Нам улууһун баһаарынайдара баһаарынай-прикладной спорт призердара

Нам улууһун баһаарынай сулууспатын үлэһиттэрэ Хаҥаласка ыытыллыбыт Саха сиригэр XIX Спартакиадатыгар ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Республикаҕа Үлэ сылыгар анаммыт Спартиакиадаҕа өрүс уҥуор уонна киин улуустар кыттыыны ыллылар – Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай куорат сүүмэрдэммит хамаандалара.

Покровскай куоракка атырдьах ыйын 16-18 күннэригэр баһаарынай-прикладной спорт көрүҥнэригэр Нам улууһуттан 21 киһилээх хамаанда тэриллиилээхтик күрэхтэспитин улуустааҕы ОГПС начальнигын солбуйааччы Николай Парников иһитиннэрэр.

“Уопсай түмүккэ Нам улууһа 33 очукуолаах 3 бириистээх миэстэҕэ таҕыста. 2 миэстэ – 29 очукуолаах Таатта уонна кыайыыны 16 очукуолаах Хаҥалас хаһаайын-хаһаайын курдук кыахтаахтык, эрэллээхтик бастаата”, – диир Николай Алексеевич.

Көрүҥнэринэн көрдөххө, намнар бары түһүмэххэ эриэ-дэхситик кыттыбыттар. Бастакы күҥҥэ биһиги улууспут сүүмэрдэммит хамаандатын “табыллыы” тумна ааспытын Николай Парников этэр. Ол курдук, хамаанда мэһэйдээх 100 м сүүрүүгэ 7 миэстэҕэ тэбиллибитэ элбэҕи таайбыт, охсубут.

Ол эрээри, хамаанда кылгас кэмҥэ хомуллан, өрө тардынан “табыллыыны” бэйэтин диэки хайыһыннарарга эккирэтэр. Үһүс этээскэ кирилиэһинэн тахсааһыҥҥа (штурмовая лестница) түргэн туттууну-хаптыыны көрдөрөн үһүс миэстэ уонна “газодымовая служба” түһүмэххэ 4-үс буолар.

Иккис күн. Спортсменнар биэс көрүҥҥэ күрэхтэспиттэриттэн, баһаарынай бойобуой таҥаһы таҥныыга, өрүһүйэр, быыһыыр быаны баайыыга (закрепление спасательной веревки) төрдүс миэстэлэри ылаттаабыттар. Оттон түрүбүөгэ биллэриитинэн суһаллык хомуллан айаҥҥа туруу, магистральнай линияны холбооһун, үһүс этээскэ кирилиэһинэн тахсааһын түһүмэхтэригэр иккис миэстэ буолары ситиспиттэр.

Үһүс быһаарыылаах күҥҥэ, намнар баһаарынай эстафетаҕа иккис уонна бойобуой куоталаһыыга үһүс миэстэлэри ылбыттар.

Нам улууһун баһаарынай сулууспалаахтарын сүүмэрдэммит хамаандата үһүс миэстэҕэ тахсан балаҕан ыйын ортотугар салгыы финалга кыттар быраабы ылбыт. Финалга Бүлүү бөлөх, киин уонна хоту улуустар үстүү хамаандалара бастыыр иһин көрсүөхтэрэ, бары күүһү түмүөхтэрэ.

Николай Парников тылыттан, күрэхтэһииттэн ордук Хамаҕаттатааҕы МПЧ-3 начальнига Сергей Гоголев бэлиэтэммитэ көстөр – Хаҥалас улууһуттан биэс мэтээл иилинэн кэлбит. Хамаанда биллэр спортсменнара – Игорь Софронеев (Нам), Александр Дьяконов (Модут), Семен Охлопков (Нам), Афанасий Матаннанов (Нам) бааллар. Ону тэҥэ, сүүмэрдэммит хамаандаҕа былырыын киирбит эдэрдэр куһаҕана суохтук кытыбыттар. Хамаанданы эҕэрдэлиибит!

“Барыларын бириэмэлэрэ суумаланар бары көрүҥҥэ биэстии киһи кыттар. Холобура, биэс киһиттэн түөрдэ таһыччы бириэмэни көрдөрдөҕүнэ даҕаны, биир атахтаныыттан кэннигэр хаалыахха, тэбиллиэххэ сөп. Онон, бастакы уочарат манна биир киһи курдук бигэ туруктаах буолуу уонна хас биирдии хамаанда чилиэнэ бары кыаҕын, күүһүн ууран туран күрэхтэһэрэ ирдэнэр.

Намнааҕы 1 нүөмэрдээх баһаарынай чаас начальнигын солбуйааччы Семен Охлопков улахан күүс-көмө буолбутугар махтанабыт!” – диир ОГПС начальнигын солбуйааччы Парников.

Харысхан Попов

Читайте дальше