Бэтэрээннэр сэргэхсийэн кэллилэр

Ыам ыйын 6 күнүгэр Нам улууһун бэтэрээннэрэ Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан СӨ норуоттарын доҕордоһууларын Дьиэтигэр Кыайыы 79 сылыгар анаммыт «Этот день мы приближали, как могли…» тэрээһиҥҥэ сырыттылар.

Хаҥаластан, Горнайтан, Намтан уонна куораттан ыҥырыллан мустубут тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна араас үөрэх кыһаларын устудьуоннарын, оскуолалар үөрэнээччилэрин, тэрээһин кыттыылаахтарын СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы Георгий Степанов, СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Кыайыыны уһансыбыт, эйэлээх олоҕу туппут аҕа саастаах көлүөнэ үтүө аата үйэлэр тухары өлбөөдүйүө суоҕа. Кыайыы күнүгэр кинилэри чиэстиир, кэриэстиир, ахтан ааһар ытык иэспит.

Бу тэрээһиҥҥэ СӨ норуотун артыыстара, саха национальнай инструменнарын оркестра, Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан үҥкүү национальнай театрын үҥкүүһүттэрэ, А., Н. Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балетнай оскуола үөрэнээччилэрэ, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура, искусство колледжын устудьуоннара о.д.а. кэлэктииптэр көрөөччү кэрэхсиир кэнсиэрин бэлэхтээбиттэр.

-Тыыл бэтэрээннэрэ сааһыран, бары айанныылларын, баралларын-кэлэллэрин ыарырҕаталлар. Манна, сүнньүнэн, нэһилиэктэртэн сэрии сылларын оҕолоро уонна общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар аҕам саастаахтар киирэ сырыттылар, — 15 киһилээх бөлөҕү салайбыт улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Софья Дмитриевна Кобякова.

Бэтэрээннэр сэргэхсийэн, дуоһуйа сынньанан кэлбиттэр. Бу тэрээһини СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Победа» ресурснай киин» тэрийбит.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше