Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны бөһүөлэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт «70-с сыллары ахтан-санаан…» диэн тэрээһин алтынньы 8 күнүгэр «Чороон» норуот айымньытын киинигэр ыытылынна. Тэрээһин саҕаланыыта ыҥырыылаах нэһилиэкпит дьонугар «Дорҕоон» фольклорнай бөлөх  тыыннаах доҕуһуоллаах эҕэрдэтинэн анаата.

Бэлиэ түгэн олохтоох дьаһалта, «Чороон» норуот айымньытын киинин көҕүлээһининэн ыытылынна. Тэрээһини Нюргуяна Адамова иилээн-саҕалаан ыытта. Нэһилиэк баһылыга Иван Ноговицын аҕам саастаахтар декадаларынан эҕэрдэлээн туран, чэгиэн доруобуйаны, туруктаах дьиэ кэргэни, дьоллоох олоҕу баҕарда уонна “Нам улууһа” МТ баһылыга Юрий Слепцов дьаһалынан «Аҕа саас» бочуоттаах анал ааты үбүлүөйдээхтэргэ: Хатыҥ Арыы нэһилиэк Ытык киһитэ, олохтоох мелодистка Люция Семеновна Евсееваҕа уонна Светлана Семеновна Бетюнскаяҕа туттарда, Розалия Гаврильевна Новгородоваҕа эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэҕин анаата. Нэһилиэк тэрээһиннэригэр, общественнай олоххо көхтөөх кыттыытын иһин Дмитрий Михайлович Елисеев махтал суругунан наҕараадаланна. «Түһүлгэ» ветераннар уонна пенсионердар сэбиэттэрин председателэ Оксана Лебедева  эҕэрдэ тылын тиэртэ.

И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр музей хаартысканан стендэ, Людмила Петрова «Оҕо саас уонна спорт» сылларыгар анаммыт коллекциятын туруорда. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Ылдьаа ыччаттара» оҕо хамсааһына, Петр Машников, Горьяна Стрекаловская, Айталина Винокурова, Леонид Чупров, «Сыдьаайа» үҥкүү бөлөҕө эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Онтон “Чороон” норуот айымньытын киинин эдэр специалиһа Гаврил Макаров духовой инструмеҥҥа – тромбоҥҥа «Эти глаза напротив» ырыа матыыбын ытыс тыаһын доҕуһуолугар оонньоон иһитиннэрдэ.

Дмитрий Елисеев, «Самородок» СК аатыттан Анна уонна Петр Охлопковтар араас көрдөөх оонньуулары тэрийэн ыыттылар. «Фантазия» бүлүүдэ күрэҕэр дьүүллүүр сүбэ: Надежда Сивцева, Айталина Винокурова быһаарыыларынан, бастакы миэстэни – Елизавета Олесова, иккиһи – Мария Сивцева, үсүһү – Нина Саввина уонна биһирэбил миэстэни Дмитрий Елисеев ылан, бары бириис туттулар. «Лучший ретро-образ» күрэҕи Саргылана Пономарева, Оксана Лебедева сыаналаатылар. Күрэхтэһээччилэр эдэр саастарыгар бэйэлэрэ, дьонноро кэппит таҥастарын уура сылдьан харыстаан, өйдөбүнньук оҥостоллоро киһини үөрдэр. Түмүккэ бастакы миэстэни – Екатерина Петрова, иккиһи – Мария Сивцева, үсүһү Нина Саввина ыллылар уонна анал бирииһинэн наҕарааданнылар. Бары күрэх кыттыылаахтара биһирэбил бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Аҕам саастаах дьоммут дуоһуйа сынньанан, оонньоон, үҥкүлээн, кэпсэтэн тарҕастылар.

Надежда Сивцева

Читайте дальше