СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн өрөспүүбүлүкэ 17 оскуолатыгар уонна 2 техникумҥа, 1 эбии үөрэх тэрилтэтигэр саҥа автобустар күлүүстэрин туттарда.
Дойду правительствота быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хотугу сир усулуобуйатыгар сөптөөх 20 автобуһу биэрэргэ быһаарбыт. Бүгүн күлүүстэри Дьокуускайтан саҕалаан баран Дьааҥы, Халыма курдук хоту улуустар оскуолалара туттулар. Кинилэр истэригэр биһиги Арбыммыт баара үөрдэр.
Катерина Николаевна Догордурова, Арбын оскуолатын директора:
— Биһиги оскуолабыт массыынатын былырыын байыаннай дьайыы туһатыгар биэрбиппит. Онтон быйыл бу Ил Дархан илиититтэн 17 миэстэлээх киэҥ-куоҥ саҥа «Газель» автобуһу тутан олус үөрдүбүт, астынныбыт. Мантан антах үөрэнээччилэрбит харгыһа суох олимпиадаларга, куонкурустарга кытталларыгар усулуобуйа тэрилиннэ.
Быйыл Саха сирин оскуолаларыгар транспорт ылар туһугар федеральнай бюджеттан 61,2 мөл. тахса солк. тыырыллыбыт. Дойду президенин сорудаҕынан 4 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ 213 автобустаммыт.
Оскуолалары техниканан хааччыйыы дойду үрдүнэн 2016 сылтан ыытыллар. Бу кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэбитигэр 507 транспорт кэлбит.
Эҥсиэли