Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатыгар дойдубутугар Дьиэ кэргэн, нэhилиэкпитигэр Тыа ыалын сылларынан ыам ыйын 6 күнүгэр «Чымадаан иhигэр музей» диэн дойду үрдүнэн тарҕаммыт уопуту туттан быыстапка тэрийдибит. Быыстапкаҕа 1 кылаастан 11 кылааска диэри үөрэнэр бары үөрэнээччилэр: «Үлэhит дьиэ кэргэн мала-сала», «Ааспыт кэмнэри санатан», «Үлэ — дьол доҕуhуола» тиэмэлэргэ дьиэлэриттэн, аймахтарыттан бу үлэhит дьон, дьиэ кэргэн тутта сылдьыбыт, мунньуммут, харыстаан уура сылдьар малларын түмтүбүт.
Бу күннэргэ үөрэнээччилэр кылаас салайааччыларын, төрөппүттэрин кытта араас маллары көрдөөн, хомуйан, бүгүн дьон-сэргэ көрүүтүгэр таhаардыбыт. Маллар тустарынан кэпсээн, тутан-хабан көрөн, урукку кэми, олоҕу кытта билсэллэр. Салгыы билиэх-көрүөх баҕа санаа үөскүүр. Тоҕо диэтэр, тэриллэр оччотооҕу кэм тыынын илгийэллэр. Манан оҕолорго дьиэ кэргэннэрин күндү малларын харыстаан, харайан уура сылдьыы, кэлэр кэмҥэ диэри тиэрдии, үлэhит дьоннорунан киэн туттуу, убаастабыл сыhыана үөскүө диэн эрэнэбит.
Надежда Копырина, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы,
2 Хомустаах.