Нам улууһун дьаһалтатын 2023 сыллааҕы отчуотун улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайааччы Петр Сергучев салайааччылаах 3-с бөлөх 2 Хомустаахтан саҕалаата.
“2 Хомустаах сайдар, инникилээх, кэскиллээх нэһилиэктэргэ киирсэр. Улуус болҕомто уурарыгар, өйөбүл буоларыгар махтанабыт”, – диир баһылык Лев Новгородов.
Нэһилиэк олохтоохторун туох долгутарый? Сүрүн сытыы ыйытыы буолар: эргэ бөһүөлэктэн дьон толору көһөн тахсарыгар судаарыстыбаттан көмө харчы көрүллэрэ. Биллэн турар, аһаҕас турар боппуруоһу улуус бэйэтэ хайдах да уйуммат. Арай, Саха сирин правительствотын таһымыгар көтөхтөххө… Олохтоохтортон иһиттэххэ, эргэ бөһүөлэккэ ахсааннаах аҕам саастаахтар хаалбыттар.
“Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара. Манан сиэттэрэн элбэх оҕолоох эдэр ыалларга олорор нэһилиэктэригэр эбэтэр Нам улууһугар уһаайба сирэ биэриэхтэрэ дуо?” диэн аҕам саастаах киһи ыйытыы биэрэр. Үлэ былаанынан эдэрдэргэ уһаайба түҥэтии улуус үрдүнэн ыытыллар.
Уот ситимин үлэтигэр улуус үрдүнэн саҥа счетчик туруоруу киирбит. Холбонуу үлэлэр 2 Хомустааҕы таһынан, Нам улууһун нэһилиэктэригэр бара турарын, Нам сэлиэнньэтэ 40 % холбоммутун РЭС үлэһитэ иһитиннэрэр. Мантан ыла электрическэй прибордар розеткаларга холбонон турар түгэннэригэр, счетчик ааҕа турар буолуоҕа. Олохтоохтор уот ситимигэр саҥа сүүрээн киирэн эрэрин соччо сэҥээрбэтэхтэрин биллэрдилэр. “Дьиэбэр счетчик туруоруохтарыттан, уоту улаханнык туһаммат бэйэм, счетчик наһаа элбэҕи аахпытыттан соһуйан эрэ хаалбытым” диэн этии иһилиннэ.
Маныаха тэҥнээн көрдөххө, уунан-хаарынан хааччыллыылаах дьиэлэргэ (благоустройство) эмиэ счетчик туруоруу сылларыгар нэһилиэнньэттэн саҥа-иҥэ баара. Ол да буоллар, сөптөөхтүк туһанааччы сүүйүүлээх буоларын хас да дьиэ кэргэнтэн истэн турабын.
2 Хомустаахха ититии ситимэ 100 % киирбит. Ол эрээри, ититиигэ кирдээх уу холбоһоруттан батарея бүөлэнэн дьиэҕэ сылааһы биэриитэ мөлтүүр. Манан сиэттэрэн, олохтоохтор батареяны ыраастыыр өҥө, эбэтэр ОДьКХ үлэһиттэрэ ылсаллара буоллар диэн этиннилэр. Манна нэһилиэк үгүс олохтооҕо эрэйи көрсөр эбит.
Ону тэҥэ, 2 Хомустаах уопсастыбаннай сирдэригэр ыттар көҥүл босхо сылдьаллара эмиэ кыһарыйар эбит. Холобура, оскуолаҕа хаһаайыттарын кытта кэлэр ыттар үгүстэрэ бэлиэтэнэр. Олохтоох дьаһалта өттүттэн ыттары утары үгүс үлэ ыытыллар эбит эрээри… Буоларын курдук, нэһилиэнньэ өттүттэн утары дьайыы суоҕа хомотор…
Биирдиилээн ыйытыылар медицина, үөрэх салаатыгар турдулар. Баржа ыларга көмө көрүллэрэ, үүт собуота, гараас, дьоҕус баһаарынай чаас тутуулара көтөҕүлүннүлэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Нам улууһун өрүс уҥуор нэһилиэктэригэр баһаарынай чаас төрүт суох.
Эдэр специалистар тиийбэттэрин кэпсэттэххэ, манна үгүс нэһилиэк эрэйи көрсөрө кистэл буолбатах. Хас нэһилиэк аайы “Ханна баалларый быраас идэтигэр үөрэнээччилэрбит? Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ бары ханна үлэлии баралларый?” диэн өйдөбүл баар. Дьиҥэ, тыа сиригэр ыччат кэлэн үлэлииригэр бары усулуобуйа барыта баарын баһылык Лев Николаевич бигэргэтэр.
“Отчуокка кэлбит нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр махтанабын. Олохтоох дьаһалта нэһилиэк инники сылларга хааччыллыылаах буоларыгар араас хабааннаах суоллары көрдүүр, ырытар.
Төһөнөн сайдан иһэбит да, кэҥииргэ турунабыт. Олохтоох бигэ толкуйтан биир холобуру быктардахха, биһиги нэһилиэк “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” судаарыстыбаннай программаҕа киириитэ буолар. Маны таһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар үтүө толкуйдар, үөрэтиилэр баалларын эбэбит.
Холобура, судаарыстыбаннай программаҕа ситиһиилэннэхпитинэ, хас да тэрилтэни үлэлэтэр баараҕай комплекс тутуутун олоххо киллэрэбит. Өскөтүн табыллар түгэнигэр, манна кулууп, баһаарынай чаас, үүт собуота биир сиргэ тэҥинэн үлэлиэҕэ. Аһары бардахха, оскуола интернатын да киллэриэххэ сөп. Инньэ гынан, хас да салааны тэҥинэн үлэлэтэр, үгүһү үмүрүтэр бөдөҥ дьиэни биирдэ сүүйэн ылабыт.
Биир хамаанда буолан үлэлээтэхпитинэ кыайыыга эрэллээхпин”, – диэн кэпсиир 2 Хомустаах баһылыга Лев Новгородов.
Олохтоохтор кэпсэтиилэриттэн иһиттэххэ, ыйытыылара быһаарылларыгар эрэллээхтэрэ көстөр. Урукку сыллартан туруорсан кэлбит боппуруостарын салалтаҕа этэн-тыынан быһаарбыттарын, олоххо киллэрбиттэрин билиҥҥи 2 Хомустаахха көрөбүт. Онон бүгүн отчуокка кэлбит 60-тан тахса киһи улуус үлэтин биһириирин биллэрдэ.
Эрэллээх, үлэһит, дьонун туһугар тылынан эрэ буолбакка, дьыалатынан көрдөрөр баһылыктаах нэһилиэккэ инники сылларга ситиһиини баҕарабыт!
Харысхан Попов