Анна – бэйэтэ Аанньал!   

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэриллибитэ, улууспутугар Доруобуйа харыстабылын үлэтэ саҕаламмыта 125 сыла. Бу сылы аһарбакка “СӨ Доруобуйа харыстабылын үлэтин туйгуна”, “Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын киллэрбитин иһин” бэлиэ хаһаайката, ветеран үлэһит, идэтигэр бэриниилээх үөрэнээччим Анна Павловна Иванова туһунан олоххо-үлэҕэ ситиһиилэринэн киэн туттан туран улууһум дьонугар кэпсиэхпин баҕарабын.

А.П. Иванова

Анна төрөппүттэрэ тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ , аҕата Арбыҥҥа сис дьонуттан төрүттээх – Иванов Павел Иннокентьевич (1927-2006) холкуоска хотуулаах хонуу үлэһитэ, сылгыһыта; оттон ийэтэ Иванова Тамара (Ксения) Григорьевна (1928-1987) Өлүөхүмэ Кальвицатыгар  күн сирин көрбүт, омугунан нуучча, Герой Ийэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөн убайынаан детдомҥа иитиллибиттэр. Убайа Николай Харитонов артыыс эбитэ үһү,  “Пропавшее звено” диэн киинэҕэ оонньообут.

Н.Н. Харитонов

Кини Дьокуускайга Саха театрын сүрүн оруолларга оонньообут талааннаах артыыс эбит. Николай Николаевич балтын Тамараны ирдэһэн Арбыҥҥа кэлэн көрсөн үөрдүбүт, баарын биллэрэн билсиспит. Онно кэпсиир киһим Анна 3 саастааҕар, ол таайа көтөҕө сылдьарын син онон-манан өйдүүр эбит.  Ол таайын сиэнэ — Надя диэн кыыһы кытта Тамара оҕолоро улаатан баран булсуһан билсибиттэр.  Надя төрөппүттэрэ эрдэ өлөн эмиэ детдомҥа иитиллибит, улаатан, билигин преподаватель, куоракка Педакадемияҕа заочно үөрэнэр студеннары кытта үлэлэһэр, кэргэннээх, икки оҕолоохтор. Кинини дьүһүнүнэн ийэлэригэр Тамараҕа майгыннаппыттар.

Аҕалара Иванов П.И. – сахаҕа номоҕон дьүһүннээх, киппэ уҥуохтаах, турбут-олорбут үлэһит киһи этэ.

Ивановтар дьиэ кэргэннэрэ

Ийэлэрэ Тамара сырдык чачархай баттахтаах нуучча кырасаабыссата, онуоха эбии дьахтар быһыытынан дьиэ иһигэр-таһыгар сатабыллаах хаһаайка, олохтоох кулуупка художественнай самодеятельность саамай көхтөөх кыттааччыта: ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ, сценка да оонньуутугар доҕотторуттан хаалсыбат артыыска этэ. Кини талаанын удьуордаабыт сиэннэр, хос сиэннэр билигин бааллар. Анна Павловна төрөппүт кыыһа Лена Заровняева Намҥа Культура управлениятыгар өр кэмҥэ салайааччынан үлэлээбитэ, ырыаһыт, билигин М.К.Аммосов аатынан дыбарыаска уус-уран салайааччынан үлэлиир. Лена кыыһа Сайнаара музыка-ырыа эйгэтин уһуйааччыта, ырыа күрэхтэригэр хас да төгүллээх Гран-При хаһаайката.

Ивановтар дьиэ кэргэн 11-дэ оҕоломмуттара, олортон Анна 4-с оҕонон 1956 сыл ыһыах ыһар бэс ыйын 21 күнүгэр төрөөбүт. 7 сааһыгар Арбын начальнай оскуолатыгар 1-кы кылааска киирэн үчүгэйдик үөрэммит. Онтон сүрэҕэ ыалдьан 2 сыл балыыһалары кэрийэн эмтэммит, иккис кылааска дьиэҕэ үөрэммит. Новосибирскай куоракка сүрэҕэр улахан эппэрээссийэ барбыт. 1969-1971 сс. Арбын оскуолатыгар доруобуйата көнөн, (харысхал режимнээх) кыыс оҕону төрөппүттэрэ 3-4 кылаастарга миэхэ үөрэттэрбиттэрэ. Аням учуутал дьолугар, үөрэх программатын дөбөҥнүк ылынан наар “5” сыанаҕа үөрэнэн түмүктээбитэ. Салгыы дьоно аймаҕа Ааныска олордон Нам орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Онно иккис сүһүөх оскуола кэнниттэн оҕо эрдэҕиттэн баҕарар эмчит идэтигэр Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа киирэн ситиһиилээхтик үөрэнэн 1980 сыллаахха бүтэрбитэ. Эмтиир дьоҕурдаах кыыһы преподавателлэрэ “үрдүк үөрэххэ үөрэнэн быраас буол” диэн сүбэлээбиттэрин, элбэх оҕолоох уонна доруобуйата айгыраабыт ийэтигэр көмө буолаары дойдулаабыта.

1980 сыллаахха дойдутугар Арбыҥҥа фельдшеринэн ананан кэлбитэ. Анна ахтар:

Ол саҕана балыыһа улахан этэ, икки палаталаах (10 ыарыһах сытар миэстэлээх), процедурнай, ординаторскай, кухня. Оһохторбут маһынан оттуллара, биир оһоххо шприцтэри оргутарбыт, система резината обработка кэнниттэн эмиэ оргутуллара. Санитаркам Бугаева Людмила Иннокентьевна, кэлин элбэх оҕолоох Герой Ийэ буолбута. Кини олус ыраас, түргэн-тарҕан туттуулаах, бэйэтэ маһы хайытан киллэрэн отторо, мууһун киллэрэн уһаатыгар уулларара, астыыр аһа минньигэһэ, ыарыһахтар махталларын ылара. Хаайтарыы кэмигэр, оһолломмут, улаханнык ыалдьыбыт дьоҥҥо санавиация ыҥыран эмкэ ыытарым. Бөһүөлэк үрдүнэн биир эрэ грузовой массыына баара, онно кыһынын от тэлгээн, тулууп кэтэн үөһэ кузовка олорон  айанныырбыт. Оччолорго миигин кытта фельдшер Надежда Софронова диэн кыыс үлэлээбитэ. Надя уурайан барбытын кэннэ 1983 сыллаахха көмөҕө иккис эмчити Захаров Павел Семеновиһы ыыппыттара, II Хомустаах, өрүс уҥуор айаннаах нэһилиэк киһитэ.

Кэргэнниилэр Анна уонна Павел Захаровтар

Кини кэлиэҕиттэн балыыһа үлэтэ Аннаҕа биллэрдик холкутаабыт буолуохтаах. Кэлии-барыы, эмп-томп аҕалыы, отчуот-семинар эмиэ хардары сылдьан балыыһа өрүү эмчиттээх буолбута. Күннэтэ ыалдьыбыт дьону-оҕону укуоллууллара, бэрэбээски оҥороллоро. Күннэри-түүннэри ыҥырыыга сылдьан ыарыыны быһаараллара, эмтииллэрэ. Итинник үлэлээн – хамнаан иккиэн сүрэхтиин сөбүлэһэн ыал буолбуттара, оҕо-уруу тэниппиттэрэ. Бу улууспутугар өрүс уҥуор уһук нэһилиэккэ өр сыл эмчитинэн, үксүн уоппуската да суох, нэһилиэк дьонун түүнү-күнү аахсыбакка доруобуйатын харыстаан, эмтээн-томтоон үлэлээбиттэрэ. Павел Семенович киэҥ-холку көҕүстээх, үлэтигэр кыһамньылаах, идэтигэр бэриниилээх, үтүө мааны майгылаах эмчит этэ. Хомойуох иһин быйылгы сылга уһун ыарыы кэнниттэн сырдык тыына быстыбыта, көмүс уҥуоҕун кэргэнэ, оҕолоро, бары аймахтара, доҕотторо Чаҕылҕан кылабыыһатыгар кистээбиттэрэ.

Отучча сыл устатыгар элбэх дьахтары төрөтөн, оҕолору-кырдьаҕастары эмтээн араас ыарыыттан быыһаан олохтоохтор махталларын элбэхтик ылбыттара. “Биһиги эмчиттэрбит нэһилиэккэ абыраллаах дьоммут!” дииллэрэ. Кинилэр кэмиттэн кэмигэр ыарыыны утары быһыылары оҥороллоро, бөһүөлэккэ ырааһырдыы үлэтин ыыталлара. Бары тэрилтэлэр хомунан-симэнэн тып-тап курдук оҥостон олороллоро – бу олохтоох балыыһа эмчиттэрин өҥөлөрө буолар диэн быһаарыыга дойдум дьоно сөбүлэһэллэрэ буолуо. Улуус нэһилиэктэригэр тэҥнээтэххэ, Арбын нэһилиэгэр саамай уһун үйэлээхтэр дойдулара диэххэ сөп. Улууска бүтэһик улуу сэрии кыттыылаахтара Арбын ветераннара буолбуттара, олортон бүтэһик сэрии ветерана билигин 99 саастаах Бугаев Николай Николаевич – Хаппыт кыыһыгар Уус Алдаҥҥа көрүллэ барбыта. Арбыҥҥа хаалбыт сэрии ветераннара: Иванов Савва Потапович-Нуучча Сааба, Соловьев Николай Николаевич – Толлой 100 саастарыгар чугаһаан баран бараахтаабыттара.

Эмчит үлэтигэр араас ыксаллаах түбэлтэлэр буолан ааспыттарын сорох түгэннэрин сэгэтэн билиэҕиҥ эрэ: Бу түбэлтэ 1983-с сылга буолбут, саас Алдан өрүс эстэрин саҕана оскуола директора Абрамов Василий Михайлович балыктыы сылдьан давлениета үрдээн, тымыра быһа баран инсультаан охтон хаалбыт… Ону эдэр ыччат Рустам Федоров түбэһэ көрөн, сытар миэстэтин сэрэнэн оҥорон баран, хас эмэ км ыраах турар бөһүөлэккэ тиийэн тыллаан эмчит Аннаны, көмө дьону аҕалан быыһаан тураллар. Анна уһуну толкуйдуу барбакка Баһылайы ньылбы сыгынньахтаан баран этин тыыннаах спиринэн сото-сото массажтаабыт уонна киһитэ бэттэх кэлэн хараҕын көрбүтүгэр таҥаска суулаан тракторынан бөһүөлэккэ аҕалбыттар, санавиацияны ыҥыран киин сиргэ ыытар, онно син балачча эмтэнэр уонна үтүөрэн бэйэтэ хаамар буолбут киһи төннөн кэлэн эмчиттэрин соһуппут да, үөрдүбүт да! Василий Михайлович иккистээн тиллэн кэлэн оскуолатын үлэтигэр кыттыһар, эмчиттэригэр өрүүтүн махталлаах буолара.

Биир саас ыам ыйыгар, оруобуна уу суола аһылла илигинэ Юрий Васильевич Потапов дьиэ кэргэнигэр кыра кыыстара Полинчик ыалдьан ууга-уокка түһэ сылдьыбыттар (аҕыйах хонуктааҕыта Намҥа ийэтин кытта эмтэнэн кэлбит оҕо бэргээн дьонун улаханнык куттаабыт). Биэлсэри ыҥыран көрдөрбүттэр, Анна сүр тиэтэлинэн кэлэн оҕону көрөөт эмтээбитинэн барбыт, оҕо тыынар-тыыммат сурдургуу сытарын сыгынньахтаан баран дэлби хамсатан, илбийэн барбыт. Оҕо улам мөлтөөн уҥан барбыт, эмчит санаатын түһэрбэккэ аны тымныы ууну аҕалтаран сотон-сууйан барбыт, тохтообокко илбийбит, дьоно көрөн олорон “...оҕобутуттан матар буоллубут…” — диэн айманан эрдэхтэринэ кыыстара имэ кэйэн, тыынара иһиллэн бэттэх кэлбит уонна дьонун үөрдэн арыый сэниэлээхтик ытаан иһитиннэрбит. Анна сонно тута киин сиргэ телефоннаан санавиация ыҥыран кыыстаах ийэни төттөрү Намҥа эмтээх сиргэ салгыы эмтэнэллэригэр ыыппыт. Полина Семеновна оҕото үтүөрэн уу суолунан дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэр. Оо. манна Потаповтар дьиэ кэргэн биэлсэр Аннаҕа махталлара муҥура суох буоллаҕа, баалларын тухары ытыктыыр Аанньал буолбут биир дойдулаахтара Анна Павловна буолбута! Ол Полина улаатан Мэҥэ-Хаҥаласка эргэ тахсан, оҕолонон, үлэһит бэрдэ буолан дойдуга туһалыы, дьоллоохтук олороллор.

Спартак Слепцов

Ити курдук кэпсээнтэн кэпсээн Анна эмчиккэ араас  мүччүргэннээх түгэннэр элбэхтэр эбит, олортон мин тус олохпор сыһыаннааҕы кэпсиэм: бииргэ төрөөбүт сурдьум Спартак Слепцов биир үтүө күн 1997 сыл ыһыах ыһар бэс ыйыгар иһин ыарыыта тулуппакка, балыыһаҕа тиийэн биэлсэр  Аннаҕа көрдөрбүт, ону көрөөт да “муҥурдааҕа” диэн диагноз туруоран Намҥа хирургияҕа направление суруйбут уонна уталыппакка мотуорка булан, Намнатаары гыммытыгар ыарыһаҕа: “… ыарыым ааста, барбат инибин…” – диэн аккаастаммыт. Анна Павловна муҥурдааҕа тэстэр кутталламмытын сэрэйэн хара күүһүнэн мотуордаах киһини “бара охсуҥ, хойутаары гыммыппыт…!” диэн мас-таас курдук эппит. Ону анараа биэрэккэ тиийбиттэригэр “Скорай массыыната” номнуо тоһуйан таас балыыһаҕа илдьэн уган кэбиһэр. Дьуһуурунай быраас көрбүт да: “Тулуйа түс, ыһыах кэнниттэн эппэрээссийэлиэхтэрэ...” – диэн буолбут. Сарсыҥҥытыгар ыарыһахтара сарсыардаттан мөлтөөн барбыт, температурата тахсыбыт, дьэ ыксал буолбут..! Ыһыах кэнниттэн күн хирург Егоров кэлэн эппэрээссийэлээбит, муҥурдааҕа тэстэн сиэстэрэтин кытта бэрт уһуннук ыраастаабыттар. Онон уустуктардаах эппэрээссийэ буолан, балыыһаҕа уһуннук эмтэммитэ. Билиилээх уонна кыһамньылаах эмчиппитигэр Анна Павловнаҕа баарбыт тухары  махталбыт муҥура суох! Билигин 75 саастаах оҕонньор сакааска ат сыарҕата оҥорор, балыктыыр, нэһилиэгин ветераннарын тэрээһиннэригэр, ордук спорт көрүҥэр көхтөөхтүк кыттар, Арбынын чиэһин туйгуннук көмүскүүр, чөл олоҕу тутуһар. Чэбдик сааскы күннэргэ хайыһардыыр. Күн бокуой буолбат, олох үтүөтүн нэһилиэгин дьонун кытта үллэстэн, билэн  олорор.

Захаровтар ыал пенсияҕа тахсан баран, оҕолорун кытта өйөнсөн олороору киин бөһүөлэккэ Намҥа дьиэ туттан көһөн кэлбиттэрэ. Сиэн оҕолору көрсүһэн улаатыннардылар, хос сиэн көрөн үөрүүлэрэ үрдээбитэ! Киин сиргэ 2010 сыл көһөн кэлээт Доруобуйа харыстабылын хонтуоратыттан үлэ көрдөөбүттэрин “… миэстэ суох, Арбыҥҥытыгар төттөрү барыҥ..!” диэн кылаабынай быраас ылбатах. Онно санаатын түһэрбэккэ Анна Павловна дьону илбийэн эмтии сылдьыбыта уонна 2012-2013 сылларга бэйэтин баҕатынан Дьокуускайга үөрэммит медучилищетыгар (билигин медколледж) киирэн төлөбүрдээх “массажист” идэтигэр үөрэнэн удостоверение ылбыт. Анал эбии идэлэнэн, чааһынай тэрилтэ ИП тэринэн Намыгар үлэлээбит. Массажист эмтиир географията эмиэ киэҥ, ол курдук Нам улууһун өрүс уҥуоруттан саҕалаан куоракка диэри нэһилиэктэргэ кэрийэн ыарыһахтарын көрдөһүүлэринэн, ыҥырыыларынан эмтээбит. (Кыраайы үөрэтээччи буоларым быһыытынан “олоххо эмчиттэр, ханнык да үйэҕэ аһыныгас (гуманнай) майгылаах дьоннор буолалларын ахтыылартан, архыып матырыйаалларыттан билбитим, ол курдук 1883 сылтан 1894 сылга диэри Модукка сыылкаҕа кэлбит поляк эмчит Александр Сипович сахалары алаастарынан, нэһилиэктэринэн, чугастааҕы улуустарынан, куорат олохтоохторун кытта эмтээн элбэх саха омук, атын да кэлии дьон махталын уонна ытыктабылларын ылбыта). Мин Анна Павловнаны эмиэ бу сахалар махталлаах эмчиттэригэр холоотум!

Үөрэҕи барыан да инниттэн дьон көрдөһүүтүнэн массажтаан үтүөрдүбүт түмүктэрэ көстөн, онтон эрдийэн анал үөрэҕи барбыт эбит. Кини айылҕаттан айдарыылаах эмтээх – алыптаах илиилэрдээх буолан үтүө түмүктэри көрдөрбүтүн дьон элбэх махталларыттан билэбит. Анна Павловна ИП тэрилтэ эмчитэ буолан отчуот оҥосторугар, эмтэммит дьон махталларынан, хаартыскалардаах бэйэ оҥоһуга кинигэ оҥотторбутун биир кинигэтин учууталыгар миэхэ бэлэхтээбитэ. Ону ааҕан, көрөн баран үөрэнээччим эмчит быһыытынан ситиһиилэрин көрөн сөхпүтүм, киэн тутуннум! Бу буолар идэтигэр бэриниилээх, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун туһанан бар дьон, оҕо-аймах доруобуйата тупсарыгар, олоххо туһалаах дьон буолалларыгар патриотическай санаанан алыптаах тарбахтарынан, сайаҕас ийэлии майгытынан сүдү улахан туһаны оҥорбут, оҥорор даҕаны эбит! Орто дойдуга дьон-аймах этэҥҥэ туруктаахтык олороллоругар баҕа санаалаах дьиҥнээх Аанньал киһибит Анна Павловна Иванова буолар!

Анна Монголия илбииһиттэрин кытта. 2012 с.

Анна Норуот эмчитэ Олесов Н.Н. кытта

Быйылгы Наставник уонна Үлэ сылыгар бэйэтин идэтигэр дьиҥнээх уһуйааччы, талааннаах массажист буоларын бигэргэтэн, идэтин тупсарынан атын эмчиттэри кытта алтыһар, сүбэ ылар, эбэтэр бэйэтэ сүбэ биэрэр. Ол курдук Уус-Алдан Кэптэни нэһилиэгин аатырбыт уҥуох тутааччы Олесов Н.Н. кытта көрсөн сүбэ ылбыта. 2012 сыл Дьокуускайга Монголия илбииһиттэрин кытта көрсүһэн хардары эмтиир ньымаларыгар сүбэ ылаллар, кинилэри кытта  сибээһин быспат.

Эмтэнэн үтүөрбүттэр махталларын билсиһиэҕиҥ (бу элбэхтэн аҕыйах холобур)

1981 сыл, Арбын: Мин убайым Афанасий Иванов тракторга үлэлии сылдьан атаҕын тоһуппута, ону фельдшер Анна Павловна толлубакка суһал көмө оҥорбута. Мас тырыыҥкалаан бэлэмнээн баран уустук баҕайытык тостубут атаҕын ынах арыытынан сото-сото имэрийэн бэлэмнээбит тырыыҥкатынан тутан баайбыта. Онтун убайым Намҥа баран ренгеҥҥэ түспүтэ, “олох үчүгэйдик тутуллубут” диэн үөрүү буолбута. (Бу Анна фельдшер үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ иккис сылыгар эбит).

Махталлаах балта Рая Колмогорова.

1998 год. Село Нам. У меня был диагноз: трофическая язва правой конечности. Анна провела три сеанса на правой ноге, после чего язва начала заживать.

Иванова Ирина Степановна.

2011 г 20 февраля. У меня был шейный остеохондроз, болела шея и поясница. После 6 сеансов я себя стала чувствовать отлично.

С благодарностью Артемьева Лариса Валентиновна.

2011 сыл, олунньу ый 2 күнэ. Икки сыллааҕыта кэргэним Владислав Яковлевич дьиэ тута сылдьан үөһэттэн сууллан түһэн сиһин оһоллоон сыппыта. Онно (массажист) сахалыы “илбииһит” диэххэ, Аннаны ыҥыран илбиттэрбитим, ол кэннэ сиһин ыарыыта биллибэт, үлэ-хамнас киһитэ буола сылдьар.

Махталлаах Челекова А.Е.

2011 сыл, кулун тутар ый. II Хомустаах. Мин оҕом Сардаана Семенова 19 саастаах. Төрүөҕүттэн инбэлиит, ДЦП-лаах, үчүгэйдик хаампат, илиитинэн сатаан туттубат, аанньа утуйбат этэ. Анна Павловнаҕа 10-ча күн массажтанан оҕом баһаамы туһанна: утуйара үчүгэй буолла, хамсанара аматыйда, сэргэхсийдэ. Массажтанарын сөбүлүүр, астынар.

Махталы кытта төрөппүт Семенова Мария Афанасьевна.

2011 сыл, муус устар 16 күнэ. Нам селота. Биһиги ыал уол оҕобутун куһаҕан санаалаах дьоннор ыараханнык эчэтэн балыыһаҕа сытан эмтэммитэ, онтон тахсан аны дьиэтигэр сыппыта. Анна Павловнаны ыҥыран илбиттэрэн, билигин дьиэтин иһигэр хаамар, бэйэтэ аһыыр буолла.

Махталлаах дьиэ кэргэн Петровтар.

2014 год, 1 марта. Село Нам. Массаж, сделанный вашими золотыми пальцами, профессиональными кистями вернули мне надежду на полноценное существование. Благодаря вам многие пациенты смогут с надеждой думать о выздоровлении.

С огромной благодарностью Попова Вера Васильевна.

2016 сыл. Уолум Петренюк Толя төрүөҕүттэн инбэлиит, массажка  наадыйар буолан Анна Павловна алыптаах илиилээх илбииһит баарын истэммит, кэпсэтэн киниэхэ эмтэннибит. Уолбут олох сытар эрэ этэ, илбийии көмөтүнэн бастаан эргийэр, сыыллар буолбута. Онтон атаҕар туран билигин тутуһан хаамар буолла, бастакы сеанстарыттан олох көрдөрбүтүнэн туруга тупсан, эбиллэн барбыта.

2016 сыл. Мин үһүс уолум “синдром Прадера-Вилли” диагнозтаах төрөөбүтэ. Кыайан аһаабат, былчыҥнара мөлтөх, гипотонус бөҕөлөөх этэ, ол иһин медцентрга  реабилитациоҕа эмтэппитим, салгыы дойдугутугар массажтанаарыҥ диэн ыыппыттара. Онно илбииһит Анна Павловнаны ыйан биэрбиттэрэ. Эмчиппит сонно тута сөбүлэһэн илбийэн эмтээбитэ, хас эмтэнии аайы уолум хамсанара элбээбитэ. Билигин 4 саастаах, сүүрэ-көтө сылдьар.

2016 год. Наш третий сын Артур до 1,5 лет не мог ходить, был малоподвижен. Ходили к врачам, сказали, что у него слабые мышцы и отправили в Республиканский реабилитационный центр, где там проходили полный массаж тела и получали физиотерапию. Дальше порекомендовали дальше по месту жительства получать массаж. Тогда я обратилась к Анне Павловне, у нее мы прошли только 4-5 курса массажа, результат был сразу на глазах видно: сыночек встал на ноги и начал ходить. Сейчас Артуру 9 лет и по собственному желанию учится в Якутской балетной школе. У него уже хорошие результаты, педагоги его хвалят.

Артур балетнай студияҕа

С огромной благодарностью мать Артура.

Село Аппааны. Наш сын после перенесенной в 8 месяцев операции отставал в развитии. Врачи нам сказали, что наш сын никогда не сможет ходить и говорить. Но мы боролись за здоровье нашего сыночка, находили лучшие методы лечения малышу..! Узнали у добрых людей про массажистку Анну Павловну и обратились к ней, она сразу принялась лечить. И благодаря ее теплым, волшебным рукам и советам по физическому развитию наш сын стал ходить в 2 года 2 месяца. Сейчас Дамиру 9 лет, закончил 1 класс, интересуется техникой. После старшего сына курс массажа прошел 3-хмесячный младщий сын, дальше курс массажного лечения проходит внук – результат наблюдается, ощутимый прогресс в физическом развитии, сразу со второго дня лечения.

Дамир

С благодарностью семья Семеновых.

2014 сыл, алтынньы ый 5 күнэ. Биһиги аҕабыт Рафаэль Егорович ыарахан кэмнэригэр кэлэн, айанын да кэрэйбэккэ күүс-көмө буолбут күннэргин хаһан да умнуохпут суоҕа. Ыарахан кэмҥэ киһиэхэ кыра наада, ол курдук киһиэхэ сылаас сыһыаныҥ хаһан да уостубатын, иннин диэки күүскэ, үөһэ дабайан ис диэн алгыыбыт.

Партизантан Парниковтар дьиэ кэргэн.

2015 сыл, 17 апреля. Мы понимаем, что массаж – это тяжелый труд, неотьемлемая часть реабилитации здоровья больного человека. Не каждый человек одарен данным видом умения помочь больному эффектно пройти реабилитацию. Вспоминаем вашу первую помощь посредством профессионального массажа моей второй дочери Василисе, у которой был открытый перелом правой руки в области локтевого сустава, но сначала, мы думали, что рука обретет свой прежний вид, а рука была искривлена после тяжелой травмы… После 10 дней курсов массажа, рука постепенно обрела свой прежний вид, полностью восстановилась, она могла управлять ею как прежде, это все благодаря профессиональному массажу Анны Павловны. Также наша волшебная фея сделала массажи младщим детям, у которых тоже были после сеансов улучшения.

С низким поклоном и благодарностью семья Старковых.

2015 сыл ыам ыйын 16 күнэ. Биһи аймахха Анна Павловна 3 киһини илбийбитэ: эбээбитин – сытар ыарыһаҕы туруорбута, бэйэм оҕолономмун эмиийим маститтаан ыалдьыбытын илбийэн абыраабыта, онтон оҕобун 3 уонна 6 ыйдааҕар илбиттэрбитим. Аны убайым кустуур кэмҥэ илиитин иэччэҕин тымнытан үөһэ ууммат буолбутун эмиэ Анна Павловна биир сеанс илбийии иһигэр илиитин үөһэ таһаарар, хамсатар буолбута, онон бары өссө төгүл илбийии күүһүгэр итэҕэйбиппит.

Биһи дьиэ кэргэҥҥэ күн-ый буолбут илбииһит Анна Павловнаҕа махталлаах Соловьева А.В.

2015 сыл, атырдьах ыйа. Мин 2013 сыллаахха үөһүм тааһын икки төгүл эппэрээссийэ кэнниттэн орон — тэллэх киһитэ буолан 6 ыйы быһа сыппытым. Быраастар “дизлятаболическое полинейропатия” диэн диагноз туруорбуттара. Бу иннинэ ыалдьыбатах киһи бэйэм даҕаны, дьонум даҕаны сүрдээҕин соһуйбуппут… Бырааһым “илбийии көмөтө наада” диэбитигэр кыһалҕалаах буоламмын илбииһити ыйыталаһан Анна Павловна Иванова аадырыһын булан кэпсэппитим. 10 күн илиитин иминэн таба таайан, атаҕым төбөтүттэн төбөм оройугар диэри илбийэн, сүбэлээн-амалаан, сүргэбин көтөҕөн, атахпар туруорбута!

Миэхэ Аанньал буолбут Аннабар улахан махталлаах Үөдэй нэһилиэгин олохтооҕо Саввина Мария Ивановна.

2016 сыл, кулун тутар. Биһиги дьиэ кэргэн Анна Павловнаны Аанньал курдук саныыбыт уонна махталбыт муҥура суох. Улахан сиэммит 2013 сыллаахха 7 ыйыгар дылы атаҕын төбөтүгэр үктэнэ сылдьарын илбийбитэ, үс сеансы ылаат да үчүгэйдик үктэнэр буолбута. Билигин сиэммит сүүрэ-көтө сылдьарын көрөн эмчиппит бэйэтэ сөхтө, үөрдэ. Аны быйыл кыра сиэн кыыспытыгар массаж наада диэбиттэригэр Аллара Бэстээхтэн Намҥа ыҥыраммыт илбийэн эмтэттибит.

Махталы кытары Никольскайтан Потаповтар.

2016 год. Село Нам. В этом году моя мама Рафаида Хасановна сильно заболела: не могла вставать, ходить. Врач-терапевт ей назначила уколы, я обратилась за помощью к Ане, делать уколы. Аня согласилась, мама даже не чувствовала никакой боли, когда Анна Павловна делала уколы. И благодаря правильному лечению, благодаря заботливым и умелым рукам Анны Павловны мама встала на ноги. Маме 87 лет, а она ходит пешком в лес, собирает грибы, ягоды. Наша Аня замечательный массажист, у нее профессиональные и умелые руки!

С большим уважением Зинаида Чумаевская.

2017 год, 10 мая. Село Нам. Уважаемую Анну Павловну, благодарю за помощь оказанную мне! Массаж, сделанный вами, очень помог мне с болью на спине. Мне очень полегчало с тех пор. Ваши советы тоже очень помогают по сей день.

С благодарностью Маталианов А.П.

2017 сыл, атырдьах ыйа. Дьокуускай. Биһиги ыал Анна Павловнаҕа анаан куораттан кырынан, 10 күн кыыспыт остеохондроһун, уолбут сколеоһун илбиттэрбиппит. Кыыспыт көхсүн ыарыыта ааста, уолбут илбийэн эмтэнэрин олус сөбүлээбитэ, утуйара тубуста, туруга чөлүгэр түспүтэ.

Шумиловтар дьиэ кэргэнэ.

2018 сыл, олунньу ый. Биһиги дьиэ кэргэн дьон хайҕыыр илбииһитэ Анна Павловнаны истэммит, илбиттэрэн эмтэннибит. Кини профессиональнай таһыма, медицинскэй үөрэхтээҕэ биһигини кэрэхсэттэ. Илбийии сеанстарын ыламмыт олус чэпчээтибит. Ону таһынан эмчиттэн элбэх сүбэлэри ыллыбыт, кэргэним Семен тоноҕосторо хас да сыл ыалдьан, хам тутан эрэйи көрбүтэ, билигин биллэрдик сэргэхсийдэ.

Бу сиргэ баар бары үчүгэйи баҕарабыт, махтанабыт Татьяна, Семен Бережневтар.

2019 сыл ахсынньы ый. Мин “остеохондроз шейный, грудной, крестово-поясничный, протрузия” диэн диагнозтаах киһи бэргээн олох кыайан хаампат, сытар эрэ киһи буолан хаалабын… Дьонтон абыраллаах илбииһит баар үһү диэн истэммин көрдөөн булан илбиттэрэн үтүөрбүтүм, үлэбэр түргэнник тахсыбытым. Анна Павловнаны чугас билэн, кини киһи гиэнэ үтүөтэ, ыраас сырдык дууһалаах, дьоҥҥо наар көмө, сүбэ биэрэр киһибит!

Аанньал Аннабар махталлаах Румянцева Ксения Михайловна.

2019-2020 гг. Анна Павловна помогла встать на ноги нашей матери после тяжелого инсульта. Наша мама прощла у нее два курса массажа. После первого курса у нее появилась чувствительность пальцев рук и ног, одолела силу-воли подняться на ноги с поддержкой за спину. Анна Павловна не только опытный массажист, но и внимательный, отзывчивый врач. Она с пациентом работает не только как массажист, но и как психолог, что это очень помогает при реабилитации больного после перенесенного инсульта.

Семья Аргуновых Александра Ивановна и Иван Гаврильевич, их дети и внуки выражаем слова благодарности врачу-массажисту Ивановой Анне Павловне.

Маннык махтал уонна эмчиккэ бэйэтигэр ананар алгыс тыллардаах суруктар эмчит Анна Павловнаҕа тиийэн кэлэ тураллар, бэрт аҕыйах махталлары киллэрдим. Бэйэтэ биир дьоҕус кинигэ буолар ахтыы-махталлар элбэхтэрэ миигин-учууталын сөхтөрдө! Үөрэппит оҕобор үтүө санаатыгар, илбийэн эмтиир идэтигэр, элбэх ситиһиилэрдээх үлэтигэр сүгүрүйэбин! Кытаатан бэйэҕин эмиэ харыстаан чугас дьонун-ыччаттарын үөрүүлэригэр уһуннук этэҥҥэ олор! Сайдам санааҕынан бар дьоҥҥор туһалаа, эмтээ, патриотическай иитииҥ күүстээх буолан дойдуҥ дьоно чөл туруктанан олоххо туһалаах буолалларыгар, дьоллоох олохтоноллорун туһугар кыһамньыгар сиртэн халлааҥҥа тиийэ махтал, оҕолоргун, сиэннэргин, хос сиэннэргин кытта бука бары этэҥҥэ буолуҥ!

Арбын оскуолатыгар үөрэппит учуутала РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,“Учууталлар учууталлара”, “Методист-иитээччи”,  СӨ ветераннарын Бочуоттаах ветерана, Нам улууһун уонна Модут нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина,кыраайы үөрэтээччи Е.А. ЛУКИНОВА

Читайте дальше