Баскетбол – маассабай спорт

Хамаҕаттаҕа “Эрчим” спорт комплекска сэтинньи 9 күнүгэр Нам улууһун 124 үөрэнээччитэ баскетболга 3х3 оонньоото. Баскетбол күрэхтэһиитигэр 7-11 кылаас кыргыттара уонна уолаттара бастыыр иһин күрэхтэстилэр.

Нам улууһун оскуолалара буолбут баскетбол 3х3 күрэхтэһиитигэр 31 хамаанданы туруорбутун Намнааҕы оҕо спордун киинин дириэктэрэ Юрий Балаганскай этэр. Бу курдук улуус бука бары оскуолаларыгар физкултуура учууталлара маассабай оонньуулар күүстэрин ылалларыгар туругурда турдуннар, үлэлииргэ санаалара бөҕөргөөтүн.

Күрэхтэһии түмүгүнэн, 7-9 кылаас кыргыттарыгар Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола тэҥнээҕин булбатах; иккис Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола хамаандата уонна үһүс Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ буолбуттар.

7-9 кылаас уолаттара, 1 миэстэ – Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола; 2 миэстэ – Хатыҥ Арыы орто оскуолата; 3 миэстэ – улуустааҕы гимназия.

10-11 кылаас кыргыттарга, 1 миэстэ – Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола; 2 миэстэ – Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола; 3 миэстэ – Хамаҕатта орто оскуолата.

Уолаттарга, 1 миэстэ – Хатыҥ Арыы орто оскуолата; 2 миэстэ — Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола; 3 миэстэ – улуустааҕы гимназия.

“Кыайыылаахтары уонна бары оонньооччулары эҕэрдэлиибит! Махтаныахпыт этэ, көхтөөх кыттыыларын иһин хамаандаларга, оскуола дириэктэрдэригэр, физкультурниктарга! Баскетбол – маассабай спорт. Бу буолбут күрэхтэһии туоһулаан көрдөрөр, оҕолорбут маассабай спорка үөрэ-көтө оонньооһуннара”, – диир Юрий Сергеевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше