҕоро үөрэнэргэ, айарга кынаттаабыт үтүө киһи эбит.
Захар Порфирьевич Винокуров олоххо көхтөөх, хайа да омук дьонун кытта биир тылы була охсор уратылаах, Москваҕа да үөрэнэр сылларыгар олус элбэх билэр киһилээх эбит. Биир идэлээхтээрин, санаалаахтарын кытары олус тапсан үлэлээбит, сайдыбыт. Талааннаах киһиэхэ, музыка, мелодия айарыгар чугас доҕотторо күүс-көмө буолбуттар. Захар Винокуров төһө да кылгас олоҕу олордор табаарыстарын көмөтүнэн элбэҕи айан хаалларбыт.
Арчылаан Аргунов, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын үөрэнээччитэ