171 үөрэнээччигэ көмө оҥоһулунна

Нам сэлиэнньэтигэр “Помоги собраться в школу” акция түмүктэннэ. Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата тэрийбит үгэскэ кубулуйбут акция атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри элбэх оҕолоох, үп-харчы өттүнэн ыктарар ыалларга көмөтүн уунна.

Үөрэнээччи оскуолаҕа үөрэх билиитин ыларыгар ирдэнэр: кэнсэлээрийэ табаардара, сурук-бичик тээбириннэрэ, тэтэрээттэр, оҕо уруһуйдууругар, айымньылаах үлэлэри оҥороругар наадалаах набордар.

Саҥа үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска барааччылар уонна оскуола оҕолоро толору бэлэмнээх буолалларыгар, тэрилтэ салайааччылара, предпринимателлар, биирдиилэн дьон “Помоги собраться в школу” акцияҕа көхтөөх кыттыыны ылан оҕолорго улахан көмөнү оҥордулар. Барыта 21 тэрилтэ, 5 предприниматель, 1 бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы уонна 3 нэһилиэкпит депутата.

Ол курдук, көмө оҥорооччулар 29 ыал оскуола саастаах 55 оҕотугар үөрэх тээбириннэрин туттарбыттара. Ону тэҥэ, акция чэрчитинэн байыаннай дьайыы кыттааччыларын дьиэ кэргэттэригэр – 25 ыал 42 оҕотугар бэйэлэрин көмөлөрүн биллэрбиттэрэ. Ити курдук, барыта 171 үөрэх кыһатыгар үөрэнэр оҕоҕо көмө оҥоһулунна. “Помоги собраться в школу” акциябыт саамай бастакы кыттааччыларын этэбит:  Н.С. Тимофеев аатынан РСШОР (А.П. Сильвестров) уонна “Домик у озера” турбаза (Л.Г. Кокарева).

Илиилэрин утары ууммуттарга, көмө оҥорбуттарга махтанабыт: Нам оройуонугар ОМВД (салайааччы И.М. Емельянов); МФЦ тэрилтэтэ (сал. Д.Т. Парникова-Рум); Намнааҕы киин балыыһа (сал. А.Н. Сергеев); «Эҥсиэли» хаһыат редакцията (сал. Л.А. Ноговицына); Намнааҕы «Энергосбыт» филиала (сал. О.Д. Кулаковская); Нам улууһун ветеринарията (сал. П.П. Окоемов); РЭС (сал. А.С. Васильев); ЦЗН (сал. Г.И. Николаев); НКТЭ (сал. Н.В. Игнатьев); П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аат. Олоҥхо дьиэтэ (сал. В.В. Колпашникова); Нам улууһугар ОФП уонна СС (сал. Е.М. Бурцев); Н.С. Тимофеев аат. РСШОР (сал. Р.Д. Негнюрова), И.С. Гаврильев аат. Намнааҕы 1 №-дээх оскуола (сал. Н.Г. Парников); Намнааҕы 2 №-дээх оскуола (сал. Н.П. Никонова); Н.С. Охлопков аат. улуустааҕы гимназия (сал. А.В. Новгородов); үөрэх киинэ (сал. В.П. Иванова); үөрэх управлениета (сал. С.С. Поротова); Бизнес-инкубатор (сал. А.В. Бочкарев); “Берегиня” (сал. М.М. Винокурова); «Ленскэй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата (сал. П.Г. Сокольников). Ону таһынан, махтал тыллары предпринимателларга Т.М. Кириллинаҕа, Л.Г. Кокареваҕа, О.В. Ивановаҕа, С.И. Макароваҕа, Е.С. Аммосоваҕа; бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы С.С. Даниловаҕа; нэһилиэк сэбиэтин депутаттарыгар Е.Е. Охлопковка, В.В. Сыромятниковка, И.И. Суздаловка уонна Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Л.Л. Кривошапкинаҕа.

Анна Слепцова,

Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын үлэһитэ

Читайте дальше