Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнэ

Нам сэлиэнньэтигэр Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнэ М.К. Аммосов аатынан Набережнайга буола турар.

Үөрүү-көтүү эйгэтигэр Ленскэй баһылыга Петр Сокольников кыттыста, эҕэрдэ тылын эттэ.

«Оҕолор — биһиги көмүстэрбит, эрэллэрбит!» — диир баһылык Петр Григорьевич.

М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар Сардаана Мохначевская салайааччылаах «Кыталык» уһуйаан «Сатабыл» куруһуок оҕолоро «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону оҥорбут ойулуктара көрдөрүлүннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, улуус куонкуруһугар ойулук бастакы истиэпэннээх лауреатынан наҕараадаламмыта.

«Нам улууһун оҕолоругар бүгүн маҥнайгы «ОйулукНАМ 2024» буолла. Намнааҕы 2-с №-дээх оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин педагога Ефросинья Прокопьевна ойулук  куруһуок тэрийэн ыытар. «Кыталык» уһуйаан үлэһиттэрэ, биһиги «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону ойулук оҥорон бүгүн оҕолорго бэлэх ууннубут», — диир Сардаана Мохначевская.

Оҕо бырааһынньыгар улуустааҕы модельнай библиотека араас куонкурустары тэрийдэ. Салгыы уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ, оҕону кытта үлэлэһэр түмсүүлэр маастар-кылаастары ыытыахтара.

Нам улууһун оҕолоро бүгүн кукольнай театр көрүөхтэрэ, остуол оонньууларыгар, үгүс куонкурустарга, флешмоб кыттыахтара.

Харысхан Попов