Матрена Ивановна Максимова самаан сайын Үөһээ Айыылар Орто дойдуга Алгыс түһэрэр күннэригэр, бэс ыйын 23 күнүгэр, 1951 сыл Буойун учаастактан 5 км үөһээ мыраан үрдүгэр сытар Төбүрүөн алааска күн сирин көрбүтэ. Оҕо-эмэн сааһа кэрэ айылҕалаах Буойун учаастагынан, Ходьохтой, Төбүрүөн, Эбэ Билиитэ, Налба сайылыктарынан үлэлээн-хамсаан, олорон кэллэ. Аҕата ыанньык бостууга буолан, акка мэҥэстэн Төбүрүөн алааска ынахтары манаан мэччитэрэ, аҕата оттуура. Оскуолаҕа учаастак оҕолоро 7 км сиртэн сыарҕалаах атынан сылдьан үөрэнэллэрэ. 12 сааһыгар аҕата Буойун кытылыгар окко звеневод буолан, Ходьохтой сайылыктан ыҥыыр атынан өйүө таспыта. Дьэ, онтон саҕаламмыта, үлэҕэ эриллии. Ат Арыыта диэн оттуур арыыга Попов Илья Ильич звенотугар сайын аайы 7 сылы быһа оттоспута. Атынан бугул таһыыта, ат мунньарынан от мустарыы, илиинэн от охсуута, кэбиһиилээх от үрдүгэр туран түстээһин, повардааһын. Урукку оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьаллара. Уолаттары таһынан хас звено аайы кыргыттар хэмиэ окко үлэлииллэрэ. Ат Арыытыгар Анна Габышева, Дора Осипова, Аня Сыроватская, Марфа Протопопова үлэлии сылдьыбыттара.
Тохсус кылаас кэнниттэн Мотя 1971 сыл ЯСХТ-га зоотехник идэтигэр үөрэнэ киирэн баран 1974 с. дипломнаах специалист буолбута. Дойдутугар кэргэннээх, кыра оҕолоох тахсан «Нам», «Комсомольскай» сопхуостар Хатас отделениетыгар үүт лаборанынан үлэтин саҕалаабыта. 1978 сыл 2 Хомустаахха арыы собуотугар эмиэ лаборанынан үлэҕэ киирбитэ.
1982-83 сылларга отделениеҕа сүөһү ыарыыта туран, сүөһүнү барытын эһэн, олохтоохтор сүрүн үлэлэрэ оҕуруот, от-мас үлэтэ эрэ буолбута. Матрена оҕуруокка теплица звенотун салайан 100% үүнүү ыланнар көбүөр фондатын ылбыта. Онтон отделениеҕа Уус Алдан Якутскай сопхуостартан өрөспүүбүлүкэ көмөтүнэн сүөһүлэри атыылаһан фермалар оннуларыгар түһэн, үүт-ас эмиэ күрүлүү кутуллан барбыта. Онон 1984 сылтан Матрена Иванова 2 Хомустааҕын маслосыаҕар маастарынан ананан үлэлээбитинэн барбыта. Үлэлээбит сылларыгар Намнааҕы маслозавод директордарынан үлэлээбиттэрэ: И.И. Мачахтыров, П.П. Новгородов, В.Д. Жиркова «Ас-Үөл» ГУП Д.Д. Протопопов; технологтарынан: А.М. Моисеева, В.Д. Жиркова, З.К. Попова, С.К. Москвитина. Бу сылларга маслозавод саамай үрдүк күүрүүлээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Профсоюз председателинэн В.П. Охлопкова социалистическай үлэ күрэхтэрин, пятилетка былааннара туолуутун, сыллааҕы үлэ түмүктэрин таһааран иһэрэ. Нэһилиэктэр маастардарын мунньан, ыҥыран үөрүүлээхтик бэлиэтээн иһэллэрэ. Инники күөҥҥэ 1 Хомустаах маастар А.П. Харитонова, Түбэ В.С. Винокурова, Модут Л.А. Сергучева уонна 2 Хомустаах маслосыаҕа сылдьаллара. Киин собуот үлэтин кыаҕа элбэҕинэн баһылыыр төбө буолара. Маастар Н.М. Оконешникова билигин да үлэлии-хамсыы сылдьарын сөҕөр-махтайар.
2000 сылтан сопхуостар ыһыллан киирэн барбыттарынан сүөһү-сылгы быста аҕыйаан, үүт-ас мөлтөөн, маслоцех сабыллыбыта. Матрена Ивановна маслоцехха үлэлээбит сылларын күндүтүк саныыр. Төһөлөөх элбэх үүтү, сүөгэйи, арыыны икки илиитинэн тутан-хабан аһарбытын киэн тутта саныыр.
1970-1990 сылларга отделение сүөһүтэ муҥутаан 2000 төбөҕө тиийбитэ, онтон ыанара 600 төбө буолбута. Бу 750-чэ киһилээх нэһилиэнньэҕэ үрдүк көрдөрүү. Биир ынахтан 2000 кг үүтү ыыр чемпион ыанньыксыттар үүммүттэрэ. Онон бу сылларга үүт-ас муҥутаан астаммыта. Холобур, 1986 сыллаах отчуокка көстөрүнэн 1 617 т үүт; 1 444 т 876 кг сүөгэй; 726 т арыы, 400 кг чохоон, 202 т 125 кг обрат, 688 кг пахта, 200 т быырпах астаммыта. Ону таһынан, маслоцех нэһилиэнньэҕэ пастеризованнай үүт, сүөгэй, арыы, чохоон оҥорон олохоох маҕаһыын нөҥүө атыылыыра. Маслозавод үлэһиттэрэ син биир ферма үлэһиттэрин курдук өрөбүл, бырааһынньык диэн суоҕа.
Матрена Ивановна маслоцеҕы 30-ча сыл үүккэ-аска үлэлээбит уопуттаах маастар А.Б. Дьяконова туппута. Рабочай Винокуров Герасим Петрович кэргэнинээн Анна Васильевналыын бииргэ үлэлээбит, эмиэ улахан уопуттаах, сүрдээх кыайыгас-хотугас, олус ыраас туттуулаах киһи сүрүн күүс буолбута. Сыах дьиэтэ олус эргэ, ол өрөсүөнэ, 1 кирпииччэ, 1 чаан оһоххо мас хайытан күнү быһа оттуу, 38 л 10-чалыы фляга үүтү, сүөгэйи көтөҕөн чаан оһоххо угуу, хостооһун ыарахан үлэ этэ. Матрена рабочайын кытта тэбис-тэҥҥэ сүксэн-көтөхсөн да биэрэрэ. 20 кг дьааһыктаах арыылары, чохоону 3-түү ааннаах булууска санныгар сүгэн тасыһара. Ону таһынан сайыҥҥы кэмҥэ уонунан фляга сүөгэйи сойута булуус иккис ааныгар таһаллара. Санэпидтэр аҥаардас бу эргэ, кырааската суох мас муосталара, көлбүһэхтэнэн кылбаччы суулларын көрөн да улаханнык тутуспаттар этэ. Раствордар аккуратнайдык оҥоһуллалларын хайгыыр буолааччылар.
Маслоцех үлэлиир тэрилэ диэн 500 кг уонна 1 т ванналар, 50 кг 1 т ыйааһыннар, 1 электрическэй сэппэрээтэр, 1 т 500 кг арыы оҥорор маслосбойка, флягалар, лаборатория. Саас аайы, ыам ыйын ортотугар, маслоцех фермалары кытта бөһүөлэктэн 22 км ыраах Эбэ Билиитигэр Налба сайылыкка көһөн тахсан үлэлээн баран күһүн балаҕан ыйын бүтүүтэ киирэллэрэ. Маслоцех Хатыҥнаах, Халдьаайы, Кур-Оттоох, Билии фермалар үүттэрин тутан астыыра. Отделение үүтүн таһар молоковоз массыына хайдах сүүрэриттэн үүт-ас буорту буолбата улахан тутулуктаах буолара. Ол курдук молоковоз сарсыарда 7 чаастан Хатас бөһүөлэктэн айаннаан сайылыктарынан үүт хомуйан Налбаҕа сыахха туттаран, күүтэн обратын ылан ньирэйдэргэ итинник маршрутунан төттөрү илдьэрэ. Онтон цистернатын суунаат, эмиэ күнүскү, киэһээҥи ыам үүтүн илдьэр, обратын тарҕатан дьиэлэригэр түүн 3 чаас диэки тиийэллэр. Сарсыарда эрдэ туран массыыналарын көрүнэ түһээт, эмиэ оннук сайыны быһа сүүрэллэрэ. Онон бу суоппардар күҥҥэ 200-кэ км сүүрэллэр эбит. Дьэ, аны санаатахха, кытаанах үлэ, хайдахтаах үлэһит суоппардар тулуйан үлэлээбиттэрин билигин сөҕө-махтайа саныыр. Техника буолан баран бу үлүгэрдээх сырыыны, суол куһаҕанын тулуйбакка алдьанара ханна барыай? Оччоҕуна «Комсомольскай» сопхуос кииниттэн көмөҕө молоковоз ыыта охсоллоро. Олортон Нератов Коля диэни өйдүүр. Бэйэбит молоковозка үлэлээбит уолаттарбыт – И.И. Габышев, А.И. Юшков, Д.А. Жирков, Н.П. Протопопов, А.А. Протопопов. Сайылыктар уулара испиэскэлээх буолан аһыыр ууну өрүстэн водовоз массыына таһара. Күн аайы бу сайылыктары хааччыйаллара. Урукку үйэ ыччаттара сүрэхтээх да дьон эбиттэр. Ол сылларга водовозка суоппардар А.С. Захаров, Д.Д. Никитин, А.П. Олесов, А.А., Н.П. Протопоповтар.
Маслоцех астаабыт арыытын ый ахсын сүүһүнэн дьааһыгы Намтан грузовой массыыналар кэлэн ылан бараллара. Биир сайын ыаллыы олорор Уус Алдан Тумул отделениетын маслоцех маслосбойката алдьанан ый курдук биһиэннэригэр кэлэн көмөлөһүннэрэн арыылаабыттара.
2000-2001 сс. Матрена Ивановна, 2 Хомустаах бэкээринэ сэбиэдиссэйэ, уһуннук үлэлээбит Л.И.Олесова олохтон туораан, Потребкооперация бирикээһинэн сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Эмиэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыттара. Бэкээринэ оһоҕо маһынан оттуллан, илиинэн эриллэр 120 халыып киирэр аналлаах тимир оһох этэ. Ону оттор кочегар П.В. Беляев оруола улахан этэ.
2002 сылга отделение «Үүнэр» ГУП специалиһа Г.Ф. Габышева дьаһалынан эмиэ кыра сыах аһаннар маастардаабыта. Үлэлиирин тухары С.П. Кривошапкина, А.А. Сысолятина, А.И. Протопопова, М.Е. Протопопова диэн үүт лабораннарын, О.А. Григорьева, С.С. Протопопова, В.В. Осипова диэн маастардары, Е.П. Румянцева, С.С. Охлопков диэн биэкэрдэри үүннэрбитэ.
Дьэ, ити курдук, Матрена Ивановна тустаах үлэтин таһынан нэһилиэк общественнай олоҕор сааһын тухары кыттан кэллэ. Дьахтар сэбиэтэ, төрөппүт комитет председателэ, зона начальнига да буола сылдьыбыта. Лавочнай комиссияҕа хас да сыл чилиэн буолан трельяж сиэркилэнэн бэлиэтэммитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран 2002 сылтан 2016 сылга диэри нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайан таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбитэ. Манна үлэлиирин тухары улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин салайааччылара – Ытык киһи Петрова Матрена Васильевна, Кривошапкин Иннокентий Захарович, Баишев Николай Никитич, Кобякова Софья Дмитриевна курдук сүбэ-ама буолаллара, ирдэбил да кытаанах буолара, Кыайыы сылларыгар аналлаах кинигэлэр тахсыыларыгар үлэ бөҕө ыыппыттара. Нэһилиэгин кырдьаҕастара сэбиэскэй былаас ииппит дьоно өйөөн, көмөлөһөн, олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэр бииргэ үлэлээн үлэбит түмүктэрэ үчүгэй этэ диир.
Бу үлэлээбит сылларыгар араас умнуллубат тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр бөҕө, Кыайыы сылларын бэлиэтээһиннэр, кинигэ тахсыыта, дьонун-сэргэтин үөрдэ-көтүтэ үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтээһиннэр, куоракка музейдарга, концертарга сырытыннарыы, нэһилиэк олоҕор бэлиэ күннэр кырдьаҕастара суох буолбат буолара.
Матрена Ивановна бу үлэлэринэн сибээстээн, 20-чэ сыл нэһилиэк депутатынан талыллан үлэлээтэ. Бу үлэлэрэ барыта сыаналанан араас бэлиэлэргэ тиксибитинэн астынар. Ол курдук:
Ону таһынан, араас түөскэ анньыллар бэлиэлэр, Махтал суруктар, Грамоталар туоһулууллар.
Үлэлэспит нэһилиэгин баһылыктара П.Е. Тарскай, С.С. Никонов, А.С. Алексеев, А.К. Дмитриев, Л.И. Новгородов, сүрүннүүр специалист З.Т. Лонгинова. Тыа ыалын сиэринэн, Матрена Ивановна дьиэ кэргэнэ улахан хаһаайыстыбаны тутан олорбуттара. Сүөһүлэрин 22 төбөҕө тиэрдэн, 6 ыанар ынахтан үүт бөҕө туттарбыттара. 4-5 төбө сибиинньэ иитэн-төрөтөн атыылыыра, саамай улахана 120-130 кг тиэрдибиттэрэ, ортотунан 80-90 кг буолара. Кууруссаны 23 төбөҕө тиэрдэн 300 сымыыты атыылыы сылдьыбыттара. Хортуоппуй 20-тэн тахсалыы куулу ылан, помидор, моркуоп, оҕурсу хото атыылаан дохуоттаналлара. Онтон да атын араас оҕуруот аһын, араас сибэккилэри үүннэрэллэрэ. Кэргэнэ Сэмэн 2007 сылга олохтон барбытын кэннэ оҕолор, сиэннэр таайдарын көмөлөрүнэн оттоон-мастаан уонтан тахса сыл сүөһүлэрин тутан олорбуттара. Төһө да олоҕор икки төгүл огдообо хаалар, санаатын түһэрбэккэ, оҕолоругар көмө-тирэх буолан бэйэтэ уонна икки кыыһа саҥа дьиэҕэ киирдилэр. Билигин кыыһа Ньургуйана Николаевналааҕы кытта инбэлиит быраата Русланныын ньир-бааччы олороллор. Дойдутун туһугар сүрэҕинэн-быарынан кыһаллан, нэһилиэгэ үүнэ-сайда турарыттан астынар, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттар. Нэһилиэгэр күүс-көмө буолан, саҥа тутууларга үлэлии кэлэр рабочайдары эргэ дьиэтигэр олордубута – 2010 сылга оскуола тутар омуктар биригээдэлэрэ, 2013 сылларга асфальт суол оҥорор сахалар, онтон армяннар биригээдэлэрин, 2015 сыл үрдүк күүрүүлээх линия уотун тардар үлэһиттэри, 2020 сылга саҥа бөһүөлэккэ котеллары туруорар ОДьКХ үлэһиттэрин. Ону таһынан Матреналаах кулууптар көрдөһүүлэринэн, элбэх артыыһы хоннорон аһарбыттара. Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Спиридонова, Аркадий Новиков 2, Витя Потапов 2 буолан, Кирилл Матвеев 3 буолан, агитацияҕа кэлбит 4 уол, «Нам» сопхуос чемпион ыанньыксыта Дмитрий Аргунов сиэнин сыбаайбатыгар кэлэ сылдьан 5 буолан хонон алҕаан ааспыта. Түгэнинэн туһанан, Матрена Ивановна билиҥҥи «Эрэл» СХПК салалтатыгар Н.Ф. Гуляев бэтэрээн үлэһиттэрин умнубакка хас сыл ахсын тыа хаһаайыстыбатын күнүнэн эҕэрдэлээн, үүт-ас бэлэх ыыталларынан үөрэн туран махталын ыытар.
Л.Е. Пестрякова, 2 Хомустаах