Биир идэлээхтэрбитигэр илиибитин утары уунабыт

Нам улууһун кэккэ нэһилиэктэригэр үөйбэтэх өттүлэриттэн халаан уута тахсан үгүс хоромньуну көрүһүннэрдэ. Ууга барбыт нэһилиэктэргэ, олохтоохторго үгүс көмө оҥороннор санааларын бөҕөргөтөллөр. Нам улууһун культуратын үлэһиттэрин идэлээх сойууһа биир идэлээхтэригэр өйөбүл буолаллар.

Бу күннэргэ халаан уутун хоромньутун туоратыыга, ууга дьиэлэрэ барбыт дьоҥҥо коллективтара, волонтердар, биир дойдулаахтара сааһыланыыга да, материальнай да өттүнэн күүс-көмө буола сылдьаллар. Ол курдук, улуустааҕы культура үлэһиттэрин сойууһа Хатырык нэһилиэгэр биир идэлээхтэригэр, сойуус чилиэннэригэр, ветераннарыгар көмө буоллулар. Салгыы бу курдук халаан уутуттан эмсэҕэлээбит бииргэ үлэлиир коллегаларыгар көмөлөһүөхтэрэ.

Александра Парникова, Нам улууһунааҕы культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун председателэ: «Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит биир идэлээхтэрбитигэр көмөлөһөр, болҕомто уурар, санааларын көтөҕөр сорун сорукпут буолар. Ыам ыйын 23 күнүгэр Хатырыкка идэлээх сойуустан 8 буолан М.К. Аммосов аатынан государственность историятын музейын ветераныгар Светлана Ивановна Поповаҕа тиийэммит субуотунньуктаатыбыт. Халаан уута дьиэ иһигэр-таһыгар баары барытын имири суурайбыт. Культура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтэ ыарахан балаһыаннаҕа түбэспит 41 улууспут идэлээх сойууһун чилиэттэригэр көмө үп ыыттылар. Итини сэргэ, бүгүн гуманитарнай көмө аҕаллылар уонна дьиэлэрин уу ылбыт үлэһиттэри кытары көрүстүлэр. Дьон малын, таҥаһын, аһын-үөлүн таһынан дьиэ кэргэн, уруу-аймах архивнай материалын суурайбыта хараастыылаах».

Субуотунньукка бэйэлэрин баҕа санааларынан кыттыспыт 1 Хомустаах «Алгыс» норуот айымньытын киинин үлэһиттэригэр – тыас-уус операторыгар Иван Васильевка, системнай администраторга Сергей Барабанскийга, харабылга Тимофей Егоровка, илдьибит-аҕалбыт суоппардарга Айылҕан Сивцевкэ, Николай Азаровка махталларын тиэрдэллэр.

Семен Аргунов

Читайте дальше