“Барҕарыы” үөрэнээччилэр I улуустааҕы кэмпириэнсийэлэригэр

СӨ дьоҕурдаах оҕолору өйүүр сыаллаах саха тылынан ыытыллар «Барҕарыы» кэмпириэнсийэ Нам улууһугар олунньу 2 күнүгэр В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйигэр бастакытын ыытылынна.

Саҥа тэрээһин туһунан үөрэнээччилэри научнай-практическай үлэҕэ сыһыарыыга эппиэттээх Люция Ушницкая кэпсиир.

— «Барҕарыы» кэмпириэнсийэ сыала: чинчийэр үлэ нөҥүө оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар, толкуйдуур сатабылын сайыннарыы.

Кэмпириэнсийэҕэ уопсайа 11 оскуолаттан 53 үөрэнээччи 9 хайысханан кыттыыны ыллылар: тыл үөрэҕэ, педагогика уонна уйулҕа билимэ, култуура уонна искусство, история, кыраайы үөрэтии, айылҕаны харыстааһын, математика уонна информатика, химия, бэйэ оҥорон таһаарыы.

Тэрээһин Намнааҕы үөрэх салалтатын начальнига Мария Игнатьева, лиссиэй директора Юрчана Парникова эҕэрдэлэринэн саҕаланна. Лиссиэй “Добун дорҕоон” түмсүүтүн уолаттара (сал. Василий Сивцев, Надежда Местникова) төрөөбүт дойду туһунан хоһоонунан, “Домисолька” бөлөх (сал. Наталья Булдакова) ырыаһыт оҕолоро “Оҕо саас ырыанан” эҕэрдэлээтилэр.

Экспертэринэн улуустааҕы методхолбоһук салайааччылара, Нам улууһун музейын, Намнааҕы пед. колледж преподавателлэрэ, улуус оскуолаларын уопуттаах учууталлара үлэлээтилэр. Үөрэнээччилэр Нам улууһун ытык сирдэрин, киэн туттар дьоммутун, М.К. Аммосов, И.Е.Винокуров, П.А. Ойуунускай, Ньургун Тимофеев республика сайдарыгар кылааттарын уонна саха суруйааччыларын айымньыларын дириҥник ырыппыттарын бэлиэтээтилэр. Дакылаатчыттар математика, информатика, химия курдук уустук предметтэргэ чинчийиилэри оҥорон сахалыы кэпсээбиттэрин биһирээтилэр.

Лиссиэйтэн Аммосова Лена, 8 кыл. Лауреат, (сал. Аммосова А.А.); Макарова Софи, 9а кыл. Лауреат (сал. Парникова Ю Ю.), Васильев Денис, 9а кыл. Лауреат (сал. Слепцов А.П.); Абрамова Вика, 10б, lll степеннээх дипломант ( сал. Аммосова Е.И.); Протопопова Клава (сал. Алексеева М.Н.) lll степеннээх дипломант буоллулар. Кыайыылаахтар салгыы республикатааҕы кэмпириэнсийэҕэ мэктиэлэннилэр.

Маннык тэрээһин үөрэнээччилэр ийэ тылларын толору баһылыылларыгар, төрөөбүт тылга харыстабыллаах сыһыан үөскүүрүгэр олук буолара саарбаҕа суох. Сылтан сыл сахалыы кэмпириэнсийэ ыыра кэҥээн, суолтата дириҥээн иһэригэр, төрөөбүт тылбыт сайдарыгар кыах биэрэн төһүү күүс буоларыгар баҕарабыт.

Мария Винокурова