Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов:
— Забайкальскай кыраайга Шерловая Гора диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 05665 нүөмэрдээх байыаннай чааска 1981-83 сыллардаахха сулууспалаабытым. Байыаннай идэбинэн связиспын. Чааспытыгар 21 саха уола, онтон Намнар тохсуо этибит.
Сулууспа кэмигэр бэйэни кыанарга үөрэнэҕин. Дойдубутугар бэриниилээх, патриот санаалаах буоларга кыра эрдэхпититтэн оскуолаҕа үөрэтэллэрэ. Бу хаачыстыбалары армияҕа өссө ордук үрдэтэҕин. Армияҕа саамай сүрүнэ — булгуруйбат бойобуой доҕордоһуу баар буолуута. Бу көстүү сэбиэскэй кэм армиятыгар уонна билигин даҕаны баар, олохторун устата бииргэ тутуспутунан сылдьаллар.
«Армия» диэн тылы иһиттэхпинэ, тута бииргэ сулууспалаабыт доҕотторбун, күүстээх строевой хаамыылары, Монголиянан, Забайкальенан сылдьыбыппыт учениелары саныыбын. Сулууспалыыр кэммэр техникаҕа, сибээскэ билии ылбыт үөрүйэхтэрбин (навыки) билигин даҕаны өйдүүбүн. Ону тэҥэ, бастакы сайыммытыгар Москва-Пекин диэн улахан сибээс линиятыгар истиэпкэ траншея хаһа-хаһа 200 км уһуннаах кабель уурбуппут умнуллубат. Армия бастакы ыйа көҥүллүк сылдьыбыт киһиэхэ, биллэн турар, ыарахаттардаах. Дьиссипилиинэҕэ, биир хамаанда буоларга үөрэнэҕин.
Биһиги саҕанааҕы ыччаттар өйдөбүллэригэр сулууспалыы барыы улахан чиэскэ турара. Мин көрүүбэр, биир сыл сулууспа кыра, киһи улахаҥҥа үөрэммэт. Холобура, саҥа технологияны, техникалары биир сыл үөрэтэн хайдах да баһылаабаккын.
Уолаттар сулууспалааннар буһан-хатан, элбэҕи билэн-көрөн кэлэллэр. Испиискэ маһа 45 сөкүүндэ умайарын устата таҥнан стройга туруохтааххын. Армияҕа хамандыырдарбыт харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Бу санаатахха, эдэр хамандыыр уолаттар барытыгар төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыллара. Билигин да армия оннук буолуо дии саныыбын. «Отец командир» диэн мээнэ ааттаабаккын.
«Эҥсиэли» хаһыат