Бөтүҥнэр Оҕо саас сылынан үөрэнээччилэр аһылыктара босхо буоларыгар баҕараллар

СӨ Правительствотын үлэтин отчуоттуур Гаврил Кириллин салайааччылаах иккис бөлөх Бөтүҥҥэ үлэлээтэ.

Бөтүҥнэр тыын боппуруостара, 1956 сыллаах үөрэх дьиэтэ саҥардыы тутулларыгар. Ол курдук, нэһилиэккэ оскуола тутуута хонтуруолга сылдьарын Гаврил Витальевич бигэргэтэр.

Оҕо сырдык уһуйааҥҥа, оскуолаҕа сылдьарыгар ханнык баҕарар төрөппүт кыһаныаҕа, күүһүн ууруоҕа.

Ол эрээри, бэрээдэк быһыытынан бардаҕына, барыта олоххо киириэҕэ. Хас биирдии нэһилиэк бэйэтигэр тыын суолталаах социальнай объект дьиэлэрэ баар буолалларыгар туруорсар, үлэлэһэр.

Атыттар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көмө көрдүүллэрин, көтөҕөллөрүн курдук, бөтүҥнэр бу тула эмиэ ыйытыылары биэрдилэр.

Доруобуйа салаатыгар ыйытыылар турдулар. Медосмотр төлөбүрэ үрдээбитин, быраастар суолтатыгар эрэ көрөн барар курдуктара эмиэ этилиннэ.

Саха сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллибитинэн, үөрэнээччилэргэ бука барыларыгар туох да хааччах туруорбакка, үөрэх кыһаларыгар аһылык төлөбүрэ суох буоларыгар сонун этии киллэрдилэр.

Харысхан Попов

Читайте дальше