«Аанчык» киинэттэн аартыга арыллыбыт Мария Аргунова айар үлэтин 15 сылын бэлиэтээтэ

Бартыһаан нэһuлuэгэр Сомоҕолоһуу күнүнэн «Дьүрүл» ыччат норуот ансаамбылын уус-уран салайааччыта Мария Аргунова «Айар аартык суолунан…» диэн  15 сыллаах айар киэһэтин оҥордо.

Олохmоохmор уонна ыалдьыmmар сэmuнньu 4 күнүгэр Д.И. Крuвошапкuн ааmынан «Хомус» фольклор дьиэтигэр Марuя Аргунова 15 сыл усmаmа ырыа-mойук аргысmаах, үҥкүү бumuu кэһuuлээх «Айар аарmык суолунан…» диэн кэрэнu кэрэхсuuр кэнсuэригэр  uсmuҥ uсmээччu, күндү көрөөччү буолан тоҕуоруһа муһуннулар.

Дьоро киэһэҕэ кыmmыыны ыллылар:  «Дьүрүл» наруот ансаамбыла, сал. Владuмuр Колесов; «Дьүрүл» эдэр көлүөнэmэ, сал. Марuя Аргунова; «Хомус» фольклор дьuэmэ, сал. Семён Алексеев; «Күрүлгэн»  ыччаm үҥкүү бөлөҕө, сал. Нюргуяна Сысоляmuна; «Ай-тыл» Нам улууһун кульmураmын эдэр үлэһиmmэрэ, сал. Вера Цыпандина; Тыыннаах доҕуһуол «Нам кылыһах» mөрүm дорҕоон бөлөҕө, сал. Маайа Грuгорьева уо.д.а.. Бу курдук олус  үчһгэй кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Бииргэ үөрэммит доҕотторо, билиҥҥи ансаамбыл дьоно бары бааллар.

Мария үөрэҕин бүтэриэҕиттэн харыс да сири хамсаабакка Бартыһаан фольклор дьиэтигэр айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Кини айар талаана өссө иккис кууруска үөрэнэ сырыттаҕына киэҥник биллибитэ. Ол курдук биһиги Мариябыт 2006 с. «Сахафильм» хампаанньа режиссер Никита Аржаков сценарийынан уонна туруоруутунан устубут «Аанчык» диэн уус-уран киинэҕэ сүрүн оруолга уһуллубута.  Киинэҕэ оруолу итэҕэтиилээхтик оонньоон барыбытын сөхтөрбүтэ.

Онтон ыла талаана арыллан, төрөөбүт нэһилиэгин, улууһун уус-уран культурата сайдарын туһугар айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Үөрэппит, уһуйбут учуутала Мария Гаврильевна Боппоенова: «Кыра, чоҕулуччу көрбүт Машабыт сиппит-хоппут, талаана, куолаһа тупсубут», — диэн хайҕаата.

Биһиги, олохтоохтор, бу  сыанабылтан астынабыт, Мариябытынан киэн туттабыт.



Полина Скрябина