Наммыт улууһугар аан бастакытын гастроужин ыытылынна.
Тэрийээччилэр: «Мой Бизнес» улуустааҕы киинэ (сал. Тарабукина Марфа Семеновна), улуус координационнай сэбиэтэ (сал. Аммосова Кира Кировна) уонна «Папина кухня» кафе — «Федосеевы»
(ген.дир. Вероника Александровна Федосеева) ХЭТ.
Гастроужин «Үрдэл» банкеттыыр саалаҕа тэриллибит. Аһылык шеф-поварынан Александр Федосеев буолбут.
Александр Анатольевич шеф-повар квалификациятын 2022 с. ылбыт. Общепитка үлэтин уопута 16 сылга тэҥнэһэр. Шеф-повар квалификациятын ылар туһугар, Красноярскай куоракка гастрономия норуоттар икки ардыларынааҕы институтугар бэлэмнэниини ааспыт.
Кини Нам улууһун бизнеһин бэрэстэбиитэллэригэр саҥа бүлүүдэлэрин амсаппыт.
Менюга: ынах тылыттан салат,
кыһыл искэхтээх индигирка,
отон соустаах, кедр эриэхэлээх күөрчэх,
тайҕа чэйэ,
лимон симэһиннээх утах (лимонад). Оттон аһылык киэһэтин сүрүн бүлүүдэтин быһыытынан шеф-повар отон соустаах кус түөһүнэн күндүлээбит.
Саҥа ыытыллыбыт тэрээһин кыттааччылара гастроужин үрдүк таһымҥа тэриллибитин бэлиэтээбиттэр.
Сонуннук, сиэдэрэйдик киэргэтиллибит остуоллар, фотозона ыҥырыылаах ыалдьыттары сөхтөрбүт, астыннара соһуппут.
Бэлиэтээн эттэххэ, тэрээһин Бүтүн Россиятааҕы Атыы-эргиэн үлэһиттэрин күнүн (от ыйын 27 күнэ) чэрчитинэн ыытыллыбыт. Нам улууһугар 783 урбаанньыт баар, олортон 200-тэн тахсата атыы-эргиэн, ас-үөл, нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥоруу уонна олох-дьаһах коммунальнай эйгэтигэр үлэлииллэр. 2023 сыл түмүгүнэн Нам урбаанньыттарын нолуоктарыттан
улуус бюджетыгар 48 мөл. солк. киирбит.
«Эҥсиэли» хаһыат