Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтатын, тэрилтэтин салайааччылара олунньу 13 күнүгэр бары сахалыы таҥнан кэлэн, планерканы саха поэттара төрөөбүт сахабыт тылыгар анаабыт хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕан саҕалаатылар.
Нэһилиэккэ күн устата араас тэрээһиннэр ыытылыннылар, ол курдук Е.С. Сивцев -Таллан Бүрэ аатынан орто оскуолаҕа «Сахам тылын таптыыбын» диэн кылаас чаастара, 3-4-с кылаас үөрэнээччилэригэр «Таптыыр сахам тылынан» республикатааҕы акция дьыктаан, 5-10-с кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталлара, төрөппүттэрэ кыттыылаах «ТОК» оонньуу, культура киинигэр түөлбэлэр дьиэ кэргэттэрэ «Иһирэх сахам тыла» интеллектуальнай КВИЗ оонньууга кытыннылар. Барыта биэс түһүмэхтээх ( «Ийэ тыл», «Семен Новгородов», «Саха суруйааччыларын таай», «Өбүгэ үгэһэ» , «Поэт Таллан Бүрэ» ,»Өс хоһооннорун ситэр») оонньуу кыайыылааҕынан буоллулар — Марфа Березкина кыыһа Сонялыын («Чараҥ» түөлбэ). Иккис миэстэ — Полина Дьяконова сиэнэ Артурдуун («Сэргэлээх» түөлбэ). Үһүс миэстэ — Элина, Лолита Эверстовалар («Бөтүҥ» түөлбэ).
Бары кыайыылаахтар дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Таптыыр Сахабыт тыла сайда, чэчирии турдун!
Валентина Колесова