Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Кыайыы өрөгөйүн Германияҕа көрсүбүт Василий Игнатьевич Винокуров төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Намҥа айанныыр суолга оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара стела туруордулар.
Василий Винокуров арҕааттан кыайыы көтөллөөх дойдутугар кэлэн ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир, буулдьа ардаҕын аннынан сылдьыбыт буолан, эйэлээх олоххо тугу барытын холкутук ылына, тутта-хапта сылдьарын иһин «Аа-дьуо» диэн хос ааттаммыт. 1951 сыллаахха Аграфена Местниковалыын Салбаҥ Өргөлөөҕөр ыал буолаллар, 11 оҕону төрөтөн, иитэн атахтарыгар туруораллар. Өргөлөөххө маҕаһыыҥҥа өр кэмҥэ сэбиэдиссэйдиир. Горнай Бэс Күөлүттэн, Улуу Сыһыытыттан тиийэ атыылаһа кэлэллэр, түүлээх, эт аҕалаллар, бородууктаҕа атастаһаллар эбит. Ону барытын Василий Игнатьевич Намҥа киллэрэн туттарар. Маҕаһыын баай бөҕө, туох-туох суоҕай диир ордук буолуо. Улахан куһуок саахар, 200-тээх тимир буочукаҕа наһаа үчүгэй сыттаах-сымардаах алаадьы буһарар арыы, араас билиитэ чэйдэр, бирээнньиктэр, табах арааһа, ол саҕана хотуобай таҥас кэлбэтэ, арай бэйэлэригэр, оҕолоругар сөрү-сөп гына тигэллэригэр анаан миэтэрэнэн таҥастар, саалар кытта атыыланаллар эбит, ботуруон, буорах, бөстүөн…
Урут техника биир эмэ баар буолара, онон таһаҕас аҕалан иһэн, уруккуттан билиҥҥэ диэри техника бөҕө түспүт, эрэй бөҕөнү эрэйдээбит, атынан да нэһиилэ туоруур айан суолун быһыттаан сытар сайыннары куурбат сиппэҕэ туох да айылаах орообот гына батары түһэн хаалаллар. Онтон ыла «Аа-дьуо бадараана» диэн уос номоҕор киирэн хаалар. Салбаҥ аһа-үөлэ итиннэ нэдиэлэни быһа сыарҕа үрдүгэр сыппыт. Салбаҥтан ким сатыы, ким атынан, ким оҕуһунан кэлэн атыыласпыттар, ким төһөнү, тугу атыыласпыта кумааҕыга тиһиллибит.
Ол сиппэҕэ мас бөҕөнү симэн, буор, кумах кутан, кэлин турба быраҕан билигин син сырыы баар. Аҕаларын, эһэлэрин аатын үйэтитэн, ити сиргэ бэлиэ туруорары толкуйдаан, 100 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн, «Аа-дьуо бадараана» стела бырайыагын РИЦ «Офсет» худуоһунньугар Александр Николаевич Оконешниковка оҥотторон, маһынан үлэтин Василий Игнатьевич оҕолоро, сиэн уолаттара, күтүөттэрэ буолан туруордулар. Кэнэҕэһин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ кэлэ-бара сылдьан, эһэлэрин саныахтара. Үйэтитии суолтата оннук, хас эмэ үйэни уҥуордуур.
Татьяна Касьянова