Бэс ыйын 8 күнэ — Социальнай үлэһиттэр идэлээх күннэрэ

Бэс ыйын 8 күнүгэр дойду үрдүнэн Социальнай үлэһит күнэ бэлиэтэнэр. Бу дьон кыһалҕатын бастакынан бэйэлэригэр ылынар, көмөлөһөр дьон бырааһынньыктара. Бэлиэ күнү көрсө Нам улуустааҕы социальнай харалта управлениетын начальнигын э.т. Наталья Шадринаны көрсөн үлэлэрин туһунан туоһуластыбыт.

-Биһиги управлениебыт судаарыстыба өттүттэн көрүллэр барыта 70-ча көрүҥ өҥөнү толоро олоробут. Олортон суолталаахтарын быһааран эттэххэ, СӨ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө 2022 с. олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал Ил Дархаммыт быһаарыытынан 2027 сылга диэри уһаабыта. Бастаан саҥа төрөөбүт оҕоҕо 100 тыһ. солк. суумалаах төлөбүр ананар эбит буоллаҕына, билигин 2024 с. суумата индексацияланан 110 775 солк. тэҥнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ хапытаалыгар» тохтоон аастахха, бастакы оҕо төрөөһүнүгэр көрүллэр төлөбүр 2019 с. олохтоммута, бу дохуоттан тутулуга суох биир кэмнээх төлөбүр буолар уонна суумата билигин 46 650 солк. тэҥнэһэр. Иккис оҕо төрөөһүнүгэр региональнай “Ийэ хапытаала” диэн төлөбүр баар. Онтубут федеральнай “Ийэ хапытаалын” 30 %-гар тэҥнэһэр уонна 2024 с. 249 907 солкуобай 42 харчы буолла. Иккиэн тэҥ кэриэтэ хайысхаларынан — дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, оҕо үөрэҕин төлөбүрүгэр, эмтэниигэ баралларыгар, о.д.а. хайысхаларга туһаныллыахтарын сөп. Бу сылтан дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт саҥа төлөбүр баар буолла. Ол курдук, эдэр дьон бастакы ыал буолуулара, иккиэн 25-гэр диэри саастаах уонна Саха сиригэр пропискалаах буолуохтаахтар. Кинилэргэ 50 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар. Аны 2023 с. саҥа төлөбүр киирбитэ. Ол курдук, үс онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сир учаастагын ылыыга уочаракка турар эбит буоллахтарына, онтон  аккаастаныахтарын сөп уонна 200 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтарын син. Манна биири санатар тоҕоостоох, ол курдук сертификаттар, төлөбүрдэр уу харчынан киһиэхэ илиитигэр бэриллибэттэр, барыта туһааннаах хайысхаҕа ыытыллаллар — дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, гааһы киллэттэриигэ, уоту тартарыыга, сир учаастагын атыылаһыыга. Биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи реестрга киирбит дьоҥҥо дьиэ усулуобуйатын тупсарарга субсидия диэн баар. Бу субсидияҕа уочарат нэһилиэктэр дьаһалталарыгар оҥоһуллар. Бастатан туран, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ усулуобуйатын тупсарынар наада буоллаҕына, миэстэтигэр уочаракка турар. Ону нэһилиэк дьаһалтата хамыыһыйалаан көрөр, усулуобуйата тугун, хайдаҕын быһаарар. Уочаракка ылар түгэннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи реестрга киллэттэрэбит. Билигин онно 2000-тан тахса киһи уочаракка турар. Биһиги улуустан 150-ча ыал бу реестрга баар. Былырыын сайабылыанньа биэрбит 15 ыал быйыл ити реестрга саҥа киирдилэр. Субсидия суумата улахан буолан, уочарат бытааннык хамсыыр. Былырыын биһиги улууспутуттан 1 ыал туһаммыта, быйыл 13 ыал уочараттара кэлэн, дьиэ ыларга хамыыһыйа быһаарыытын туттулар. Дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыгар наадыйар, ол иһин бу боппуруос сытыытык турар.

Эмиэ 2023 сылтан «Социальнай газификация» программатын чэрчитинэн «СТНГ» Намнааҕы производственнай учаастагын кытта бииргэ үлэлэһэбит.

Социальнай контракка федеральнай программанан көрүллэр көмө улахан аҥара үксүгэр оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ туһаайыллар, ол иһин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмөбүт биир сүрүн хайысхатынан буолар. Быйылгыттан суумата улаатта. Ол курдук, бэйэ дьыалатын арыныыга эбэтэр кэтэх хаһаайыстыбаны хаҥатыыга 500 тыһ. солк. суумаҕа диэри көмө ылыахха сөп. Манна кинилэр социальнай контракка киирсэр бизнес-былааннарыттан көрөн, бу киһи төһө сайдыан сөбүн, төһө дохуот киллэрэр туруктааҕыттан быһаарыы ылыллар.

Өссө доруобуйаларын туругун тупсарына, эмтэнэ барар эбэтэр баһаар, халаан уутун содулуттан ыксаллаах быһыыга түбэспит дьоҥҥо, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр материальнай көмө оҥоруута баар. Ити курдук үлэбит сүрүн хайысхаларыгар тохтоон аастым, үлэбит ис хоһооно киэҥ.

Бүгүн дойдубут үрдүнэн бэлиэтэнэр Социальнай үлэһит күнүнэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир биир идэлээхтэрбитин – Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин үлэһиттэрин, олохтоохторун, «Берегиня» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн оҕону иитии киин Намнааҕы салаатын үлэһиттэрин, бэйэбит улуустааҕы социальнай харалтаҕа управлениебыт үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин, урукку кэмнэргэ үлэлээн ааспыт коллегаларбытын идэлээх күммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Баҕарабын барыларыгар чэгиэн туругу, олоххо, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну, бары үтүөнү, сырдыгы, кэрэни!

Намнааҕы социальнай харалта управлениетыгар социальнай отдел биир тутаах салаанан буолар.

-Биһиэхэ 13 нэһилиэккэ кырдьаҕастары көрөр-истэр көмөлөһөөччүлэри кытта холбоон барыта 40 социальнай үлэһиттээхпит. Ол курдук, улууспут киинигэр Нам с. – 13, Хатырыкка —3, Үөдэйгэ, Никольскайга, Аппааныга, Хамаҕаттаҕа – 2-лии, 1 Хомустаахха, Модукка, Бөтүҥҥэ, Партизаҥҥа, 2 Хомустаахха, Граф Биэрэгэр, Маймаҕаҕа – 1-дии көмөлөһөөччүлэр бааллар. Кинилэр бары холбоон 74 соҕотох олорор кырдьаҕастары, кыайан хаампат инбэлииттэри көрөллөр-истэллэр, көмөлөһөллөр.

Былырыыҥҥаттан сэтинньи ыйтан саҕалаан федеральнай «Система долговременного ухода» пилотнай программаҕа киирэн үлэлиибит. Ол чэрчитинэн социальнай өҥө эбии тус программатын оҥоробут. Онно барыта 50 өҥө көрүллэр,  итилэргэ сыана быһан, хас биирдии киһиэхэ сөп түбэһэринэн, барсарынан өҥөтүн быһаарабыт уонна таһымҥа таһаарабыт. Барыта үс таһымнаахпыт – 3-с, 2-с, 1-кы уонна олорго олоҕуран чааһа эмиэ тахсар. Көрөр-истэр көмөлөһөөччүлэрбит бары Үлэ Кодексыгар олоҕуран 1 сылга үлэ дуогабара түһэрсиллэн үлэҕэ ылыллаллар, толору соцпакеттаахтар. Саҥа дьылга киирбиттэр уоппускаларыгар барыталаан эрэллэр.

Аны пилотнай программанан үлэлиир буоламмыт, кырдьаҕастарбытыгар көмөлөһөр сыаллаах «Школа ухода» үлэлиир уонна раебилитацияҕа анммыт техническэй тэриллэри (ТСР) босхо арендаҕа биэрэбит. Сүнньүнэн, үрдүүр-намтыыр ороннору, инбэлииттэр кэлээскэлэрин, таһырдьа күүлэйдэтэр кэлээскэни 36 киһиэхэ анаан, арендаҕа ылан бүтэрдилэр. Техническэй тэриллэр бары манна анал хоско көрдөрүүгэ туруоруллубуттара. Сыаналара наһаа ыарахан, холобур, хаамарга туһаныллар ходунок сыаната – 9 тыһ. солк., көннөрү орон – 30-тан тахса тыһ. солк., тахсар-түһэр орон – 100-чэ тыһ. солк. буолар. Онон ыараханнык ыалдьыбыт дьон өрүттүөхтэригэр, эбэтэр үтүөрүөхтэригэр диэри мантан арендаҕа ылаллара быдан табыгастаах буолар, атыылаһарга да олус ыарахан сыаналаахтар, – диир социальнай отдел сэбиэдиссэйэ Аксинья Белолюбская.

Ити курдук Намнааҕы социальнай харалта управлениетын үлэһиттэрэ идэлэригэр бэриниилээхтик дьон кыһалҕатын быһаарар сыаллаах, үтүөнү-сырдыгы, сылаас сыһыаны үксэтэр аналлаах үлэлии-хамныы сылдьаллар.

Касьян Олесов-Олук

 

Читайте дальше