Хаалыктаах хаамыы киhи доруобуйатыгар туhата туохханый?

Бүгүн Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн саҕалаан, аара Хатыҥ Арыы, Ленскэй, Хамаҕатта нэһилиэктэригэр чөл олоҕу күүскэ көҕүлүүр, арыгыны утары охсуһар, физическэй культураны уонна спорду сайыннарарга үлэни ыытар, биллэр уопсастыбаннай деятель, аан дойдутааҕы долоҕойдоох буолуу Академиятын академига, «Трезвая Якутия» уопсастыбаннай хамсааһын лидера, хаалыктаах хаамыы «Стимул» кулуубун салайааччыта Матвей Иванович Лыткин ыалдьыттаата, маастар-кылаас көрдөрдө.

Кэнники кэмҥэ дьон бэйэ доруобуйатын, ис туругун сүрдээҕин көрүнэр буолла. Ол эбэтэр, залга дьарыктанааччы, айылҕаны кытта алтыһыан баҕалаахтар салгыҥҥа, ырааска  хаамааччы-симээччи үксээн иhэр. Онуоха хас биирдии нэһилиэктэргэ хотугу хаалыктаах хаамыы бөлөхтөрө тэриллэн доруобуйаларын туһугар уонна хаалыктаах хаамыыны көҕүлээн элбэх үлэни ыыталлар. Нам улууһугар хотугу хаалыктаах хаамыы федерация бэрэссэдээтэлинэн Дмитрий Елисеев дьаныардаахтык үлэлиир, ааспыт 2023 сылга кини хас биирдии нэһилиэккэ,  хаамыыны көҕүлээччилэргэ 320 хаалыгы удамыр сыанаҕа түҥэтэн  дьон үөрүүтэ үлахан.

Саха Сиригэр 2013 сылтан хаалыктанан хаамыы күүскэ киирбит. Ол курдук,  Наммыт улууһугар Ленскэй нэһилиэгэр «Хардыы”  салайааччыта Розалия Черкашина, Хатырыкка  Елена Ефремова, Аппааныга Оксана Лебедева, 1 Хомустаахха  Анастасия Барашкова, Үөдэйгэ  Екатерина Ядреева, Салбаҥҥа  Прасковья Корякина, Искраҕа  Виталий Семенов, Таастаахха  Любовь Никонова, Түбэҕэ Наталья Федорова, Арбыҥҥа  Мария Иванова, Партизаҥҥа Анна Мартынова, Никольскайга  Татьяна Терешкина.

Матвей Лыткин  хаамыах иннинэ ханнык эрчиллиилэри оҥорору, эти-сиини сылытары үөрэтттэ. Хаалыктаах хаамыы киhи доруобуйатыгар туhата туохханый?

Анал үөрэхтээх дьон суруйалларынан, бастатан туран, скандинавскай хаамыы сүрэххэ, тымырга үчүгэй, сүрэх үлэтин 20%-нан тупсарар. Киhи организмыгар 600-чэкэ араас былчыҥ, 200-чэкэ сүhүѳх баар. Кѳннѳрү хаамарбытыгар былчыҥнарбыт 40 %-нара эрэ кыттар. Оттон хаалыктаах хаамыыга эппит-сииммит бүтүннүү үлэлиир,  былчыҥнар 90 %-нара кыттар. Онон скандинавскай хаамыы сүрэх-тымыр ыарыыларын, гиподинамияны, гипертонияны, уойууну, остеопороhы, сахарнай диабеты утары охсуhууга олус кѳдьүүстээх.

Кэнники кэмҥэ эдэрдэр да хаалыктанар хааман буолан эрэллэр, ол эрээри бу хаамыынан кырдьаҕастар эрэ дьарыктаналлар диэн ѳйдѳбүл син биир баар. Ол иhин бу хаамыы сэттэ ааттаах: скандинавскай, финскэй, хотугу, нордическай, “паалкалаах хаамыы”, хаалыктаах хаамыы уонна, хомойуох иhин, кырдьаҕастар хаамыылара диэн. Дьиҥэр, билиҥҥи хамсаммат, компьютер иннигэр күнү-күннүктээн олорор эдэр кѳлүѳнэ салгыҥҥа тахсан эрчиллии, хамсаныы туhатын ѳйдѳѳн, манан дьарыктаныах этэ.

Элиэнэ Кэрэ