Бартыһааҥҥа «Ыллаа, туой хомуһум» диэн Дмитрий Кривошапкиҥҥа анаан бэлиэ оҥоһулунна. Ытык киһибит аатын үйэтитээри нэһилиэгинэн үрүҥ көмүс хомуйаммыт, бэлиэбит көмүстэн кутулунна. Бу бэлиэ быйыл нэһилэкпитигэр тэрилтэлэринэн илииттэн-илиигэ бэриллэн, хомус абылаҥын, патриотическай тыыны, саха тылын, кутун бөҕөргөтүө диэн бигэ эрэллээхпит.
Ол курдук, эстафета бастаан тэрилтэ салайааччыларыттан саҕаланна. Дмитрий Кривошапкин сиэн быраата, кини үлэтин салҕааччы Владимир Колесов Ытык бэлиэни
нэһилиэкпит аҕа баһылыгар туттарда.
Салгыы баһылык Алексей Зырянов уһуйаан коллективыгар, уһуйааннар оскуолаҕа туттардылар.
«Ыллаа, туой хомуһум» бэлиэ эһиил улуус нэһилиэктэринэн уонна өрөспүүбүлүкэҕэ баар ансаамбылларынан эстафетаҕа барыа диэн баҕа саналаахпыт.
Бу күннэргэ тэрилтэлэргэ хомус дьүрүһүйэ тыаһаата. Хомус күнүн чэрчитинэн, «Дьүрүл» ансаамбыл Опера уонна балет театрыгар кэнсиэргэ кыттан кэллэ.
Д.И. Кривошапкин бииргэ төрөөбүттэрэ, кийииттэрэ, күтүөтэ, сиэн бырааттара, балыстара:
Биир дойдулаахтарбытын, Партизан нэһилиэгин үтүө дьонун, Хомус күнүнэн эҕэрдэлээн туран, бүгүҥҥү күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, убайбытын Дмитрий Ивановиһы үйэтитэн үрүҥ көмүстэн Ытык бэлиэ оҥотторбуккутун истэн үөрэ олоробут. Бу идеяны көтөхпүт кулууп үлэһиттэригэр, администрация үлэһиттэригэр, ону дьон-сэргэ өйөөн үрүҥ көмүс ууммут биир дойдулаахтарбытыгар Махтал тылларын этэбит! Эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр чэгиэн доруобуйаны, тапталы, ыраас эйэлээх халлааны, үлэҕитигэр ситиһиилэри, бу курдук өрүү түмсүүлээх буолуҥ диэн алгыспытын аныыбыт!
Полина Скрябина