1 Хомустаахха Оскуола күнүн бэлиэтээтилэр

Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн”, “Бочуот знага” уордьан кавалера, советскай потребительскай кооперация уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Дмитрий Федотович Алексеев аатын олорбут, үлэлээбит, туттарбыт Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгин орто оскуолата сүгэр. Сэтинньи 13-гэр, Д.Ф. Алексеев төрөөбүт күнүгэр, үтүө үгэс быһыытынан, Оскуола күнүн номнуо 11-с сылбытын бэлиэтээтибит.

Бэлиэ күнү ытыктыыр ветераннарбытын, ыҥырыылаах ыалдьыттарбытын, учууталларбытын кытта үөрэнээччилэр сүргэбит көтөҕүллэн көрсөбүт. Буола турар тэрээһиммит саамай сонун, үөрүүлээх түгэнэ И.И. Барашковка анаммыт мемориальнай өйдөбүнньүк бэлиэтин аһыллыыта буолла.

Иван Иванович өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар учууталынан, завуһунан, сэбиэдиссэйинэн, үөрэх салаатын инспекторынан, Дьокуускай уонна Бүлүү педтехникумугар преподавателинэн үлэлээбитэ. Саха тылын чинчийиигэ, үөрэтиигэ улахан кылааттаах. Кини туһунан ахтыыны уола СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, өр сылларга З. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын директорынан үлэлээбит А.И. Барашков, сиэнэ СР биллиилээх тренерэ У.А. Барашков уонна сиэн балтыта ХИФУ историческай факультетын преподавателэ, историческай наука доктора  С.И. Сивцева оҥордулар.

Д.Ф. Алексеев олоҕун аргыһа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Г.Г. Алексеева оскуола араас сыллаах выпускниктарын хаартыска-альбомнарын оскуола музейын салайааччыта, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ С.Н. Винокуроваҕа туттарда. Альбом киэҥ эйгэҕэ тахсан, оскуолабыт историятын кэрэһитэ буолан көрөөччү болҕомтотун тардыаҕа.

История учуутала А.И. Кейметинов РФ үөрэҕин министерствотын “Молодость и профессионализм” бэлиэтин дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолугар тутта. Д.Ф. Алексеев олоҕун, үлэтин сырдатар үөрүүлээх линейка кэнниттэн Дмитрий Федотович бүүһүгэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.

Түгэнинэн туһанан, мин  үөрэнээччилэртэн бастакы ыйытыкпар эппиэттииллэригэр көрдөстүм:

— Оскуолабыт күнүн суолтатын туһунан туох этэрдээххиний?

Мылаханова Сайаана, 11 кылаас:

— Үтүө киһи аатын үйэтитии — ытык иэспит. Кини олоҕо, үлэтэ биһиэхэ холобур буолар.

Бииргэ төрөөбүт убайдыы балыс Лиханов Влас, 9 кылаас уонна Лиханова Амелия, 5 кылаас:

— Биһиги Дмитрий Федотович чугас аймахпыт, хос эбэбит Елена Ионовнанан. Кини оскуолаҕа бастыҥ үөрэнээччи, университекка туйгун устудьуон этэ. Үлэни өрө туппут үлэһит үтүөтэ улахан салайааччыга диэри үүммүтэ. Биһиги аймах кининэн киэн туттабыт.

Иккис ыйытыкпын оскуолабыт салалтатыгар уонна гуманитарнай хайысха учууталларыгар биэрдим:

У.П. Атласова, оскуола директора:

— Д.Ф. Алексеев “Нам” совхозка директорынан үлэлии олорор кэмигэр биһиги көлүөнэ дьон оҕо сааспыт ааспыта. Д.Ф. Алексеев Хомустаахпыт ыччата бары өттүнэн сайдыылаах буоларыгар, бэйэлэрин холонон көрүнэллэригэр усулуобуйаны барытын тэрийбит эбит диэн дириҥ убаастабылынан ахтабыт. Ол курдук, спорт, культурнай-сырдатар олох, үөрэх эйгэтэ буоллун, кини онно барытыгар кыһаллыбыт диэн сыаналыыбыт. Кини туруорсан 1979 с. музыкальнай оскуола аһыллыбыта. Бастакы наборга киирэммин, оскуоланы бүтэрэрбэр баян кылааһын түмүктээбитим туһунан свидетельствоны туппутум. Онно кэлэн үлэлээбит О.М. Гроздовскай, З.В. Акимова курдук бары өттүнэн эргиччи сайдыылаах, үрдүк культуралаах учууталларга үөрэнэммит, кэнники киһи уонна личность быһыытынан сайдан тахсарбытыгар улахан оруолу ылбыта.

А.А. Томская , саха тылын уонна литературатын учуутала:

— Оскуолаҕа иҥмит аат – кэскиллээх, соргулаах. Хас биирдии үөрэнээччи, учуутал, дьиэ кэргэн уоһуттан түһэрбэт аата. Мунаах, буккуурдаах кэмнэргэ норуоттан бииртэн биир чулуу дьон тахсан бар дьоннорун араҥаччылыыллара. Ол курдук, улууспут салалтатыгар Д.Ф. Алексеев тахсыыта – кини кыаҕын-таһымын туоһута. Кини аата бука барыбытыгар сүбэ-соргу буоллун.

— Педагог уонна уһуйааччы сылынан үлэҕит, ситиһиигит туһунан санааҕытын үллэстиэххит дуо?

Т.П. Стручкова, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы:

— Педагог уонна уһуйааччы статуһун көтөҕөргө, үлэтин тупсарарга туһуламмыт тэрээһин туһунан оскуола бирикээһэ былырыын күһүн балаҕан ыйын 9 күнүгэр тахсыбыта. 11 эдэр учууталга 11 уһуйааччыны сыһыарбыппыт. Икки чаастан турар «Слово об учителе » диэн билигин үлэлии сылдьар учууталларбыт – уһуйааччыларбыт туһунан ыстатыйа хомуурунньугун бэчээттээн таһааран үлэбитин саҕалаабыппыт

 

Сыл аһыллыытыгар улахан ситиһиибит – Санкт Петербург куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы «Образовательные организации 21 века. Лига Лидеров» диэн күрэххэ кыттан «Образовательные технологии» номинацияҕа 1 миэстэни ылан Лауреат буолбуппут үөрдэр.

 

Учууталлар таһымнарын үрдэтэр иннигэр «Xomystars» методическай кулууп иһинэн күрэхтэргэ кыттабыт. Методическай десант тэрийэммит Дьокуускайдааҕы педколледжка уонна Тулагы орто оскуолатыгар сырыттыбыт. Маны таһынан, үгэскэ кубулуйбут Саха АССР үтүөлээх учуутала А.Я. Семенова кэриэһигэр аналлаах улуустааҕы нуучча тылын уонна литературатын учууталларын күрэҕин ыыттыбыт. 2023с. 2 өрөспүүбүлүкэтээҕи «Методическай ХАКАТОН», «Мuus ustar» фестивальга  уонна 2-с улуустааҕы күрэххэ «Мин уонна уһуйааччым», «УСПЕХ»  ситиһиилээхтик кытынныбыт. Бу уопуппутун улуустааҕы уонна Уус Алдаҥҥа үөрэх үлэһиттэрин олунньутааҕы мунньаҕар сырдатан турабын. Учууталларбыт ситимнээхтик, тиһигин быспакка араас таһымнаах күрэхтэргэ кытталлар, үлэлэрин уопутун тарҕаталлар.

М.Г. Конникова, гуманитарнай хайысха методическай холбоһугун салайааччыта, нуучча тылын учуутала; А.И. Кейметинов, история учуутала:

— Тохсунньуга 3 республикатааҕы «Педагогическай ХАКАТОН-2023» күрэҕэр биһиги оскуолабытыттан уһуйааччылар уонна эдэр учууталлар диэн икки хамаанда ситиһиилээхтик кыттыбыта. Үөрэх цифровой эйгэтин кытта ситимнээх араас интэриэһинэй бырайыактары көрдүбүт, лекция иһиттибит, экскурсияҕа сырыттыбыт.

А.Н. Колесова, Т.Д. Ермолаева, А.С. Соловьева – английскай тыл учууталлара:

— Сэтинньи 9-10 күннэригэр Бөтүҥ оскуолатын көҕүлээһининэн «УСПЕХ» диэн эдэр кылаас салайааччыта уонна наставник-кылаас салайааччыта кыттыылаах күрэх ыытылынна. Икки күннээх тэрээһин 4 түһүмэҕинэн ыытылынна:

  1. Кылаас чааһа
  2. Бэйэни билиһиннэрии
  3. Педагогическай ситуацияны ырытыы
  4. Иитэр үлэ бырайыагын көмүскээһин

Уопсайа 2 группанан 14 хамаанда кытынна: 7 кыра уонна 7 улахан оскуола. Түмүккэ 2 миэстэни наставник учуутал Т.Д. Ермолаева уонна эдэр учуутал Т.А. Жиркова ыллылар.

В.Л. Захарова, А.Н. Васильева – нуучча тылын уонна литературатын учууталлара:

— Чурапчыга ыытыллыбыт «Тыа сирин уонна үөрэхтээһин маарката» республикатааҕы педагогическай дьаарбаҥкаҕа «Тыл куйаара» бырайыагынан кыттан дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылбыппыт. Дьаарбаҥка чэрчитинэн, төгүрүк остуоллар, араас дискуссионнай былаһааккалар, лекциялар, күрэхтэр, куурустар үрдүк таһымнаахтык ааспыттара.

Д.К. Павлова, А.А. Томская – саха тылын уонна литературатын учууталлара:

— 2023 сылга анаммыт 1 Бүтүн Россиятааҕы, 3 өрөспүүбүлүкэтээҕи «Поэзия эйгэтигэр» хоһоонньуттар, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыһыл көмүс бөрүө» өйтөн суруйуу күрэҕэр бастакы миэстэни уонна улуустааҕы театральнай фестивальга «Бастыҥ туруоруу» анал ааты тыйаатыр-түһүлгэ оҕолоро ылан ситиһиилэннибит. Наставник учуутал А.А. Томская үлэтин уопута өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанан, бэчээккэ тахсан авторскай свидетельство ылбыта.

Түмүккэ ветеран учууталлар итии үүттээх чэйдээх, арыылаах алаадьылаах сандалы тула олорон  ааспыты аҕыннылар, билиҥҥини, кэлэри, кэскиллээҕи кэпсэттилэр. Дмитрий Федотович аата ааттана, көлүөнэҕэ салҕана турдун, сүбэ-соргу буоллун!

Дамир Иванов, 5 кылаас үөрэнээччитэ, «Хомустаах Ньургуннара» тыйаатыр-түһүлгэ иитиллээччитэ