Нам улууһун аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Алексей Кривогорницын Дьокуускайга иирсии түмүгэр биир дойдулаахпыт, эдэр киһи суорума суолламмыт ыар балаһыанньаҕа санаатын үллэстэр, араас провокационнай ыҥырыыларга киирэн биэрбэккитигэр сүбэлиир.
— Дьокуускай куоракка буолбут быһылааҥҥа биир дойдулаахпыт быһаҕынан анньыллан, балыыһаҕа киирэн суорума суолланна. Нам улууһун аҕаларын түмсүүтүн аатыттан социальнай ситимҥэ тарҕанар ыҥырыыны ылынан, көҥүлэ суох миитиҥҥэ тахсартан туттунарга ыҥырабын. Билиҥҥи кэмҥэ итинник түбэлтэни араллаан төрүөтэ оҥорон бэйэ-бэйэни утары туруоран, араас ыҥырыылары тарҕатар “саһыл” дьон баарын өйдүөх тустаахпыт.
Биллэрин курдук, куһаҕаҥҥа мөкүнэн хамсаныы – бу сиэрэ суох быһыы. Сахабыт сиригэр араас омук олохсуйан олорор. Хайа баҕарар түгэҥҥэ итэҕэллээх, сиэрдээх-майгылаах олохтоох саха дьоно буоларбытын өрө тутан, суут-сокуон иһинэн хамсанан быһаарсар, кэпсэтэр ордук.
Биир дойдулаахтарбын өссө төгүл ыҥырыам этэ – араас провокационнай ыҥырыыларга киирэн биэримэҥ.