Аана Зверева «Аман Албара» персональнай быыстапкатыгар ыҥырар

СР Национальнай художественнай музейыгар биһиги биир дойдулаахпыт, норуот маастара, художник, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия художниктарын уонна журналистарын Союһун чилиэнэ Анна Зверева «Аман Албара» (Благословенно убранство коня) персональнай быыстапката буола турар.

Хамаҕатта иистэнньэҥнэрэ быыстапканы киирэн көрдүлэр уонна санааларын үллэстэллэр.

Маргарита Мухина:

— Быыстапкаҕа тиийбиппитигэр Анна Николаевна биһигини үөрэ көрүстэ. Түмсүүбүт аатыттан истиҥник эҕэрдэлээтибит, сибэкки дьөрбөтүн туттардыбыт, Феврония Баишева киниэхэ анаан суруйбут хоһоонун аахта. Дьон элбэхтик сылдьар буолан быыстапка турар бириэмэтэ бу ый бүтүөр дылы уһаабыт. Бүлүүттэн, Намтан сылдьар дьону көрүстүбүт. Бу ый 26 күнүгэр Анна Николаевна маастар-кылаас ыытар эбит. Ким сахалыы ииһи интэриэһиргиир, баҕалаах сылдьарыгар ыҥырда.

Быыстапка хас биирдии экспоната киһини тардар, интэриэһиргэтэр. Ону көрөн сөхтүбүт-махтайдыбыт: үлэ өҥүн- дьүһүнүн сөпкө аттарыы, композицията, сөптөөх материалы  уонна араас техниканы  туһаныы — барыта хатыламмат тус-туһунан  интэриэһинэй үлэлэри көрдүбүт.

Анна Николаевна талааныгар сүгүрүйэбит, махтанабыт уонна ааттаах-суоллаах сахалыы иис маастарынан, биллиилээх киһибитинэн өссө төгүл киэн тутуннубут.

Феврония Баишева:

— От ыйын 13 күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгин ииһинэн дьарыктанар «Кыбытыы» түмсүү Дьокуускайга Аана Зверева «Аман Албара» быыстапкатыгар сырыттыбыт. Анна Николаевна өр сыллаах үлэтин түмэн, бар дьонун дьүүлүгэр туруорбут.

Биһиги «Кыбытыы» түмсүү Анна Николаевнаҕа махталбыт улахан. Өбүгэ ииһигэр сыстарбытыгар, иис абылаҥар ылларарбытыгар ааны аспыт киһинэн буолар. Ол курдук, Москва куоракка Максим Аммосов 125, республика төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан тэриллибит ыһыахха, быыстапкаҕа кыттыыны ылан сүргэбит көтөҕүллүбүтэ.

Онно анаан маннык хоһоон төрөөбүтэ:

КӨБҮӨР КҮҮҺЭ
Кыыл уолун кийиитэ
Кэрэмэс Анна Николаевна
,,Кыттыҥ»-, диэтэ выставкаҕа
Коломенскайга ыһыахха.
Көрсүө тыл бэлиэ!
Кэннинэн кэхтэр суох!
Кирис курдук тыҥаан
Кытарчы көрдүбүт, кытаатан.
Кыптый тыаһа кылыргыыр,
Ким эрэ кыҥкыйдыыр,
Ким эрэ кэмпиэт эмэр,
Ким эрэ ыллыыр…
Көннөрөн, көтүрэн
Көлөһүн бөҕө аллан,
Көбүөр дьэ бүттэ…
Көтөр буолла Москваҕа.
«Көстөөр дуу, киин сиргэ
Кырасыабай өттүгүнэн», —
Кичэллээхтик суулаатыбыт,
Кэс тылбытын эттибит.
Көбүөр бүгүн эмиэ түмтэ
Кэрэҕэ кыттарга угуйда,
Кыаҕы истэн хостотто,
Кыыдамната оонньотто.

Салгыы улуус быыстапкатыгар нэһилиэкпит чиэһин көмүскээн, үлэлэрбит дьоһун сыанабылы ылбыттара. Анна Николаевна куратордаабыт международнай «Душа России в Якутии» фестиваль кыттыылаахтарын Хамаҕатта нэһилиэгэр быыстапка тэрийэн үрдүк таһымҥа көрсүбүппүт. Фестиваль салайааччытын Римма Быбина  болҕомтотун тардан бу фестивальга кыттар кыахтаммыппыт.

Анна Николаевна биһигини кытта салгыы үлэлиир былааннааҕын биллэрдэ. Саҥа сонун үлэлэри айарга угуйда, ыҥырда. Биир дойдулаахпытыгар Аана Звереваҕа махталбытын аныыбыт.

Мария Винокурова

Читайте дальше