Бэҕэһээ, олунньу 2 күнүгэр, П. А. Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр, поэт, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа Ефрем Степанович Сивцев — Таллан Бүрэ 115 сааһын туолбут үбүлүөйүн бэлиэтээтибит.
Поэт Нам улууһун Хатыҥ — Арыы нэһилиэгэр 1909 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр төрөөбүтэ. 1929 сыллаахтан Тыгыыныскай диэн аатынан хаһыат сирэйдэригэр бэчээттэнэн барбыт. Бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1937 сыллаахха «Хоһоонор» диэн ааттанан тахсыбыт. Сүрүн айымньытынан «Уолан Эрилик» поэматын ааҕаллар. «Хотойук», «Мааппа ырыата» онтон да атын хоһооннорун С. Кузнецова нууччалыы тылбаастаабыт. Таллан Бүрэ ураты тыыннаах, баай уобарастардаах, ардыгар нуучча тылларын кыбытар дьиктилээх хоһоонноро саха поэзиятын, байыппыттара, үрдүк поэзиянан ааттаммыттара.
Убүлүөйдээх киэһэни Народнай суруйааччы П. Н. Харитонов — Ойуку уонна Таллан Бүрэ уола суруйааччы С. Е. Сивцев — Хамалҕа истиҥник ыытаннар, ырыа, хоһоон, үтүө тыл Таллан Бүрэ кэрэ эйгэтин тилиннэрбиттэрэ.
“Далбар Хотун” сурунаал