Нам улууһун кииннэммит библиотекатын (директор Майя Софронова) телеграм-ханаала (namlib) Үөдэйтэн төрүттээх Аҕа дойду Улуу сэриитин байыаһа Ядреев Тимофей Прокопьевич флягата көстүбүтүн туһунан суруйда.
Бу 80-тан тахса сыл уһуннаах эриэккэс булумньу туһунан сиһилии билиһиннэрдэххэ маннык:
Соторутааҕыта библиотека namlib телеграм-ханаалыгар Белоруссия республикатын Новополоцк куоратын 2-с №-дээх оскуолатын “Бойобуой Албан аат” музейын фондатын сүрүн харайааччыта Ксения Антонова эриэккэс булумньу көстүбүтүн туһунан суруйбут. Кини үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, аймаҕын кытта, Витебскай уобалас Новополоцк куорат чугаһынааҕы үрэххэ балыктыы сылдьан фляга булан ылбыт. Булумньуну сиһилии сыныйан көрүү түмүгэр, онно баар суруктан быһаарыллыбыта, бу Аҕа дойду Улуу сэриитин байыаһа Ядреев Тимофей Прокопьевич флягата буолара биллибит.
Тимофей Прокопьевич 1941 сыллаахха Намнааҕы байыаннай комиссариатынан ыҥырыллыбыт. Сэрии кэмигэр икки төгүл «За отвагу», «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт эбит.
Библиотека үлэһиттэрэ уталыппкка Ксенияны кытта видеосибээһинэн көрсөн кэпсэппиттэр. Историяны интэриэһиргиир, сэдэх булумньу дьылҕатын туһугар долгуйар дьону кытта билсэр, көрсөр олус үөрдүбүтүн бэлиэтээбиттэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Белоруссия республикатын Новополоцк куоратын 2-с №-дээх оскуолатын “Бойобуой Албан аат” музейын фондатын сүрүн харайааччыта Ксения Антонова Намнааҕы библиотекаҕа «Солдаты Победы: славные сыны земли Намской» сайт нөҥүө сибээскэ тахсыбыт.
Билиҥҥитэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи реликвияны Тимофей Прокопьевич төрөөбүт дойдутугар, Намын улууһугар, аҕалыы туһунан боппуруос быһаарылла сылдьарын иһитиннэрбиттэр.
Хаартыскалар: Намнааҕы библиотека
Лена Ноговицына