2 Хомустаах оскуолатыгар баай-талым дьаарбаҥка буолла

Кыстыкка бэлэмнэнии түбүгэ бүтэн, Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто агро-оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2023» дьаарбаҥка сэтинньи 17 күнүгэр тэрилиннэ. Үөрэнээччилэр кылаастарынан тус-туһунан остуолларга бурдук ас арааһын: минньигэс тортары, бөрүөктэри, пиццалары, алаадьыттан бэрэскигэ тиийэ, идэһэ эттэн, балыктан, үүт астан, отонтон араас бүлүүдэлэри сыа-сым курдук астаан, сиэдэрэйдик киэргэтэн атыыга таһаарбыттар.

Дьаарбаҥка кыттыылаахтара остуол хотойорунан тардыллыбыт, сыаналара ыйыллыбыт астан-үөлтэн, саха ыала сөбүлүүр, урукку да, аныгы да ырысыаптарынан бэлэмнэниллибит бүлүүдэлэртэн, атыыга тахсыбыт сибэккилэртэн ордорбуттарын хамаҕатык атыыластылар. 1 миэстэни 10 кыл. (кыл. сал. Л.Р. Маркова), 2 м. — 4 кыл. (кыл. сал. Я.П. Рожина), 3 м. – 3 кыл. (кыл. сал. У.А. Старкова) ыллылар.

Кылаас салайааччылара, учууталлар төрөппүттэри кытта бииргэ үлэлэһэн, дьиэ хаһаайкалара оҕолоругар сүбэлээн, көмөлөһөн минньигэс, тотоойу астар астаннахтара, дьиэ кэргэн кыһыҥҥы хаһааһыттан өлүүлээн баай-талым дьаарбаҥка буолла. Дьоро күҥҥэ улахан дьон онно тиксэн, үөрэ-көтө атыылаһан, амсайан астынныбыт.

Л.Е. Пестрякова, нэһилиэк общественнига

Читайте дальше