«Байанайдаах аар тайҕам» сэтинньи ыйга ананар Никольскай нэһилиэгин «Веснянка» оҕо уһуйаанын иитээччилэрин, үлэһиттэрин маҥнайгы тэрээһиннэрэ бүгүн И.С. Шарапов аатын сүгэр Сир музейыгар экскурсияҕа сылдьыынан саҕаланна.
«Өбүгэм төрүт дьарыга» диэн тиэмэнэн Никольскай нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, ытык кырдьаҕаспыт Егор Романович Леонтьев уһуйааммыт оҕолоругар анаан-минээн кэлэн кэпсээтэ, көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Булт-алт араас тэриллэрин, малларын-салларын туттаран, оҕолорго тиийимтиэтик бэйэтин мындыр көрүүтүттэн, киэҥ билиититтэн үллэһиннэ.
Үгүс элбэҕи билэн, билиилэрин хаҥатынан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Ытык кырдьаҕаспытыгар Егор Романовичка ыҥырыыбытын ылынан кэлэн, баай уопутуттан үллэстибитигэр улахан махталбытын биллэрэбит. Баҕарабыт уһун үйэни, дьоһун дьоллоох олоҕу.
З. Нератова-Тупсууна, Никольскай нэһилиэк, «Веснянка» оҕо уһуйаанын иитээччитэ