Айылҕа содула ыарахан

Быйылгы сааспыт харанан хапсыырдаан, эбэбит мотуогунан моһуоктаан, үгүс түбүгү-садьыгы эрэй эҥэрдээн, хоромньу, ороскуот охсуутун таһаарда. «Эрэй-муҥ отунан-маһынан сылдьыбат, киһинэн сылдьар» диэн өс хоһоонугар этэллэрэ, оруннаахха дылы.

Ыам ыйын 17-18 күннэриттэн саҕалаан, уу кэлиитин дьон-норуот кыраҕытык кэтэһэн-манаһан, күн киэһэриитигэр диэри массыыналар сыбыытаһыылара үксээбитэ. Биэрэккэ хойукка диэри кэлии-барыы, үлэ-хамнас буолан, утуйар да уу умнуллубут курдуга. Никольскайга уубут аллараа биэрэккэ олорооччулар тиэргэннэригэр куппута да, сыанан-арыынан аҕаабат көстүү этэ. Киэһээ 8 ч. 30 мүн. диэки Партизаҥҥа кутан халыта турара. Дьиэлэри эргийэн, намыһах өттүгэр халытан, илин өттүнэн трасса анныгар аҕалбыта.

Хамаҕаттаҕа кэлбиппит биэрэккэ үлэ-хамнас бөҕө буола турара. Аҕыйах муус устара, уу тохтоло суох халыйан хотооллорунан кута турара.

18 чыыһылаҕа дьиэбэр тасыбатаҕар бөтө үөрэн, төрөөбүт дойдубун Модуту истэн, киэһээ онно «көтүттүбүт». Арай, Бөтүҥмүт хоту өттүнээҕи саҥа бөһүөлэк уу ортотугар, сорох дьиэлэр түннүктэригэр диэри ууга туралларын көрөн соһуйдубут. Онтон салгыы Модукка диэри трасса уҥа өттө быыстала суох уу. Хайдах эрэ, мастар элэҥнээн, сиэркилэҕэ күлүктэрин көрүнэ туралларын санатар курдуга. Оннук айаннаан, киэһээ 9 ч. саҕана Модукка киирдибит. Тохтоттулар. Трассаҕа диэри уу анньан турара, бэйэтэ муора.

Биир сиргэ кумах тиэйиилээх массыына, дьон тоҕуоруһан тураллара, «төннүҥ, суолу алдьатан уу кутаары турар» диэтилэр. Ол икки ардыгар кумаҕы куттулар. Эргиллибиппит – уу бааһынаҕа холдьотон киирэн барда. Биир эмит ыалы илдьэ кэлиэх буолан барбыт дьон төнүннэхпит дии. Дьэ, дьулаан көстүү диэтэҕиҥ. Суол оҥоһулларын кэтэһэн баран, 25 чыыһылаҕа үс ыалга көмө илдьэ таарыйа, баран көрөн-истэн, кэпсэтэн, санааларын көтөҕөн кэллим.

Уу син түспүт. Оҥкучахтара, муосталарын анна уунан көрө сытар. Кырыс сирдээхтэр тиэргэннэрэ арыый сарахыйан эрэр, сорохтор тиэргэннэрэ бырыы да бадараан, саппыкылаах эрэ киһи сылдьар. Онон спортсаалаҕа, сорохтор аймахтарынан аһаан-сиэн, хонон сылдьаллар. Ордук улаханнык күөл таһынааҕы ыаллар эмсэҕэлээбиттэр. Максим Винокуров, Иван Гуляев дьиэлэрин сылдьан көрдүм, уу түннүктэрин үрдүнэн ылбыт. Киһи туһанар таҥаһа хаалбатах. Миэбэл өттө киһи тутарын-хабарын уйбат гына ыһыллыбыт, үллүбүт. Киһи эрэ хараастар көстүүтэ. Ордук саастаах дьон санаалара хараастар, түһэр. Котельнайдарын оһоҕо ууга турар буолан, уот да, ититии да суох. «Өлбүтү кытта өлбүт суох» дииллэринии, санааны күүһүрдэн, тура эрэ сылдьар буолларгын, хомунан-иминэн үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Оттон Семен Винокуров күһүн туттан киирбит саҥа дьиэлэрэ түннүгэр диэри уу кэлэн, саҥа миэбэллэрэ буорту буолан, санаалара саппаҕыран олороллоро.

Бүтүн улуус, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ чугастык ылынан көмөҕө турунан, гуманитарнай көмө кэлэ турар. Куорат, улуус тэрилтэлэриттэн дьон-сэргэ кэлэн күүс-көмө буолан, үлэ күөстүү оргуйар. Бөһүөлэк иһигэр техникалар бөх-сыыс тиэнэн уҥа-хаҥас сырсаллар. Биирдии ыалларынан хастыы да киһи көмөнү оҥороллор.  Маны этэн эрдэхтэрэ «Ойуурдаах куобах охтубат» диэн. Россия, Өрөспүүбүлүкэ министерстволарыттан хоно сытан үлэлииллэр. Кэлбит хамаанда салайааччыларын кытта үлэ хаамыытын баһылык Ефим Гоголев, кимиэхэ туох наадатынан оскуола директора Иван Павлович, аһылыгынан, таҥаһынан-сабынан, нэһилиэнньэни уунан хааччыйыынан музей сэбиэдиссэйэ Мария Ивановна дьарыгыраллар. Нам тэритэлэриттэн, детсадтартан далбар хотуттар кэлэн ас астаан үлэһиттэри тото-хана аһаталлар.

Оттон детсадтарга Хатырык, Маймаҕа, Модут оҕолорун төгүрүк суукка көрөллөр, аһатан-сиэтэн үлэлэрэ салҕана турар. Бу курдук, бары саба түһэн күүс-көмө буолан кыһалҕаны туораттахпытына, олох салҕанар буоллаҕа.

Т. Никольская

Читайте дальше