Халаан уутун содулун туоратыыга үгүс үлэ бара турар. Ону таһынан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмө, ырааһырданыыга, хомунууга субуотунньук тэриллэр. Кыһалҕалаахтарга өрөспүүбүлүкэпит олохтоохторо туораттан көрөн олорбокко бэйэлэрин көмөлөрүн ыыталлар, аҕалаллар.
Тыа сиригэр олорор буолан сүөһүнэн, сылгынан дьарыктанааччылар үгүстэр. Халаан уута киһи үөйбэтэх өттүттэн эмискэ эбиллэн бааһынай хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо балай эмэ хоромньуну таһаарда.
Екатерина Стручкова, Нам улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кооперативтарын ассоциациятын председателэ:
“Бүгүн Нам улууһугар халаан уутугар эмсэҕэлээбит хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн дьарыктанааччыларга тыа хаһаайыстыбатын салаатынан бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кооперативтар ассоциацияларын аатыттан, Ньурба курдук ыараах сиртэн, Любовь Иванова баһылыктаах “Сиибиктэ” бааһынай хаһаайыстыба көмө буолан ньирэйдэри аҕалла. Бары билэрбит курдук Хатырыктар улаханнык эмсэҕэлээтилэр. Көмөлөрүн Александра Слепцова баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыбатыгар аҕалан туттардылар. Бэйэлэрин санааларын ууран көмө оҥорбут хаһаайыстыбабытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Александра Васильевнаҕа ньирэйдэр улаатаннар сүөһү төрдө буоллуннар. Көмө буолбут дьоммут үтүө санааларын ыһыктыбакка үлэлэрэ-хамнастара тахсыылаах буоллун, тупсан, сайдан истиннэр”.
Любовь Иванова, Ньурба улууһун “Сиибиктэ” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга:
“Нам улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит, ыарахан түбэлтэни көрсүбүт кыһалҕаларын ис сүрэхпитинэн ылынан биир идэлээхпитигэр Александра Васильевнаҕа симменталь боруодалаах быйылгы төрүөх 5 тыһы ньирэйи аҕалан туттардыбыт. Сураҕынан истэн, куйаар ситиминэн көрөн, айылҕа алдьархайын, иэдээнин сөхтүбүт. Нэһилиэккэ халаан уутун кэнниттэн ыраастаныы, куурдунуу үлэтин күргүөмнээхтик ыыта сылдьаллар эбит. Элбэх сүтүктээх бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александра Слепцоваҕа, сахалыы киэҥ көҕүстээх мааны далбар хотуҥҥа, күүс-көмө буоларга санаммыт сорукпутун ситтибит. Ньирэйдэри тиэйэн, көрөн-истэн аҕалбыт тутаах үлэһиттэрбэр управляющайбар Игорь Сухариновка, бэтэринээринэй бырааспар Елена Анисимоваҕа махталбын тиэрдэбин”.
Ньурба улууһун Сүлэтигэр “Сиибиктэ” 2000 с. тэриллибит бааһынай хаһаайыстыба хороҕор муостааҕы иитиинэн дьарыктанар, 12 үлэһиттээх биир улахан хаһаайыстыба буолар. 240-ча төбө сүөһүнү кыстаппыттар, онтон 120-тэ ынах.
“Өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбалара Нам улууһугар халаан уутутуттан эмсэҕэлээбит дьоммутугар көмөлөһөргө бэлэмнэр. Ол курдук Хаҥалас, Амма, Чурапчы, Кэбээйи улуустарын бааһынай хаһаайыстыбалара көмө ыытары биллэрбиттэригэр махтанабыт”, — диэн Екатерина Стручкова эбэн эттэ.
Семен Аргунов