Нам улууһун Модутугар атырдьах ыйын 25-26 күннэригэр ыччакка уонна аҕам саастаахтарга өрөспүүбүлүкэтээҕи туристическай-патриотическай «Связь поколений» слет буолан ааспыта.
Нам улууһуттан “Эҥсиэли” (12 очукуо) уонна “Дьулуур” (15 очукуо) хамаандалара утуу-субуу 1-2 миэстэҕэ тахсан турбуттара. Нам улууһун хамаандалара “туристическай эстафета”, “огневой рубеж” слет сүрүн түһүмэхтэригэр үчүгэй көрдөрүүнү ситиспиттэр.
Ленскэй нэһилиэктэн турбут “Эҥсиэли” хамаанда “Веселые старты” түһүмэххэ 2 мүн. 43 сөк. бириэмэни көрдөрөн таһыччы үчүгэйдик кыттыбыт. Манна хамаанда бэйэни өйдөһүүтэ, убаастабыллаахтык сыһыаннаһыыта, биир тыынынан сылдьыыта көстүбүтэ бигэргэнэр. Ону кыттааччылар санаалара да көрдөрөр:
“…Атын хамаандалар наһаа сөхтүлэр, махтаннылар уонна “наһаа да үчүгэй председателлэрдээх эбиккит” диэтилэр. Кырдьыга да, оннук!…”
“…Нэһилиэктэр дьаһалталара, улуус, нэһилиэктэр ветераннарын сэбиэттэрэ, нэһилиэнньэ өйөбүллэринэн уонна көмөлөрүнэн тардыллыбыт мааны остуолу ыалдьыттар көрөннөр “кырдьык даҕаны, намнар ыалдьытымсахтар” диэн сөрү-сөхтүлэр…”
“…Биир иллээх хамаанда тэрийэн, түмэн, ис сүрэхтэриттэн долгуйан, тэбис-тэҥҥэ иннигэр-кэннигэр сүүрбүт-көппүт нэһилиэк ветераннарын сэбиэтин уонна спорт сэбиэтин салайааччыларыгар махтанабыт. Биһигиннээҕэр элбэҕи сүүрбүт, сыратын биэрбит, умнуллубат түгэни үйэтиппит “Эҥсиэли” хаһыат общественнай корреспондена, видеографпытыгар Лена Корякинаҕа махтанабыт…”
“…Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата, П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аат. Олонхо дьиэтэ уонна иллээх хамаандабыт хас биирдии чилиэнэ чаҕылхай кыайыыны ситиһэрбитигэр бары күүскүтүн, кыаххытын, сатабылгытын, санааҕытын ууран көмөлөспүккүтүгэр, күрэхтэспиккитигэр истиҥ махталбын тиэрдэбин!…”
“…Бары үтүөнү, сырдыгы, чэгиэн доруобуйаны, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Санаабыккыт салалла, толкуйдаабыккыт табылла туруохтун!…”
Тихон Карамзин, Намнааҕы спорт сэбиэтин председателэ:
— Нам улууһун хамаандалара чаҕылхай кыайыыларынан эҕэрдэлиибин. Инникитин Наммыт туһугар диэн ситиһиилэри баҕарабын. Бэлиэтиэм этэ: Ленскэй нэһилиэк ветераннарын уонна спорка ветераннарын сэбиэттэрин председателлэрэ дьоннорун сатабыллаахтык түмэн, биир тылы булбуттарын. Хамаанданы эрэх-турах санаалаабыт, туруктаабыт эдэр спортинструктор Владлен Сергеевы хайгыы көрдүм. Эрэллээхтик, табыллан күрэхтэһэн кыайыыны ситистилэр.
Намнар куруутук инники сылдьарбытыгар түмсүүлээх буолуохха. Улууска ыытыллар сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы спартакиадаларга маннык көхтөөхтүк кыттаргыгар ыҥырабын. Ыытыллар тэрээһиннэргэ биир киһи курдук суулаһан, көмө, өйөбүл баарын биллэрэн сылдьыахха.