Быйыл Нам улууһугар халаан уута улахан ороскуоту таһаарда. 2 Хомустаахтар сыл аайы ууга барар бөһүөлэк буолан, эрдэттэн бэлэмнэнэн сүөһүнү-сылгыны арыыттан, кытылтан хомуйан, үөһээ алаастарга, мыраан үрдүнээҕи бөһүөлэккэ — анаан оҥоһуллубут хааччахха хаайан, сүөһүгэ, сылгыга өлүү тахсыбата. Ол оннугар эргэ бөһүөлэккэ намыһах сиргэ олорор ыаллары уу балачча ылла. Онон хамыыһыйа кэрийэн көрөн, тустаахтарга көмө кэлиэ диэн бигэргэттэ.
Уу кэлэн аастаҕына, халаан уута аҕалбыт бөҕүн, маһын-отун хомуйуу улахан субуотунньугунан эрэ кыайыллар. Норуот күүһэ—көмүөл күүһэ. Бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр, аллараа бөһүөлэккэ уу аҕалбыт, үөһээ Сэргэлээххэ бөх тоҕор сыбаалкаҕа, ойуурга ыһыллыбыт бөхтөрү хомуйуу субуотунньуга күргүөмнээхтик ыытылынна. Элбэх тэрилтэ, дьон-сэргэ таҕыста. Аллараа бөһүөлэккэ билигин да тиэллэр мас-бөх бу күннэргэ түмүктэниэн наада. Техника сүрүн күүс буолара биллэр.
Олохтоох дьаһалта салалтата субуотунньукка кыттыбыт дьонугар-сэргэтигэр, тэрилтэлэригэр махтанан бу курдук суруйар: «Бүгүн ыытыллыбыт нэһилиэк субуотунньугар кыттыбыт чааһынай техникалаах, трактордаах уолаттарга Гаврил Ивановичка, Ким Кимовичка, Алексей Валерьевичка, КАМАЗ массыналаах Иннокентий Александровичка улахан Махтал! «Хомус» оҕо-сад, оскуола (техникалара ПАЗ автобус — суоппар Алексей Афанасьевич, МТЗ трактор), НКТЭ ПУ коллектива (салайан илдьэ сырытта Денис Денисович), олохтоох дьаһалта, сынньалаҥ киин, библиотека коллективтарыгар уонна туора турбакка биирдиилээн кэлэн субуотунньукка кыттыбыт дьоммутугар, онтон аллараа бөһүөлэккэ уу аҕалбыт бөҕүн харбааһыҥҥа кыттыбыт ветераннарбытыгар Лидия Егоровнаҕа, Анастасия Федотовнаҕа, Вера Николаевнаҕа, Зинаида Семеновнаҕа барҕа Махтал буоллун! Дойдубут, нэһилиэкпит куруутун ыраас, сибиэһэй салгыннаах буоллун, айылҕабытын харыстыаҕыҥ!».
Кэлбит уйгу-быйаҥ сайыҥҥа олохтоохтор олорор түөлбэлэрэ ыраас-чэбэр буоларын туһугар тахсан күүс-көмө буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах