Дойду президенэ Владимир Путин 2024 сылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Сыл ситимнээх буоларыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сиригэр Оҕо саас, улуус баһылыга Юрий Слепцов Нам улууһугар Оҕо спордун сылларынан биллэрдилэр. Нэһилиэктэрбит баһылыктара эмиэ маныаха сыһыаннаах сыллары биллэрбиттэрэ хайҕаллаах.
Нам улууһугар бүттүүн дьиэ кэргэнинэн спорду кытта доҕордоһор, олохторун ситимнээбит ыаллар элбэхтэр. Хамаҕаттаҕа Дунаевтар күтүөттэрэ Павел Иванову кинилэр истэригэр ааттыахха сөп. Билигин Дунаевтартан гиирэнэн дьарыктаналлар – Ян Дунаев уонна биллэҕэ Альберт Кобяков.
“Гиирэнэн дьарыктан диэн Хамаҕатта олохтооҕо Николай Харитонов көҕүлээбитэ. Маҥнай Партизаҥҥа улуус чемпионатыгар күрэхтэһэн, гиревиктэртэн баспын быһа илгистэн турардаахпын”, – диир өрөспүүбүлүкэ 8 төгүллээх кыайыылааҕа Павел Иванов.
Оттон Ян Дунаев Россия маастарыгар кандидат. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ гиревиктэригэр киирэр. Ян ситиһиитэ – улуус, өрөспүүбүлүкэ, Россия таһымыгар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһии. Альберт Кобяков улуус хас да төгүллээх чемпиона, өрөспүүбүлүкэ кыайыылааҕа, призера.
Маны тэҥэ, Павел Гаврильевиһы спорка аймахтарын эрэ сыһыарбыта диир хобдох. Нам улууһугар гиирэ спордугар элбэх киһини киллэрбитэ, омуннаан эттэххэ, хамаҕатталары барыларын гиревик оҥордо. Оттон көрүҥү тарҕатааччы, көҕүлээччи, бүтүн улууһу өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр киллэрбит Павел Иванов бэйэтэ аан бастаан хайдах саҕалаабытай?
Павел Иванов хамаҕатталарга күтүөт буолуоҕуттан, гиирэнэн 2003-04 сылларга дьарыктанан саҕалаабыт эбит. Өйдүүрбүнэн, сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэр уол спорт дьиэтигэр дириэктэрдиир сылларыгар, спорт дьиэтин үчүгэйдик бэрээдэктээн, эр киһилии кытаанахтык тутан салайбыта. Биһиги улаатыахпытыгар диэри спорт саалаҕа уулусса бачыыҥкатынан киирбэт, ыһа-тоҕо сылдьыбат буоларбыт.
Күүстээхтик дьарыктанан улууска бэйэтин көрдөрөр. Быйыл 2024 сылга гиревик үбүлүөйдээх 20-с төгүлүн бастаата. Маннык уһун тыыннаах спортсменнар спорт элбэх көрүҥнэригэр үгүстэр. Биир оннук киһинэн Владимир Колтовской буолар. Владимир Алексеевич гиирэ спордугар 1994 сыллаахтан күрэхтэһэр.
Аан бастаан Партизаҥҥа буолбут чемпионакка эргилиннэххэ, гиирэ спордугар Саха сирин сүрүн тренерэ Василий Дьячковскай дьарыктыыр ЯПУ устудьуоннара 24 кг ыйааһыннаах гиирэлэри 60-на, 80-на өрө анньаллар эбит. Өрөспүүбүлүкэ уонна “Манчаары оонньууларын” кыайыылаҕа Егор Хабаров ол күн 75 кг ыйааһыннаах гиревиктэргэ 24 кг гиирэлэри 100 көтөхпүт. Онно маҥнай саҕалыыр гиревик Павел өйүгэр “киһи хайдах 100-тэ көтөҕүөн сөбүй” диэн өйдөбүл хатаммытын ахтар. Манна даҕатан эттэххэ, мин оҕо сылдьан 2005-06 сыллардаахха, сайын ыһыахха Павел Иванов 24 кг гиирэлэри 120-тэ өрө анньыбытыттан саллыбыппын, сөхпүппүн өйдүүбүн.
Куруук тимири кытта өрө тустар сылаалаах. Ол эрээри, Павелы бу тохтоппотох. Икки илиигэр гиирэни 10 мүнүүтэ анньаҕын, Павел бэйэтин уопутуттан, киниэхэ 3-4-с мүн. олус ыараханнык ааһар эбит. Маны тулуйан ис санаатын кыайан, төлө көтөн аһардаҕына, 5-һис мүн. өрө анньар тэтимин түргэтэппитинэн, үлэлээбитинэн барар.
Гиирэнэн дьарыктанааччылар үллүбүт былчыҥнардаах спортсменнар буолбатахтар. Бу көрүҥ чэпчэки атлетика курдугун Павел чопчулуур. Холобура, ый устата дьарыктанан баран икки нэдиэлэ тохтоотоххуна, ол дьарыккын саҥаттан саҕалыырга күһэллэҕин. Элбэхтэ сүүрэр, уһун тыыннаах буоллаххына эрэ ыйааһыннаах гиирэлэри 10 мүнүүтэ устата өрө анньыаҥ.
“Үксүн бэйэм былаан туруоран дьарыктанан кэллим. Былаан, сыал-сорук туруоран баран ону ситиспэтэхпинэ, күнү быһа “санаа түһүүтэ” моруу гынааччы. Оттон былаан туоллаҕына, өрө көтөҕүллүүлээх “астык” күн ааһааччы. Холобура, былааҥҥа киирэр, 24 кг гиирэлэри 8 мүн. иһигэр 100-тэн тахсата анньыахтаахпын; 24 кг гиирэлэри икки төгүл 70-на, оттон 32 кг гиирэлэри 50-нэ көтөҕүөхтээхпин. Билигин кэлэн санаатахха, аһары барыы…
Ааттаах-суоллаах спортсмен Афанасий Дьячковскай, бүгүҥҥү күҥҥэ Модут баһылыга, оччолорго маастарга кандидат Ефим Гоголев миэхэ гиирэ туһунан элбэҕи сүбэлээбиттэрэ-амалаабыттара, улахан өҥөлөөхтөр. Холобура, Афанасий Васильевич дьарыгы хайдах ыытары быһаарбыта, “маннык быһыылаахтык дьарыктан” диэн сүбэлээбитэ.
Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыайыы өрөгөйүн билэрбэр Николай Харитоновка, Ефим Гоголевка, Афанасий Дьячковскайга улаханнык махтанабын”, – диэн кэпсиир Павел Гаврильевич.
Билигин гиирэ спорда Россияҕа киэҥник тарҕанна. Саха сиригэр гиирэҕэ үгүс күрэхтэһиилэр ыытыллар буоллулар. Гиирэ спорда “Спортивные якутяне” оскуола үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар, Саха сирин норуоттарын спартакиадатыгар, “Манчаары оонньууларыгар” киирэр.
Павел Иванов “Тимир ыстаал” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнирдарыгар 8 кыһыл көмүс мэтээл ылбыта, үгүстэ призер буолбута. Нам улууһугар 20-тэ бастаабыта. “Манчаары оонньууларын” үс мэтээлин хаһаайына – кыһыл, үрүҥ көмүстэр, боруонса. Көрүҥэр, улууһугар бэриниилээҕэ – “Манчаары оонньууларыгар” гиирэҕэ хамаанданы 4-с миэстэҕэ таһаараары илиитин тоһуппуттаах.
Павел Иванов оскуолатын, үөрэҕин ааспыттар – Владимир Уодай, Андрей Лыткин, Игнат Харитонов, Мичил Христофоров, Андрей Охлопков, Виктор Данилов, Сергей Гоголев, Ариан Иванов. Ону тэҥэ, дьахталларга өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын тэриллэн ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ Хамаҕатта кыргыттара Анна Аргунова, Лидия Иванова миэстэлэһэн ааттарын историяҕа киллэрбиттэр. Гиревик Иванов нэһилиэккэ гиирэ спордугар ыыппыт үөрэҕэ, сыһыарыыта күүскэ сайдар.
Ян Дунаев, Россияҕа маастарга кандидат:
— 8-с кылаастан дьарыктанан саҕалаабытым. Павел Иванов гиирэлиирин кыра эрдэхпититтэн истэн-көрөн улааппыппыт. Баай уопуттаах Павел Гаврильевич бэйэтин бэйэтэ дьарыктаабыт гиревик. Гиирэни хайдах тутары-хабары билэн, биһиэхэ элбэх оруолу оонньообута. Сөптөөх, суолталаах сүбэ биэрэр, хайа баҕарар түгэҥҥэ өйөбүл буолар.
Биирдэ 9-с кылааска гиирэ спордун быраҕа сыһан турардаахпын. Толкуйдуурбар, ыһыктыбакка инним диэки барарбар дьиэбэр кэлэн санаабын көтөхпүтэ. Гиирэ суолунан барарбар, билигин гиирэҕэ баарбар убай курдук саныыр киһибит элбэҕи биэрбитэ!
Гиирэ спордугар Дунаевтар дьиэ кэргэнтэн аан маҥнай саҕалаабыт уонна бэйэтин суолунан батыһыннарбыт. Ол түмүгэ: Альберт Кобяков – улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах; Павел Иванов – өрөспүүбүлүкэ, Россия; Ян Дунаев – Россия. Бу буолар, дьиэ кэргэнинэн спорка киирэн үтүө түмүгү аҕалыы.
Харысхан Попов