“Анаабыр” мемо-остуол оонньуута оҕолору сонурҕатта

Хамаҕаттатааҕы «Тускул» оҕо сайдар киинин «Сулусчаан» оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ Данил Москвитин ийэтинээн Лилия Петровналыын «Моя игра — мемо Анабар» айбыт остуол оонньуутунан «Я-исследователь» бүтүн Россиятааҕы күрэх улуустааҕы түһүмэҕэр кыттан 2-с миэстэҕэ тахсыбыт.

Данил оонньуутун хайдах толкуйдаабытын, оҥорбутун иитээччитэ Сардаана Андрееваттан ыйыталастым.

— Оонньууну оҥоруохтарын иннинэ Анаабыр улууһун туһунан араас информацияны интернеттэн булан билиһиннэрэр хартыыналарынан брошюра оҥорбуттара. Хартыыналары туһанан Данил доҕотторугар Анаабыр туһунан кэпсээбитэ. Маны таһынан, нэһилиэк библиотекатыгар сылдьан долган норуот остуоруйаларын булбуттара. Бу остуоруйалары бөлөх оҕолоругар кэпсээн, оҕолор уруһуйдаабыттара. Остуоруйаларбытын уонна уруһуйдарбытын тиһэммит эмиэ буклет, карточка оҥорбуппут. Анаабыр улууһун Саха сирин картатыгар көрдөөн булан, оҕолор бу улуус муора кытыытыгар баарын биллилэр.

Оонньуу быраабылата: оонньуур оҕо ахсаана 1-8, бириэмэтэ 10-20 мүнүүтэ. Оонньооччу биирдиилээн 2-лии карточканы арыйар, 2 тэҥ карточканы буллаҕына, бэйэтигэр уурунан иһэр. Кыайыылаах элбэх тэҥ карточканы булбут оҕо буолар. Бу оонньуу оҕо тылын-өһүн, өйүгэр тутар дьоҕурун сайыннарар, тулалыыр эйгэни билиһиннэрэр.

Москвитиннар дьиэ кэргэн Анаабыртан төрүттээх буоланнар таптыыр, ахтар дойдуларын билиһиннэрбиттэр. Оҕо саас сылыгар сайыннарар оонньууну тобуланнар интэриэһи үөскэппиттэр.

Мария Винокурова