Намтан кэргэннии Ньургуйаана, Анатолий Аргуновтар Төҥүлүгэ ыытыллыбыт “Дэгэт Уус‒2024” бетонтан скульптура куонкуруһугар үһүс миэстэни ыллылар.
Кинилэр “Аляска‒Сибирь” диэн
скульптура чочуйан таһаардылар уонна 200000 солк. уу харчынан наҕараадаланнылар. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр 1942 с. тэриллибит “Аляска‒Сибирь” (АлСиб) салгын трассатын кэпсиир скульптура. Трасса дойду үрдүнэн уонтан тахса аэродромнааҕа. Сүрүн былаһааккаларыгар Дьокуускай киирсэрэ, оттон саппаас аэродромнарыгар Алдан, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн бааллара.
Оччотооҕу тыйыс кэм историятын биир тарбахха баттанар чахчытын, байыаннай сөмөлүөттэри Саха сиригэр көтүтэн аҕалан түһэрии чаҕылхай түгэнин бу скульптура арылыччы көрдөрөр.
Аргуновтар:
Төҥүлү олохтоох урбаанньыта суолга аһатар кафелардаах Иван Иванович Борисов сылын ахсын араас күрэхтэри уустарга тэрийэр эбит, быйыл бетон скульптуратын интэриэһэргээн оҥорорго санаммыт.
Бастаан сэрэбиэй оҥорбута, онно 11 тиэмэттэн биһиэхэ АлСиб («Аляска-Сибирь секретная трасса») кистэлэҥ трасса темата түбэспитэ. Ол тиэмэлэри музей үлэһиттэрэ информация ыытаннар, үөрэтэммит эскиз оҥорбуппут. Бу салгын трассатыгар 17 эдэр кыыс тыраахтарыыһынан, уот уматааччынан көтөр аал түһэр сирин бэлэмнииллэр эбит. Биһиги үлэбитин АлСибка үлэлээбит кыргыттарга анаан оҥорон таһаардыбыт.
Иван Борисов бэйэтин аймаҕа Киренская Матрена Егоровна трассаҕа тырахтарыыстаабыт эбит.
Үлэбитигэр кэлин истиэнэтигэр көстөр көтөр ааллары заправкалаары буочука таһан иһэр оҕустаах кыыс көстөр.
Куонкурус “Кылаан кыайыылаах” аатын Дьокуускайтан “Дьоҕур” хамаанда “Собо ‒ Күөх боллох бэлэҕэ” скульптуралара 250000, иккис буолбут Ньурба “Өҥөлдьө” “Мин мантан сэриигэ барбытым” үлэлэрэ 230000 солк. ыллылар.
От ыйын 10–15 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр “Дэгэт Уус‒2024” диэн бетонтан скульптура аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолан ааста.
Араас улуустан 11 хамаанда кыттыбыт. Онуоха биһиги Аргуновтарбыт үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыттара, талааннарын, дэгиттэр маастар, уустар буолалларын көрдөрөр. Бэлиэтээн эттэххэ, кинилэр араас матырыйаалтан оҥоһуктара мэлдьи ураты, интэриэһинэй, эриэккэс көрүүлээх, толкуйдатар, улахан айымньыга тэҥнээх буолаллар.
Бу “Дэгэт Уус‒2024” куонкуруска дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Василий Артемьевич төһө да кыттыбатар, уопуттаах, дэгиттэр уус, маастар-кылаас быһыытынан, оҥоһук чочуйан көрдөрдө.
Эмиэ киһи хараҕын араарбакка көрөр, истиҥ иэйиилэри саҕар, философскай ис хоһоонноох оҥоһук буолан тахсыбыт.
«Эҥсиэли» хаһыат