Российскай Федерация эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация маастар-асчыта, Российскай Федерация потребкооперациятын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам, Таатта улуустарын Ытык киһитэ, А.Е.Кулаковскай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов 80 сааһыгар аналлаах Арбын нэһилиэгин дьахталларын икки ардыларыгар “Тарбаахаптыы астыахха” күрэх олус тэрээһиннээхтик, элбэх киһи кыттыылаах ыытылынна. Күрэх сыала-соруга: саха төрүт аһын үгэстэрин сайыннарыы, кулинария искусствотыгар уһуйуу.
Күрэххэ нэһилиэк эдэр ийэлэрэ, дьахталлара 5 киһилээх 4 хамаанда туруоран күрэхтэстилэр. Асчыттар олус кыһаллан, тэринэн кэлэн сэттэ түһүмэхтэн турар уустук көрүҥнэри аастылар. Ол курдук, саха төрүт аһыттан Тарбаахап ырысыабынан астаабыт бүлүүдэлэрин сиэдэрэйдик киэргэтэн сөхтөрдүлэр. Тарбаахап ырысыабынан хас да көрүҥ саламаат оҥорон, күөрчэх ытыйан, Арбыҥҥа үүнэр араас сир аһыттан утахтары оҥорон амсаттылар, олус сиэдэрэйдик торт киэргэтэн, фрукта арааһын араастаан быһан киэргэтэн бүлүүдэ оҥордулар, ону таһынан хоточчу, дэлэй астаах остуол сервировкалаан көрдөрдүлэр. Асчыттар бары тутталлара-хапталлара түргэнэ, бэрт уустук бүлүүдэлэри ыйыллыбыт бириэмэҕэ сатабыллаахтык астаан, дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ биир дойдулаахтарбыт кэлэн үлэлээн, күндү ыалдьыттарынан буоллулар. И.И.Тарбаахаптыын өр сылларга Нам улууһугар “Сандалы” остолобуойугар бииргэ үлэлээбит коллегалара: “Российскай Федерация потребкооперациятын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” орден кавалера, Саха Республикатын хааччыйыыга эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын потребкооперациятын туйгуна, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Нина Николаевна Тимофеева, Российскай Федерация потребкооперациятын туйгуна, Саха Республикатын ас-үөл индустриятын туйгуна, “Нам улууһа сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ Александра Егоровна Бугаева, шеф-повар, “Word Skills” күрэх экзаменатора Мохсоҕол Уола Степан Степанович Колесов.
Дьүүллүүр сүбэ бүлүүдэлэри сыаналыылларын таһынан сүбэлэрин биэрдилэр, онон асчыттар туһалаах араас информация ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ бэйэтинн анал бирииһин — И.И. Тарбахов кинигэлэрин оҕолорго анаан орто оскуола директорыгар Катерина Догордуроваҕа, эдэр асчыт ийэҕэ Сахаайа Власоваҕа, торт киэргэтиитин кыайыылааҕар Марта Колесоваҕа туттарда. Күөрчэх оҥоруутун кыайыылааҕа Марианна Семенова, «Бастыҥ саламаат” кыайыылааҕа Анисья Жиркова спонсор Индира Софронова анал бириистэрин туттулар. Күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан “Хотууна” хамаанда тахсан, “Тарбаахап утумнааччылара” анал аат ыллылар. Эдэр ийэлэр «Биэс сибэкки” хамаандалара “Ураты көрүүлээх асчыттар”, орто саастаах асчыттар “Кырсаада” хамаандалара “Минньигэс астаах асчыттар”, аҕам саастаах “Эбээлэр” хамаандалара “Дэлэй астаах асчыттар” анал ааттары ыллылар. Күрэххэ кыттыбыт хас биирдии асчыттар култуура киинэ бэлэмнээбит бириистэрин ылан, бары «өттүк харалаах, илии тутуурдаах» үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап төрөөбүт улууһугар Тааттаҕа, биир дойдулаахтара 2010 сылтан ыла уолаттарга “Тарбаахаптыы астыахха” диэн күрэх ыытан кэллилэр. Биһиги улууспутугар маннык күрэх тэриллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын истибэтэх, кинини билбэт саха суоҕун кэриэтэ буолуохтаах. Ол курдук, саха төрүт аһын-үөлүн аан дойдуга киэҥник тарҕаппыт, ураты минньигэһин, иҥэмтэлээҕин аар саарга аатырдыбыт норуот биир киэн туттар ытык киһибит буолар. Кини Нам улууһугар 18 сааһыттан үлэлээн, уон иһигэр киирбит Россия үрдүк кылаастаах бастыҥ повардарыттан биирдэстэрэ буолар. Иннокентий Тарбахов туохха да тэҥнэммэт ураты минньигэс астара араас омуктары дуоһуппуттара, сөхтөрбүттэрэ. Саха норуотун киэн туттар талааннаах асчыта Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов бэйэтин сатабылын, маастарыстыбатын куруук дьонугар-сэргэтигэр тарҕатан кэллэ. Кини ураты талаанынан, олоххо дьулуурунан, сырдык ыраас ыратынан норуотун историятыгар чаҕылхай кинигэлэри суруйбута. Бу кинигэлэри элбэх киһи ааҕан, төрүт аспытын астыырга үөрэнэн, туһана сылдьабыт, онон махталбыт муҥура суох.
О.Н. Соловьева, «Тускул» култуура киинин директора